10 месяцев назад 296
Ноҕуруодап уҥуоҕар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут
Саха алпаабытын оҥорбут лингвист учуонай С.А. Новгородов төрөөбүт олунньу 13 күнүн бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев 1996 сыллаахха Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэрбитэ.
Бу күн Санкт-Петербург куоракка, Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайыытынан, Смоленскай кылабыыһаҕа, Ксения Петербургская часовнятын аттыгар, С.А. Новгородов уҥуоҕар сахалар мустан, сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Бэрэстэбиитэлистибэттэн С.Константинов, Е. Петров, “Саха – Санкт-Петербург” уопсастыба салайааччыта Г.А. Троев, уопсастыбанньык Н.К. Харлампьева, устудьуоннар бааллар.
С.А. Новгородов уҥуоҕар кэлбиппитигэр, ким эрэ эрдэ кэлэн, гвоздика уурбута уратытык кытара кыыһан сытара. Кини төрөөбүт күнүн биһиги эрэ бэлиэтии кэлбэтэхпитин, норуот билинэрин туоһулаан.
Гаврил Афанасьевич Троев – биллиилээх тустуук, көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус спордун маастара, Лесгафт аатынан физкультура институтун преподавателинэн, тренеринэн үйэтин тухары үлэлээбитэ.
Биһиги биир дойдулаахпыт, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Надежда Климовна Харлампьева – историческай наука кандидата, Санкт Петербург государственнай университетын преподавателэ, “Новейшая история” предмет лиэксийэтин нууччалыы да, английскайдыы да тылынан холкутук ааҕар, аныгы кэм сахатын биир чаҕылхай кыыһа. Кэргэнэ эмиэ саха уола, маһынан араас оҥоһугу оҥорор, маһы ыллатар уус. Надежда Климовна, Сэмэн Новгородов туйаҕын хатаран, Петербург куорат саамай кылаабынай үрдүк үөрэҕин кыһатыгар айымньылаахтык үлэлиир.
Семен Андреевич барахсан олох эдэр да сылдьан бараахтаабыт эбит, баара- суоҕа 32 эрэ сааһыгар. Кылгас гынан баран, олох чаҕылхай олоҕу олорбута, элбэҕи айан-тутан хаалларбыта, саха суругун-бичигин оҥкулларын, саха алпаабытын оҥорбута.
Мин кини кэргэнигэр нуучча тылынан анаабыт хоһооннорун ааҕан сөхпүттээхпин. Хайдахтаах курдук өрө күүрэн, наһаа истиҥ-иһирэх тылларынан күүстээх тапталын, дириҥ иэйиитин сонуннук этэрин.
Кини төрөппүт кыыһа Елена Семеновна Новгородова тыыннааҕар сахалар бырааһынньыктарыгар наар сылдьара. Наһаа кэрэ дьүһүннээх бааһынай дьахтара ханнык баҕарар түгэҥҥэ тута экспромтом хоһоон айан кэбиһэр талааннааҕа. Аҕатын тылга дьоҕура, чахчы, бэриллибит этэ. Сыыспат буоллахпына, Герцен аатынан университекка омук тылын кафедратын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, ньиэмэс тылын үөрэхтээҕэ, филологическай наука кандидата.
Сахалар улуу киһибитигэр, улахан учуонай С.А.Новгородовка, ити курдук нөрүөн нөргүйэн, ахтан- санаан аастыбыт.
Мария Неймохова.