11 месяцев назад 324
Саха Сирин эмтээх үүнээйилэрин биир бастакынан чинчийбит учуонай аатынан ааҕыылар
Оскуола бибилэтиэкэтигэр алын сүһүөх кылаас оҕолорун кытта олоробун. “Хайа, ким ааҕыыларга кыайардыы кэллэ?” – диэн ыйытар учууталлара. Онуоха: “Мин, мин!” – диэн бары былдьаспыттыы эппиэттииллэр. “Маладьыастар, бойобуойдуу туруктаах кэлбиккит үчүгэй!” – диэн хайгыыр. Онтон оҕолор, биир-биир чугаһаан, учууталларыгар дакылааттарын кэпсээн, бэлэмнэммитинэн бараллар. Бу кырачаан кыттааччылар Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтин А.И. Софронов-Алампа аатынан 1-кы №-дээх оскуолатыттан кэлбиттэр.
Улахан Күөлтэн маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх учуонай, биология билимин хандьытаата, Саха Сирин эмтээх үүнээйилэрин биир бастакынан чинчийбит бөдөҥ ботаник-ресурсовед, Саха судаарыстыбаннай университетын ботаникаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, биологическай факультет декана, үөрэх чааһын проректора, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, хас да научнай уонна үөрэх кинигэлэрин ааптара, нууччалыы-сахалыы терминология тылдьытын оҥорбут, итиэннэ Чурапчы улууһун бастакы артековеһа Афанасий Акимович Макаров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Макаров ааҕыылара Уһун Күөл оскуолатыгар ыытылынна.
Афанасий Акимович Макаров кэлэр кэнчээри ыччакка анаабыт:
«Үүнэр кэрэ кэскилгэ
Үтүө тирэх буолааччы,
Үөрүү дьиҥнээх мэктиэтэ
Үлэ диэн баар дьиҥ чахчы.
Олох устун хаамсыаҕыҥ,
Ордук кэрэ ыралаах,
Үөрэниэҕиҥ – үлэлиэҕиҥ
Өрө күүрдэр ырыалаах»
диэн алгыс тылларынан салайтаран, оҕолор чинчийэр үлэҕэ холоннулар, наукаҕа бастакы хардыыларын оҥордулар.
Ааҕыыларга учуонай уола, физика уонна математика билимин хандьыдаата, Ю.Г. Шафер аатынан космофизическай чинчийии уонна аэрономия институтун научнай үлэһитэ Георгий Афанасьевич Макаров кэлэн кыттыыны ылла.
Сылаҥ нэһилиэгин баһылыга Егор Иннокентьевич Макаров, Улахан Күөл нэһилиэгин А.А. Макаров аатынан сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын дириэктэрэ Федор Федорович Иванов, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Ираида Григорьевна Винокурова тыл эттилэр.
“Олунньу 10 күнүгэр А.А. Макаров төрөөбүтэ 100 сыла. Күн бэҕэһээ биһиэхэ үчүгэй сурах кэллэ. Биир дойдулаахтарбыт, Макаровтар удьуор утум, Олунньутааҕы сүбэ мунньахха педагогическай династия буолбут бэлиэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар. Биһиги кинилэри эҕэрдэлиибит уонна сүҥкэн көмөлөрүн иһин махтанабыт.
Түгэнинэн туһанан, өссө биир үөрүүбүтүн үллэстиэхпитин баҕарабыт. Аҕыйах хонугунан саҥа спортивнай саалабытын арыйыахпыт. Оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар, доруобуйатын тупсарарыгар ордук үлэлэһэбит. Сайыҥҥы өттүгэр онно лааҕыр буолуо. Оҕолор эмтээх үүнээйилэри хомуйуохтара. Оскуолабыт тэриллибитэ 60 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Онно ытык киһибит А.А. Макаров аатыгар сүгүрүйэммит, бюһун туруорар былааннаахпыт. Үбүлүөйү көрсө, оскуолабытыгар куонкурус биллэрбиппит: бу үөрэх дьылыгар ким бастакынан сүүс “5” сыананы ылбыкка, ити кирбиигэ бастакынан тиийбиккэ – бириэмийэ ананар диэн. Иккис кылаас үөрэнээччитэ Тимофеева Маша, элбэх “туйгун” сыананы хомуйан, бу бириэмийэни тутарабын, – диэтэ оскуола дириэктэрэ Ф.Ф. Иванов уонна Ааҕыыларга кытта кэлбит үөрэнээччилэргэ ситиһиилэри баҕарда.
Учуонай уола Георгий Афанасьевич Макаров бу курдук ахтыыны оҥордо: “Сайын Кытаанах оскуолатын үөрэнээччитигэр “Артек” лааҕырга путевка биэрбиттэр. Чурапчы нэһилиэгэр да сылдьыбатах оҕоҕо. Ийэтэ ыытымаары гыммыт. Ыраах айаҥҥа барар таҥаһа да суох эбит. Боростуой, саха тыа ыалын оҕотугар туох кэлээхтиэй? Ону бииргэ дьукаахтаһан олорооччулара, чугас ыаллара көмөлөһөн-бөрөөн, тэрийэн ыыппыттар. Эдьиийбит Ольга Акимовна бинсээгин алдьаттаран, таҥас тиктэрэн, аҕыйах күн иһигэр син барытын бары хааччыйбыттар, туттарыгар харчы биэрбиттэр. Аны барар тиэхиньикэ суох буоллаҕа дии. Толооҥҥо сүтэ сылдьар аты ыйаннар, оҕо барахсан ол аты көрдөөн булан ылан, айанныыр көлөлөммүт. Чурапчыга тиийэн: “Туох элбэх үгүс дьиэлэрдээҕий, элбэх дьоннооҕуй?” – диэн соһуйбут. Сөмөлүөккэ көтөрүгэр, былаатынан кулгааҕын үрбэтин диэн баайан ыыталлар.
Артекка тиийбитигэр, кинини харантыын курдукка хаайбыттар. Онно кырдьаҕас быраас үлэлиир эбит. Ол киһи көрөн баран: “Сокольников диэн бырааһы билэҕин дуо?” – диэн ыйыппыт. Хаһан да истибэтэх киһитин сураспыт. Ону: “Бэйэҥ биир дойдулаахтаргын билиэхтээххин”, – диэн эппит. Сокольников диэн Боотуруускай улуус бырааһын “Артек” лааҕыр бырааһа билэр эбит. Афанасий Акимович наһаа ыраас буочардаах киһи этэ. Олус үчүгэйдик нууччалыы билэрэ, үөрэҕэр олус дьоҕурдааҕа. Тылга наһаа куонкурустаах диэн, биология хайысхатын талбыт. Биологиятын быыһыгар терминология салаатыгар күүскэ үлэлээбитэ. Кини туйаҕын хатараннар, икки сиэнэ – наука үлэһиттэрэ. Докторскайын көмүскээри сылдьан, орто дойдуттан суох буолбута кыһыылаах. Суох буолар сылыгар дойдутугар тахса сылдьыбыта. Ол сыл күһүн суох буолбута. Онон билим дуоктара буолуох киһи хаалбыта. Ол үлэтин сүүрбэччэ сыл буолан баран “Наука” издательствоҕа таһаартарбыппыт. Бүгүҥҥү тэрээһин кыттыылаахтарыгар баҕарыам этэ үөрэххэ, наукаҕа тардыһыҥ диэн”.
Ааҕыыларга барыта 9 сиэксийэ үлэлээтэ. Томпоттон, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттатан, Амматтан, Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан уонна Чурапчы улууһун оскуолаларыттан барыта 261 оҕо уонна педагог кыттыыны ылла. Кэтэхтэн күрэххэ – 317 үлэ Дьокуускай куораттан, Өймөкөөн, Орто Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Эбээн- Бытантай, Аллайыаха, Хаҥалас, Уус Алдан, Горнай улуустарыттан киирдэ.
Барыта 21 эксперт кэлэн үлэлээтэ. Макаров Георгий Афанасьевич уонна кини кэргэнэ Макарова Ирина Петровна, биологическай наука хандьыдаата, энтомолог Попов Анатолий Анатольевич, ХИФУ естественнэй наукаларга институтун биологияҕа салаатын ассистена Пономарев Иван Васильевич, техническэй наука хандьыдаата Портнягина Виктория Витальевна, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын биологическай институтун научнай сотруднига Филиппова Виктория Афанасьевна, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Винокурова Ираида Григорьевна, СӨ уонна РФ доруобуйаҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ Иванова Валентина Афанасьевна, РФ үтүөлээх пилота Иванов Виталий Степанович, Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын бэтэрээн учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Макаровтар учуутал удьуор утумнарын бэрэссэдээтэлэ Пономарева Татьяна Егоровна уо.д.а.
Ааҕыыларга ЛАУРЕАТ үрдүк аатын сүктүлэр:
“А.А. Макаров олоҕун, үлэтин туһунан” сиэксийэҕэ Гран-при – Трофимова Айыллаана (Улахан Күөл, VII кылаас) уонна лауреат буолла Трофимов Сайаан (Улахан Күөл, II кылаас).
“Чөл олох уонна мэдиссиинэ” сиэксийэҕҕэ – Сылаҥ орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ Трофимова Вероника.
“Көҥүл тиэмэ” – Болтоҥо оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Кривошапкина Света.
“Уруһуй” – Искусство оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ Эверстова Далаана.
“Уһуйаан иитиллээччилэрэ” – Чурапчы “Туллукчаан” дьыссаатын иитиллээччитэ Макарова Айталыына.
Ити курдук хас сиэксийэ аайы биирдии лауреат, I, II, III степеннээх дипломаннар ааттаннылар уонна 3-4 оҕоҕо анал ааттар туттарылыннылар.
Таатта улууһун Игидэй Э.К. Пекарскай аатынан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Петрова Дайаана, Потапов Слава, Иванов Алеша, Захарова Сайыына, Иванова Марианна, Захарова Айыына, Егорова Люба уо.д.а. ситиһиилээхтик кытыннылар. Салайааччылара – Иванова Саргылаана Алексеевна, Попова Гизелла Софроновна, Бойтунова Альбина Васильевна.
Макаров ааҕыылара олус үрдүк таһымҥа буолан ааста. Чулуу киһилэрин аатыгар ыытыллыбыт тэрээһин элбэх кыттааччыны түмтэ. Оскуола дириэктэрэ Федор Федорович Ивановка, Сылаҥ нэһилиэгин баһылыга Егор Иннокентьевич Макаровка махтанан тураммыт, оҕо сайдыытын туһугар ыытар үлэҕит киэҥ далааһыннаах, үгүс ситиһиилээх буоллун диибит. Нэһилиэккит, оскуолаҕыт үүнэ-сайда турдун!
Гизелла Софроновна Попова.
Игидэй, Таатта.