10 месяцев назад 525
Кэрэ көмүскэлигэр…
Ленинград куората блокадаттан босхоломмута 80 сылын туолла. Онон сибээстээн П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра ”Кэрэ көмүскэлигэр” диэн испэктээги саҥалыы туруоран премьералаата.
Былырыын ”Блокада килиэбэ” аахсыйа туһунан ыстатыйабар маннык суруйбут эбиппин. Ону уопсай билиһиннэрии быһыытынан ахтан аһарыым:
”Блокада 1941 сыл балаҕан ыйын 18 күнүттэн 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр диэри 872 уһун унньуктаах күн устата барбыта. Итинник уһун блокада ханна да буолбатаҕа. Ленинградка 3 мөлүйүөн кэриҥэ киһи олорбут буоллаҕына, блокада бүтэригэр 580 тыһыынча киһи хаалбыта. Араас источниктар чахчыларынан, блокада кэмигэр 600 тыһыынчаттан балтараа мөлүйүөҥҥэ тиийэ киһи суорума суолламмыта дииллэр. Олортон 3%-на сэрии сэбиттэн, артналеттан, бомбаттан өлбүттэр. 97% киһи хоргуйан тыыннара быстыбыт. Килиэп нуормата 5-тэ уларыйбыт. Манна саамай кыра нуорма 1941 сыл сэтинньи 20 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр диэри – 125 кыраамҥа тиийэ түһэ сылдьыбыт. Онтон Ладога күөлүн нөҥүө ”олох суола” арыллан, кыралаан да буоллар, нуорма эбиллэн барбыт. Ол да килиэптэрэ уотурба, жмых булкаастаах бурдуктан оҥоһуллара. Уута саккырыы сылдьар инчэҕэй туой буор курдуга. Блокада кэмигэр А.Островскай аатынан театральнай институкка үөрэнэр 32 оҕо Саха Сириттэн баара. Сэрии буолаатын кытта, уолаттар аармыйаҕа тылланан барбыттара. Хаалбыттар үөрэнэ-үөрэнэ, траншея хаһыытыгар, араас бөҕөргөтүүнү оҥорорго үлэлииллэрэ”.
Дьэ, бу «Кэрэ көмүскэлигэр” испэктээк саха устуудьуйатын устудьуоннарын туһунан. Артыыс буолар ыралаах оҕолор мустан, Ленинград курдук сүдү куоракка кэлэн үөрэнэр дьолломмуттарын, үөрэхтэрин бастакы хардыытын долгуйа көрөҕүн.
Сыанаҕа улахан түннүк турар – испэкэтээкпит ол иннигэр оонньонор. Улахан хара рояль, сиэркилэ – онтон атын туох да ордук хос атрибут суох. Оччотооҕу кэм курдук тыйыс көстүү (худуоһунньук – Лена Гоголева).
Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены быйыл бүтэрбит оҕолор оруоллары толордулар. Кинилэр идэтийбит артыыс быһыытынан тыйаатыр сыанатыгар бастакы тахсыылара, сүрэхтэниилэрэ. Онон долгуйуу да баһаам буолуохтаах.
Оҕолор мусуойу астына көрөллөр. Станокка туран, үҥкүү бастакы хамсаныылара, фехтование уруога, бастакы этюд…
Кып-кыра кыыс (А.Иванова) ойон тахсан тойуктуура, ону оҕолоро тохтотоллоро көрөөччүлэри сэргэхситтэ.
Оҕолор омуннаах, көрбөтөхтөрүн көрөн, саҥа аллайыы бөҕө. Кинилэр сырдыкка-кэрэҕэ тардыһарга аһаҕас буоллахтарына, преподавателлэр – дьиҥнээх нуучча интеллигеннэрэ. Саха Сирин курдук ыраах кытыы сир ускуустубатын сайыннарарга ис сүрэхтэн кыһаллан туран дьарыктыыллар. Бааһынайдыы дьүһүннээх артыыстар дьиҥ олоххо баар преподавателлэр, мусуой үлэһиттэрин уобарастарын арыйдылар. Театральнай этюду көрдөрөргө биһиги оҕолорбут омун-төлөн, ыһыы-хаһыы бөҕө.
Өйдүүбүн ээ, мин оҕо эрдэхпинэ, тыа кулуубугар итинник курдук натуралистичнайдык оонньуур этилэрин. Көрөөччүлэр да ону биһириирбит, үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт. «Биэс тарбах доҕоро бинтиэпкэ тиҥийэр» диэн баран, биэс тарбаҕын сараччы көрдөрөрө. ”Мин өллүм” диэн баран, өлөн сууллан түһэр буолара.
Оннук курдук көрдөрбүттэрин преподаватель (Е.Сергеева- Румянцева) үчүгэй баҕайытык быһаарар, өйдөтөр. Нуучча театральнай оскуолатын ньымаларыгар бастакы уруогу биэрэр. Саха тыйаатыра нуучча театральнай оскуолатын, Станиславскай ньыматын иҥэринэн сайыннаҕа.
Араас испэктээктэртэн персонажтар саҥата суох позаларын көрдөрөн, көлүөһэ эргийэр. Итини режиссер Р.Тараховскай бэркэ толкуйдаабыт, оҕолор туохха үөрэммиттэрин тута өйдүүгүн.
Исай Попов (И.Кузьмин) эдэркээн преподавателигэр (А.Лавернова) сыһыана, таптала, онтон сылтаан Отелло оруолугар Дездемонатын (С.Федотова) дьиҥнээхтик муомахтыы сыһар. Дьиҥнээҕэр таптаабытын дуу, суоҕун дуу билбэтэрбин да, итинник буолуон сөп дии саныыбын. Артыыс үөрэҕэр күнү быһа бииргэ алтыһан үөрэнэллэр, дириҥ иэйии үөрэнээччи икки, учуутал икки ардыгар үөскүөн сөп.
Устудьуон кыргыттартан муусукаҕа уһуйар эдэр преподаватель (Р.Тараховскай) килбигийэр. Барыта ыраас, истиҥ сыһыан.
Онтон… этиҥ эппитинии, сэрии буолбутун биллэрии, Левитан чиҥ-чаҥ куолаһа…Уолаттар сэриигэ бараллар. Биир уол сэриигэ ылбатахтарыттан хомойор. Оччолорго патриотизм диэн күүстээх этэ, омугуттан тутулуга суох, бары сэбиэскэй дьон буоллахпыт.
Казах поэта Джамбул Джабаев хоһооно иһиллэр:
Ленинградцы, дети мои!
Ленинградцы, гордость моя!
Мне в струе степного ручья
Виден отблеск невской струи.
Если вдоль снеговых хребтов
Взором старческим я скользну —
Вижу своды ваших мостов,
Зорь балтийских голубизну,
Фонарей вечерних рои,
Золоченых крыш острия…
Ленинградцы, дети мои!
Ленинградцы, гордость моя!
Кыргыттар хаалан үөрэнэллэр. Блокада саҕаланар. Дьон, араас иһити туппутунан, уу ылаары уочараттыыр. Преподавателлэр кинигэлэри, салаасканан да, илиилэринэн да таһаллар. Үөрэх салҕанарын туоһулууллар. Устудьуоннар үөрэнэллэр бүтэһик тыыннарыгар диэри.
Дьиэлэри оттубат буоланнар, олус тымныы, чэй оргутарга даҕаны мас суох, онон оттор мас көрдөөһүнэ. Устудьуон уол миэбэл маһын аҕалар. Онтон сүгэтин туппутунан: ”Рояль ньиэмэстэр киэнэ, син биир ким эрэ оттуо”, – диэбитин, оҕолор бары саба түһэн быыһыыллар. Бу түгэҥҥэ рояль, хайдах эрэ, КЭРЭ символын курдук. Онно кэлэн муусукалыыллар. Испэктээк былаһын тухары сыанаҕа турар.
Хоргуйан өлүү, кыайан турбат буолан сытар уолчаан илиитинэн бүтэһик сапсыныыта, ытаһыы-соҥоһуу… Таня Монастырева (С.Федотова) мөлтөөн, кыргыттарын бүтэһигин уулааҕынан-хаардааҕынан сайыһа көрөн хаалара, хамнаабат өлүгү преподавателлэр соһон илдьэ бараахтыыллара – олус ыарахан хартыына. Таня барахсан мааны былаачыйатын укпут чымадаанын кыргыттарга быраҕан, бу былаачыйа дойдутугар тиийэн, дьүөгэтэ кэтэн турар.
Сэрии иннинэ аҕай Георгий Борисовы (П.Домотов) НКВД- лар тутан илдьэ бараллар. Георгий Борисовы билэр этим. Наһаа сэргэх, чоҕулуччу көрбүт оҕонньор этэ. Биллиилээх суруналыыс буолбута. Буруйа да диэн, Эмиэрикэ бачыыҥкатын хайҕаабыта буолар. Ол иһин 15 сылга хаайыыга түбэһэн, толору олорон тахсыбыт. Барахсан, самнан хаалбакка, күүстээх санаатынан биллэр киһи буоллаҕа. Сэрии буолаары, олохпут тыҥаан аҕай турдаҕына, быраабы араҥаччылыыр, бэрээдэги көрөр уорганнар сэргэхтэрин, кэтииллэрин сүтэрбэттэр буоллаҕа. Баҕар, ол наадалааҕа буолуо эрээри, тустаахха наһаа ыар, тыйыс бириигэбэр. Киһи хомойоро диэн, бэйэтин кытта бииргэ үөрэнэр саха уола үҥсэн биэрбит. Хаайыыга сирэй көрүһүннэриигэ аһара абаран, ол уол сирэйигэр силлээбит этэ. Хаайыыттан тахсан баран, Дьокуускайга утары көрсө биэрбит, аахсыан санаталаан баран, хаайыыга иккиһин түбэһиэм диэн тэскилээбит, куоппут.
Испэктээк бүттэ. Көрөөччү туран эрэн ытыстарын таһыннылар. Ол кэннэ сыанаҕа туруорааччылар таҕыстылар. Режиссер Руслан Тараховскай испэктээк устуоруйатын сырдатта.
Тыйаатыр уус-уран салайааччыта, биллиилээх режиссер Андрей Борисов эбээтин кытта бииргэ төрөөбүт кыыс Татьяна Монастырева эбит. Биллиилээх артыыстар Спартак Федотов, Т.Мыреева уо.д.а аймахтара үөрэммиттэр эбит.
Исай Попов кэлин эмиэ суруналыыс буолбута. Томпоҕо үйэтин тухары оройуон хаһыатыгар норуодунай суруйааччы Егор Неймохов күтүөтүн, эмиэ сэрии кыттыылааҕа Афанасий Корниловы кытта бииргэ үлэлээбиттэрэ. Мааны да дьон этилэр.
Аймахтарын хаартыскатын туппутунан, дьон сыанаҕа таҕыстылар.
Ити курдук Ленинград блокадаттан босхоломмутун 80 сылын П.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра бэртээхэй премьеранан бэлиэтээн ааста. ”Театр. Якутия. Ленинград” диэн сабыс-саҥа тахсыбыт кинигэни атыылаһан, кыбынан дьиэлээтим.
Испэктээккэ оонньообут саҥа артыыстарбыт бары да наһаа талааннаахтар, олох маладьыастар эбит. Биһиги Сахабыт тыйаатыра кэскиллээх артыыстарынан байбыт, оҕолор эдэрдии эрчимнэринэн тыйаатыры өссө сайыннарыахтара дии санаатым.
Мария Неймохова
27.01.2024 с