11 месяцев назад 1141
Култуура – дойду СИЭРкилэтэ
Таатта оройуона тэриллибит күнүн көрсө, ахсынньы 20 күнүгэр Дьокуускай куоракка, Саха тыйаатырыгар, Таатта култууратын салалтата “Култуура – дойду сиэркилэтэ” диэн аһаҕас кэпсэтиини тэрийэн ыытта.
Атах тэпсэн олорон, салгыы сайдар суоллары тобулар сэһэргэһиигэ Дьокуускайга култуура эйгэтигэр айа-тута үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарын ыҥырбыттар.
Туох барыта ырылхайдык тэйиччиттэн ордук көстөр дииллэринии, ыраахтан уонна тастан кэтээн көрөр дьон сүбэ-соргу тыллары эттилэр, киэҥ эйгэҕэ сылдьар дьон сиэринэн, дьоһуннаах этиилэри киллэрдилэр.
А.Е. Кулаковскай институтун старшай научнай үлэһитэ Светлана Дарбасова:
– Людмила Реасовна тыыннааҕар улуустарга Өксөкүлээх алтыһан ааспыт дьонун испииһэктэрин оҥорон биэртэлээбитэ. Ол дьон туһунан хасыһан суруйдахтарына, Саха Сирин IX-XX үйэлэрин историята бэйэтинэн тахсан кэлиэхтээх. Ити соругун бастакынан мэҥэлэр толордулар. “А.Е. Кулаковскай уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоно: ахтыылар, источниктар” диэн кинигэни бэлэмнээн уонна бэчээттээн таһаара оҕустулар. Былырыын 2022 с. Ил Дархан Өксөкүлээх 5 сылын биллэрбитэ. Чэйиҥ, ити болдьоммут кэрдиис кэм иһигэр дойдутун дьоно – таатталар – Өксөкүлээх эргимтэтин туһунан кинигэни таһаарыаххайыҥ. Өймөкөөннөр номнуо оҥорон саҕалаабыттар.
Иккиһинэн, Манчаары оонньууларын көннөрү спортивнай күрэх эрэ курдук ыыппакка, интеллектуальнай өрүтүн эмиэ көрдөрүөх кэриҥнээхпит. Тоҕо диэтэххэ, Манчаары туһунан үһүйээннэри биир бастакынан Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбута. Оттон Алампа “Манчаары” драмалааҕын билэҕит. Анал былаһаакка тэрийдэххэ, наһаа үчүгэй кэпсэтии тахсыа этэ. Ис хоһоонун торумнуурга мин бэлэммин.
Үсүһүнэн, брендирование боппуруоһа. Тыл үөрэҕэ Өксөкүлээхтэн саҕаламмыта. Ойуунускай тыл институтун 1935 с. астарбыта. Аны, улуу суруйааччыларбытын ылан көрүҥ. Онон тылга туһуламмыт геокультурнай киин аһыллыан наада.
Төрүччүнү үөрэтиини көҕүлүүр, тэрийэр, сүрүннүүр Константин Аргунов:
– Федот Захаров төрөөбүтэ 100 сылын киэҥ далааһыннаахтык ыларга билиҥҥиттэн ылсыаххайыҥ. Кини нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, кырдьаҕастартан былыргы үһүйээннэри, номохтору сурунан ылан, онно ахтыллар ааттарынан сирдэтинэн, архыыбы хасыһан, төрөөбүт сылларыгар тиийэ быһааран, “Боотуруускай улуус сахаларын төрүт уустара: (документальнай очерк)” кинигэни суруйбута. Онтукатын 1993 сыллаахха Чурапчы типографиятыгар бэчээттэппитэ. Бу кимтэн кииннээхпитин билэргэ туохха да сыаналаммат чинчийэр үлэ. Маны хаттаан таһаарыах тустаахпыт.
Аны туран, төрүччүнү оҥорууга таатталар күүскэ ылсыахпытын наада. Култуура салалтата бибилэтиэкэлэри бу манна сыһыараргыт буоллар.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Толбонова:
– Култуура салаатын иһинэн сэбиэт тэриллиэхтээх. Биһиги онно консультант үөрүүнэн буолабыт. Ол сүбэ култуура бары хайысхатын хабан, концептуальнай программаны суруйуохтаах. Онно үөрэх салаата эмиэ кыттыһыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, кэнчээри ыччаты уһуйуута суох култуура сайдыбат. Холобура, дьэ, бу соторутааҕы таатталар көҕүлээһиннэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх буолла. Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга. Наһаа үчүгэй идиэйэ. Мантыкаҕытын олох былдьатымаҥ, эһиги бас билэр бырайыаккыт буоларын докумуонунан бигэргэтэ охсуҥ. Итэҕэли таарыйдахха, Тэрис үөрэҕэ, Кондаков үөрэҕэ диибит. Манна Мандар Уус үөрэҕин эмиэ киллэрэр оруннаах. Арчы дьиэтин да иһинэн буоллун, Мандар оскуолатын аһыахха сөп. Уонна ытык сирдэргитин харыстыырга, ааттатарга үлэлэһиҥ.
Хомус норуоттар икки ардыларынааҕы түмэлин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов:
–Үлэни былааннаахтык тэрийии ирдэниллэр. Холобура, биһиги музейбыт улахан бырайыагы саҕалаабыта. Онуоха улуустар култуураҕа уонна үөрэххэ программаларын ылан көрүтэлээбиппит. Ситэ-хото оҥоруоххутун наада. Мэҥэлэргэ култуура сорох эбээһинэстэрин үөрэх салаата сүрүннүүр эбит. Холобура, хомуһу, олоҥхону үөрэтиини, уһуйууну. Лука Турнин куонкуруһун кыттыһан ыытабыт. Бастакы сыалын ситтэ – ыччат бөҕөтө кыттар. Аны билигин атын быһыылаахтык дуу, атын киэптээхтик тэрийиэхпитин наада. Саҕаламмыт сайдан иһиэхтээх. Ону биһиги төттөрүтүн бирииһин быһан кэбиспиппит. Уонна “Иис. Уус. Ас. Фест” бырайыакка кыттыһыа этибит. Сорукпут – хомус уустарын көхтөрүн уһугуннарыы. Тоҕо диэтэххэ, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 4 эрэ киһи анаан дьарыктанар.
Духуобунас академиятын академига Валентина Бочонина:
-Тааттаҕа үөрэх кыһата аһыллыан наада. Тылга дуу, философияҕа дуу аналлаах. М.А. Протодьяконов баһылыктыыр кэмигэр социологическай наука дуоктара У.А. Винокурова Таатта култууратын ырытан суруйбута. Ол үлэни булан, тирэх оҥостуҥ. Бэлиэ дааталаргытынан былааннаахтык үлэлээҥ. Туризм сайдыан наада. Федеральнай трассанан айаннаан иһэн, Мэҥэттэн Өймөкөөҥҥө диэри улуу дьон төрөөбүт сирдэринэн, кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн маршрут оҥоһуллуон сөп. Саха хара ииһигэр Изабелла Элякова уонна хаттык таҥаска Людмила Расторгуева олус үчүгэй үлэлэрдээхтэр, ону киэҥ эйгэҕэ таһаарыахха. Манчаары оонньууларын көрсө, хас биирдии нэһилиэк спорка аналлаах видео-матырыйааллары цикл бэлэмнээтин. Ханнык көрүҥ сайдыбытынан, онно ситиһиилээх спортсменнарын туһунан. Холобура, чөркөөхтөр – саахыматчыттарыгар, дьохсоҕоттор – тустууктарыгар. Аны туран, быһыйдарбыт, күүстээхтэрбит, бөҕөстөрбүт туһунан номох бөҕө баар. Онтон көрдөрүөххэ сөп Манчаары оонньууларыгар. Өссө биир этиим – билигин тыыннаах чулуу дьоммутун устан үйэтитиэх. Уонна улууспутугар дизайн-код наада. Кыраныыссаҕа киириттэн саҕалаан.
Норуодунай суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах:
-Эһиил маннык төгүрүк остуолга архыып, бибилэтиэкэ эҥин үлэһиттэрин илдьэ кэлээриҥ. Тааттаттан тахсыбыт дьоммутун барытын биир тиһиккэ киллэрэн, “Жизнь замечательных людей” сиэрийэ курдук ситимнээх уонна кииннэммит үлэ ыытыллыахтаах. Мин көрөбүн ээ, эстрадаҕа Тааттаттан билигин ким да суох курдук. Үчүгэй куоластаах эдэр ырыаһыт. Ол аата музыкальнай оскуолалар үлэлэрэ күүһүрүөн наада.
Бу кэпсэтиигэр мелодист Игнатий Слепцов ырыанньыга, ахтыы кинигэтэ тахсыан, мюзикл туруон наадатын эттилэр. Худуоһунньук Поповтарга үчүгэй альбом оҥоһуллуон. Иннокентий Тарбахов киинэ Ытык Күөлгэ тэриллиэн.
Кэпсэтиини салайан ыыппыт Гаврил Вырдылин, Норуот айымньытын улуустааҕы киинин дириэктэрэ, барытын бэлиэтэннэ уонна улуус салалтатыгар тиэрдиэх буолла. Маннык хабааннаах кэпсэтиини аны саас Таатта күннэригэр тэрийиэхпит диэн эттэ.
Истибитин сырдатта суруналыыс Анисия Иевлева ( Ася Архипова).