1 год назад 427
Дьокуускайга саха тыла туттуллар эйгэтин кэҥэтии туһунан
Дьокуускайга сахалыы тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии туһунан “Языковое пространство столицы Якутии” диэн төгүрүк остуол киин куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев кыттыылаах мээрийэ саалатыгар атырдьах ыйын 1 күнүгэр буолан ааста.
“Кыым” хаһыат суруналыыһа Нина Герасимова көҕүлээн, Яна Угарова “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүүнү кытта көрсөн, бэйэтин курдук нууччалыы тыллаахтары сахалыы эйгэҕэ тардар, сыһыарар, төрөөбүт тылларын билэргэ баҕаларын уһугуннарар үлэни сүрүннүүргэ сөбүлэспит. Онон бу тэрээһини кини модератордаан ыытта.
Маныаха Яна Угарованы холобур оҥостон кэпсиэххэ сөп. Бэлиэтии көрөрбүтүнэн, кэлиҥҥи кэмҥэ кини сахалыыга, иитиллибит истиҥ эйгэтигэр төннөн эрэр курдук. Ийэтэ Варвара Угарова сааһын тухары сахалыы хаһыаттарга суруналыыһынан үлэлээбитэ. Төһөлөөх элбэх ыччаты төрөөбүт тылга уһуйбута буолуой? Ол үтүөтүн, кыһамньытын билигин кыыһа тирэх оҥостон, төрөөбүт тылбыт кэскилин туһугар туруулаһан үлэлэһэр буолбута үөрдэр уонна хайҕаллаах.
Этэллэр дии: “Кыһалҕаны ыраахтан көрдөххө, түргэнник быһаараҕын”, – диэн. Оннук тэйиччиттэн көрөн, көдьүүстээх буолуо дии санаабыт ньымаларын булбуттар: дакылаатчыттарынан учуонайдары, анал тыл үөрэхтээхтэри буолбакка, саха тылын тарҕатыыга өҥөлөөх блогердары, артыыстары, суруналыыстары, спортсменнары ыҥырбыттар. Социальнай ситимнэр олоҕу хамсатар күүс буолбут үйэлэригэр баларыҥ дьоҥҥо дьайар сабыдыаллара кимнээҕэр да улахана мэлдьэх буолбатах. Кинилэр көмөлөрүнэн саха тылын муодунай тыл курдук көрдөрөр соругу туруорбуттар быһыылаах.
Ол эрээри саха тылын эйгэтин кэҥэтии туһунан кэпсэтии тоҕо нууччалыы барбытын өйдөөбөккө сүөргүлээбиттэр эмиэ бааллар. “Маннык сыһыаннаһа сырыттахпытына, хантан эйгэтэ кэҥиэй? Билигин аҕыйах киһи өйдөөбөтүн учуоттуу оонньуур, “этика-култуура сиэринэн” диир кэм буолбатах. Тимирэн эрэр хараабылы өрүһүйэ охсуохпутун наада. Этэргэ дылы, бу күҥҥэ диэри аанньа ахтан, сахалыы саҥара сатаабатах дьоҥҥо бэрт буолаары, атыттарбытын бутуйан кэбиһиэхпитин сөп. Ол иһин, саатар, саха тылыгар сыһыаннаах тэрээһини сахалыы ыытыах баара”, – диэн биир истээччи миэхэ санаатын үллэстибитэ.
Маннык сэмэлиирдии этэллэрэ биир өттүнэн эмиэ оруннаах. Хата, “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү сүрүн киһитэ Вилюяна Никитина сахалыы саҥарар ыччаты иитии туһунан этиитин бэркэ сахалыы эттэ. Төрөппүттэр ЕГЭ, ОГЭ тургутууларын куоһур оҥостон, оҕолорун нууччалыы кылааска биэрэ сатыылларын бэлиэтээтэ. Дьокуускайга дьиҥ сахалыы 3 оскуола уонна 3 уһуйаан эрэ иитэр-үөрэтэр эбит: үөрэх кыһаларыттан – Национальнай гимназия, Айыы кыһата, Саха гимназията, оттон дьыссааттартан – “Кэскил”, “Мичээр”, “Кэнчээри”. Онтон атыттарга барыларыгар нууччалыы кылаастаахтар уонна бөлөхтөөхтөр – ол аата тэрээһин барыта син биир нууччалыы тылынан барара сэрэйиллэр.
Вилюяна Никитина маныаха этии киллэрдэ: итинник нууччалыы кылаастардаах национальнай оскуолаларга иитэр үлэни “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама нөҥүө тэрийэргэ. Оччоҕо нууччалыы үөрэнэр, сахалыы иитиллэр, үрдүккэ көтөргө икки кынаттаах ыччат үүнэн тахсарын быһаарда.
Манна даҕатан эттэххэ, В.Н. Никитина, Н.И. Иванова, А.Г. Филиппова өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр төрөөбүт тылы билии таһымын чинчийбиттэр. Онуоха төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарар үөрэнээччи уопсай ахсаантан 34,2 %-нын эрэ ылбыт. 20,5 бырыһыана араас омук тылын кыбытар эбит. 38,4 бырыһыана – нууччалыы-сахалыы булкуйан саҥарар. Оттон 6,8 % – нууччалыы эрэ өйдүүр. Бу тыа сиригэр, доҕоттоор.
Итинник чинчийиини “Кэскил” оҕо саадыгар эмиэ ыыппыттар. Ол түмүгэр сахалыы бөлөхтөртөн 18 эрэ оҕо уу сахалыы саҥарарын быһаарбыттарын тустаах дьыссаат сэбиэдиссэйэ Сардаана Захарова иһитиннэрдэ. Ол иһин төрөппүттэргэ өйдөтөр, көҕүлүүр үлэни күүһүрдэргэ матырыйаалынай көмө наадатын ыйда.
Уһуйааччы уонна блогер Мотрена Винокурова–Мото Куо сылын аайы дойдутугар Намҥа аһан үлэлэтэр “Айар Кут-Hollywood” өрөспүүбүлүкэтээҕи лааҕырыгар нууччатымсыйбыт куорат оҕолоро икки нэдиэлэнэн уу сахалыы кэпсэтэр буолан баралларын киэн тутта сэһэргээтэ. Ол аата, оҕо төрөөбүт тылын сэҥээрэригэр кини интэриэһин тардар төрүөтү булуохха эрэ наада эбит.
“Дыгын Дархан” киинэҕэ сүрүн оруолу оонньообут Ньургун Бэчигэн кэргэнэ Лилиялыын саха тылыгар уһуйар мобильнай сыһыарыыны оҥорбуттарын оскуолалар туһаналларыгар ыҥырдылар.
Кинорежиссер Дмитрий Давыдов, төһө да нуучча буоллар, дьон сэҥээриитин ылбыт киинэлэринэн саха тылын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэрин, төрөөбүт тылы тарҕатыыга кылааттааҕын тоһоҕолоон этэн туран, Дьокуускай тыйаатырдарыгар киинэлэрин көрдөрөрүгэр (прокакка) киин куорат дьаһалтата өйөбүл буоларыгар көрдөстө.
Оҕолорун төрөөбүт тылынан иитэргэ соруммут ийэлэр “Күөрэгэй” түмсүүлэрин үлэтин “Сайдыс” киин дириэктэрэ Юлия Андросова сырдатта. Уопсастыбаннай төрүккэ олоҕурар холбоһук, чахчы, улахан үлэни утумнаахтык ыыта сылдьарын билэбит. Үксүлэрэ биллэр блогер буолан, эдэр ийэлэри сахалыы иитэргэ көҕүлүүллэр.
Чэ, ити курдук, киин куораппытыгар сахалыы эйгэ түстэнэригэр кыһаллааччылар, кылааттаахтар, кыттыгастаахтар тус уопуттарын сырдаттылар.
Түмүккэ Дьокуускай уулуссаларын аадырыстарын икки тылынан суруйартан саҕалаан, куорат дизайн-кодун национальнай уратыбытын учуоттаан оҥорорго, туспа тыллаах омуктар буоларбытын санатар арт-эбийиэктэри элбэтэргэ эттилэр.
Оттон Национальнай бибилэтиэкэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук ити идиэйэни номнуо олоххо киллэрэн, билигин Национальнай бибилэтиэкэ тиэргэнигэр ҺӨҔҮҤ диэн арт-эбийиэк турар.
Бу курдук, саха тылын тарҕатыыга билигин бары ньыманы туһана сатыахтаахпыт.
Омук күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – ТЫЛЫГАР!