2 года назад 893
Тыл – омук тыына
Оҕолорбут уонна бэйэбит гаджет үйэтэ эмискэ тоҕо ааҥнаан киирэригэр бэлэмэ суох буоламмыт, төрөөбүт тылбытыгар суоһаабыт кутталы суох гынар соруктаах, төрөөбүт тылбытыгар иккис тыыны биэрээри, 2021 сыллаахха “Ийэ тыл” уопсастыба өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сөргүтүллүбүтэ.
2022 с. олунньу ыйыгар “Кыым” хаһыакка 180 киһи илии баттааһыннаах ыҥырыы сурук бэчээттэммитэ. Ыҥырыы сурук тиэкиһин саха норуодунай суруйааччыта Н.В. Михалёва-Сайа суруйбута.
Биһиги улуустан 23 киһи илии баттаабыта. Бу муус устар ый 1 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Ийэ тыл” уопсастыба сүрүннүүр сүбэтэ тэриллибитэ. Билигин хас нэһилиэк аайы сүрүннүүр сүбэлэр тэриллэллэр.
Төһө да сэлэспэ (төлөпүөн) оҕолоро 12-13-с көлүөнэ буолбуттарын иһин, сахабыт тыла сүппэтин, сахабыт тылын дорҕооно ыал аайы дьүрүһүйэрин туһугар “мин – сахабын” дэнэр киһи ис сүрэҕиттэн ылсыан наада. Үөһэттэн этиини, ыйааҕы, уурааҕы, дьаһалы кэтэһэн олоруо суохтаахпыт. Ол курдук, Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр аналлаах “Мин – САХАБЫН!” тэрээһиммитин ыыттым.
Бу ыйга Сунтаарга сылдьыбыт күммүтүн санаан, төрүт тыл сүмэтин харысхалын өйдөтөрдүү, Сэргэй Сибиэрэп-Кыыл Уолун ырыатын холбоон, таһырдьаттан кэлбит дьону айхаллыырдыы дуораһыйда, сүргэни көтөхтө.
Тэрээһиммит Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр аналлаах тойугунан (М.П. Габышева, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы) аһыллыбыта.
Эбэлэрбит алаадьынан күндүлээн, алгыс хамсаныытынан арыалланан ыраастанныбыт, алгыһы ылынныбыт.
“Ыал барыта кыттыстаҕына эрэ, биһиги омукпут уратытын, тылбытын өрө тутан хаалар кыахтанабыт” диэн уһуйаантан А.А. Павлова уонна эбэлэртэн М.Ф. Попова дьоҥҥо тиийимтиэ тылынан санааларын эттилэр.
Салгыы Сунтаарга «Тоҕус оhуордаах түһүлгэҕэ” ордук туох дьиктини, кэрэни көрбүппүт-истибиппит туһунан В.А. Борисова, А.С. Колесова, А.С. Баланова олус истиҥник кэпсээтилэр.
Сахабыт тылын дьылҕатыгар ыалдьар эр дьоммут А.М. Аполлонов, В.Н. Кривошапкин, В.М. Охлопков, Д.Е. Сыромятников төрүт тылбыт күндүтүн, саха сахатынан кэрэтин туһунан хоһооннортон аахпыттарын сэргээтибит, махтанабыт.
Уонна бу күн сүрэхтэммит оскуола хомусчуттарын, үҥкүүһүттэрин түмсүүтүн эҕэрдэлээтибит.
Сунтаарга “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” күрэх “Тыл сүмэтэ” түһүлгэҕэ III миэстэлээх чабырҕахсыттарбыт,
“Норуот ырыатыгар” “Көмүс дорҕоон” анал ааты ылбыт “Алдаана” ансаамбыл бу күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.
Сунтаар түһүлгэтиттэн эбии иитиллэн кэлбит иэйиибитин тэҥҥэ үллэстибит, оһуокай түһүлгэтигэр, алгыс тыыныгар бииргэ буолбут дьоммутугар махтанабыт.
ТЫЛ – омук тыына, ТЫЛБЫТ туһугар бары бииргэ туруулаһыаҕыҥ, ОМУКПУТ инникитигэр эрэниэҕиҥ, САХАЛЫЫ ЭЙГЭБИТ кэҥээтин!
Саас кэлбитинэн бары үтүөнү, кэрэни баҕарабын. Суруйуубун Оһуохай Уола суруйбут тылларынан түмүктүүбүн:
“Сахам Сирин сарсыҥҥыта
Саҕахтара сандаарыахтын,
Ийэ сирим инникитэ
Иилии-курдуу килбэйиэхтин!!!”
Сэгэлдьийэ Чээлэй,
Кириэс Халдьаайы, Томпо