Суруйааччы биир бэлиэ күннээх – ол кини төрөөбүт күнэ - Блоги Якутии

2 года назад 600

Суруйааччы биир бэлиэ күннээх – ол кини төрөөбүт күнэ

Энтузиаст учуутал эһээм Климент Степанович Неустроев былырыын төрөөбүтэ 95 сылынан тэрээһин ыытарбытыгар, үөрэнээччитигэр Николай Егорович Винокуров-Урсуҥҥа эрийэн: “Онлайн зумунан кыттыһыаҥ дуо?” – диэн ыйыппыппыт. Онуоха кини хамсыкка хаптаран, балыыһаҕа сытарын эппитэ. “Үчүгэйбин”, – диэхтээбитэ да, аҕыйах хонугунан бараахтаабытын истибиппит…

Номнуо сыл ааспыт. Ол эрээри бу көрсүһүү кини суох буолбута биир сылынан тэриллибит ахтыы киэһэтэ буолбатах, төттөрүтүн, “баара эбитэ буоллар, 78 сааһын туолуо этэ” диэн мустуу этэ. Тоҕо диэтэххэ, Урсун бэйэтэ эппиттээх: “Суруйааччы биир бэлиэ күннээх – ол кини төрөөбүт күнэ”.

Урсун 75 сааһын пандемия хааччахтааһынынан сатаан ылбакка хаалбыттар. Видео-сибээһинэн эҕэрдэлэһии эрэ буолбут. Дьиҥэр, доҕотторун ыҥыран күндүлүөхтээх эбит. Ол туолбатах баҕа санаатын толорон, бүтэһигин үлэлээбит Литературнай түмэлин кэлэктиибэ, Урсун сөбүлүүр астарын астаан, кус эттээх, собо мииннээх, күөрчэхтээх, тоҥ балыктаах остуолу тардан,  ытыктыыр кэллиэгэлэрин ахтар-саныыр бэртээхэй биэчэри тэрийдилэр.

Музей научнай үлэһитэ Ефросинья Ноговицына иилээн-саҕалаан ыытта. Үлэлэригэр ол-бу мунаахсыйар боппуруос үөскээтэҕинэ: “Урсуммут баара буоллар…” – дэһэллэрин кэпсээтэ. Кэлбит дьон бары да олус суохтуулларын эттилэр.

СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов:

-Николай Егорович 1945 сыллаахха Таатта курдук үтүөкэн дойдуга төрөөн, сир үрдүгэр 77 сыл олорон ааста. “Бу орто дойдуга, ама, итинник идеальнай киһи баара буолуо үһү дуо?” – диэн ардыгар бэйэбиттэн ыйытарым. Чахчы, ыраас, кэрэ киһи этэ. Доҕорбут соннук эҥкилэ суох дьоһун олоҕу олорон барда.

СӨ норуодунай суруйааччыта Павел Харитонов-Ойуку:

-Мин элбэх киһилиин бодоруспат киһибин. Ол эрээри Урсуннуун олус тапсан доҕордоспуппут. Тыл-тылга киирсибэтэх, мөккүспүт түгэммитин өйдөөбөппүн. Мин кини, кини мин этэрбин сөбүлүүрбүт, сөбүлэһэрбит. Доҕорум киэҥ билиилээҕэ. Өскө мин саха историятын сэҥээрбит эбит буоллахпына – ол Урсунтан. Кини кинигэлэрин ааҕан, онтон сиэттэрэн хасыһан-үөрэтэн барбытым. Хаҥаластар тустарынан умсугуйан кэпсэтэрбит. “Хаҥалаһа суох биир да улуус суоҕун кэриэтэ”, — диирэ. Ол иһин “Быралыйбат былыргытыгар” кини хаҥаластар тула түмсэр оруннааҕын ыйар. Ыалдьыан иннинэ: “Быралыйбат былыргыны”, “Умнуллубат уруккуну” салҕыахпын наада, үһүс кинигэбин суруйуом”, – диэбитэ.

Урсун – лирик поэт. Ол эрээри философскай хоһооннордоох. Кини поэзияҕа бастакы холонууларын Күннүк Уурастыырап, Сэмэн Данилов үрдүктүк сыаналаабыттара. Онон литератураҕа киириэҕиттэн улуу суруйааччылар хайҕалларын истэрэ. Арай бииртэн өһүргэммит этэ – “кинигэттэн кэлбит поэттар кэллилэр” диэн этииттэн. Онно хардаран суруйбута баар. Бэйэтин көлүөнэтин көмүскэһэн: “Биһиги 30-40 сааспытыгар диэри үөрэнэ сылдьыбыппыт”, -диирэ. Кырдьык, Урсун бастакы кинигэтэ 35-гэр тахсыбыта. Уонна 77 сааһыгар диэри, 40-ча сыл устата илиитин араарбакка хорутуулаахтык үлэлээн, элбэҕи ситиспитэ.

СӨ норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат:

-Урсун конструктивнай билиилээҕэ. Билиҥҥи литературоведтарга ол тиийбэт. Казахтар Иссык курганнарыттан көстүбүт көмүс киһи туһунан олус интэриэһиргиирэ. Биирдэ академик Артамонов кинигэтэ атыылана турарын көрдүбүт. Онно ол киһитин хаартыската баара. Наһаа ымсыырда эрээри, харчыта суох сылдьар буолан, кыайан ылбатыттан хомойбутугар, мин атыылаһан биэрбитим. Ону өрүү  кэпсиирэ. Кыра да үтүөнү умнубат махталлаах киһи этэ. Суруммут конспектара хааллылар. Онно саха литературатын 50 сыллаах историята барыта баар буолуохтаах. Дьэ, ону төһө дириҥэтэн өйдөөн, кынаттаан таһаарарбыт – ол биһигиттэн тутулуктаах. Доҕорбут биһигини хамсатыаҕа диэн эрэнэбин.

СӨ норуодунай суруйааччыта Наталия Харлампьева:

-Урсуннуун хаһан билсибиппитин бу диэн чопчу өйдөөбөт эбиппин. Литератураҕа киириэхпиттэн алтыһарбыт. Мин хомсомуол айар ыччатын, кини Суруйааччы сойууһун бюротун пропагандаҕа салаатын салайар кэммитигэр аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар сэминээрдэрэ буолбута. Санги уо.д.а. суруйааччылар кэлбиттэрэ. Онно Уус Маайаҕа барбыппыт. Нэһилиэктэринэн сырыттахпытына, сурунаал эрэдээктэрэ дэлэгээссийэттэн хаалан, кэнники бэйэтэ туспа кэлбитэ. Ону мунньахха Айталын, бэрээдэги көрбөтөххүт диэн, Урсуннаах биһигини саҥарда. Миэхэ быыгабар биэрдилэр. Эдэр үлэһит наһаа хомойдум. Онуоха Урсун: “Чэ, бэрт, дьон буоламмыт ааппыт ааттаннаҕа”, –диэн, санаабын чэпчэппитэ. Онтон ыла өссө чугаһыспыппыт уонна бу дойдуттан барыар диэри бэйэ-бэйэбитигэр итэҕэйсиилээх сыһыанынан үлэлээбиппит. Кини энциклопедическай билиилээҕэ. Ол билиитин историческай кинигэлэригэр төһө кыалларынан киллэрэ сатаата. Биир кэмҥэ Суруйааччыбыт сойууһун бэрэссэдээтэлинэн наһаа ыарыһах киһи ананан, эбээһинэһин барытын Урсун  толорон, Сойууһу ыспакка тутан олорбута. Аны кини биир дьиибэлээҕэ: туох эрэ графигар хойутуо суохтааҕын курдук, эмискэ ханна эмэ баран хаалара. Туох да ону туппата. Билигин санаатахха, ол кини бу орто дойдуга айа-тута, үйэлээҕи оҥоро кэлбит аналын толору өйдүүрүттэн эбит. Аны доҕотторугар олус да бэриниилээҕэ. Семен Данилов дневниктэрин кини тиһэҕэр диэри туруорсан таһаартарбытын, Николай Лугиновка көмөтүн, мин талыллыбыт айымньыларым хомуурунньугун бэлэмнээн бэчээттэппитин ылан көрүөххэйиҥ. Бэйэтин бириэмэтин харыстаабакка, доҕотторун туһугар үлэлиирэ. Кини аата литератураҕа ураты суоллаах суруйааччы быһыытынан бигэтик хаалла.

СӨ норуодунай суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах:

-Айар аартыкпын арыйбыт, литератураҕа сиэтэн киллэрбит киһим Урсун буолар. Бастакы кинигэбин таһааралларыгар мин: “Наһаа аҕыйах хоһоонноохпун”, — диэн эппитим. Онуоха кини: “Поэт кинигэтэ чараас буолуохтаах”, – диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Тоҕо Урсун диэн ааты ылыммытын ыйыппыппар, кини: “Ойуунускай алааһыгар оҕолор “Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар” хоһоону ааҕа турдахтарына, Таатта үрэҕи көрбүтүм, оруобуна “күлүмнэс күөх урсунунан оонньуу” сытара.  “Урсун диэн үчүгэй да тыл эбит. Айар аат оҥостууһукпун” диэн санаа онно киирбитэ”, — диэн кэпсээбитэ. Ити казахтар көмүс киһилэринэн үлүһүйбүтүн курдук, биирдэ аны алтаайдар принцесса Укоктарынан “иирдэ”. Ол булумньуну көрө барда. Кэлбитин кэннэ туоһулаһабыт: “Хайа, хайдаҕый?” – диэн. “Дьаабы дьон, харчыга охтубуттар, Укоктарын уҥуоҕун ыһан баран олороллор”, – диэн хомойбуттуу хардарбыта. Кини санаатыгар,  аан дойдуга саха омугуттан ордук норуот суох этэ.

СӨ норуодунай суруйааччыта Баһылай Харысхал өлүөн иннинэ уһуллубут видеотун көрдөрдүлэр. Урсуннуун биир кэмҥэ үөрэммитин, холобурга сылдьар устудьуон этин, диссертациятын көмүскэппэтэхтэрин, аспирантураҕа бүтэрбит киһи хачыгаардыы сырыттаҕына, Семен Даниловтаах үлэҕэ ылан, олоҕун литератураҕа анаабытын, искусствоны, литератураны олус үчүгэйдик билэрин кэпсээбит эбит.

Урсун уһун кэмҥэ үлэлээбит “Чолбон” сурунаалын бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов:

-Убайбыт Урсун эрэдээксийэҕэ урукку суруйааччылар үгэстэрин тутуһуннарара. Кини күүстээх эрэдээктэр этэ. Тылы тыл үөрэҕинэн буолбакка, бэйэтэ иһиттэн өйдүүр буолан, суолтатыгар туттууга олус болҕомтолооҕо. Баай эрудициялаах буолан, ханнык баҕарар тиэкиһи логикатынан сөп түбэһиннэрэн көннөрөрө. Онуоха ааптардары өһүргэппэккэ, сыыһаларын үчүгэй баҕайытык быһааран биэрэрэ, холкутук кэпсэтэр дьоҕурдааҕа. Саха суруналыыстыкатыгар төһөлөөх ыстатыйаны, саха литературатыгар төһөлөөх айымньыны оннук чочуйан оҥорон таһаарбыта буолуой? Суоттуга эдэр суруйааччылар үөрэхтэрэ буолааччы. Онно Урсун эрэдээктэр уонна ааптар иккиэн үлэлэһэннэр, кинигэ тахсарын туһунан дириҥ ис хоһоонноох дьоһун лиэксийэни оҥорбутун умнубаппыт. Кини сурукка тыыппалаах киһини тута бэлиэтии көрөр интуициялааҕа. Холобура, Баайаҕа учуутала О.Н. Макарова саха литературатыгар ырытыыларын хайҕаан, кириитик быһыытынан үлэлэһэргэ сүбэлээбит. Оттон бу аҕыйах хонуктааҕыта Ольга Николаевна “Айымньы күлүүһүн арыйдахха” диэн кинигэтин биһирэмэ буолан ааста. Урсун баара буоллар, төһө эрэ үөрүө этэ.

Суруйааччы Данил Макеев:

-Урсуммут суох буолан, мунаахсыйарбытын Интэриниэккэ киирэн көрдүүбүт да, “гугл” кинитээҕэр аҕыйах информацияны булан биэрэр. “Урсун билиитигэр тиийбэт эбит”, – дэһэбит. Кини миэхэ: “Үчүгэйдик суруйаҕын эрээри, дириҥиэххин наада”, — диирэ. “Ат хараҕа” кэпсээммин ааҕа баран: “Дьэ, дириҥээбиккин”, – диэн хайҕаабыта.  Булт кэмин олус кэтэһэрэ. Олох дуоһуйууну ылара. Геннадий Бечеряков “Аар тайҕа” хаһыатын сөбүлээн ааҕара. Мин даачабар ыалдьыттыы кэлбит суруйааччыларынан мас  олорторобун. Урсун маһа силигилии үүнэ турар…

Суруйааччы Иван Осипов-Ойуур:

– Урсуну аан бастаан 1983 с. көрбүтүм. Устудьуоннар литературнай куруһуокпутугар кэлэн, хоһооннорун ааҕа-ааҕа, үчүгэйдик да тыл эппитэ. “Бачча талааннаах поэт баарын билбэккэ сылдьыбыппын дуо?” – диэн соһуйа санаабытым. Онтон 1994 сыллаахха ИДьМ үлэҕэ киирээри сылдьан, “Чолбоҥҥо” кэпсээммин аҕаллым. Онно Урсуннуун кэпсэттим. Кини санаабын уларытан кэбиспитэ: “Милииссийэҕэ барыма, балыыҥка сир, манна үлэҕэ киир”, — диэн. Онон сааһым тухары “Чолбоҥҥо” үлэлээтим.

         Ити курдук бу күн элбэх киһи Урсун кинилэр олохторугар сабыдыалын, көмөтүн, өйөбүлүн аҕынна. Биир дойдулаахтара уус таатталар кэлбиттэр этэ. Алдан нэһилиэгин баһылыга Егор Постников Урсун аатынан бириэмийэни олохтуурга тыл көтөхтө. Аймаҕа Петр Дягелев суруйааччы төрдүн-ууһун туһунан сиһилии кэпсээтэ. Хаан-уруу балта, Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова убайын истиҥник аҕынна.

         Тыл эппит дьон бары Урсун үөрүнньэҥин, көнө судургу майгылааҕын, сэмэйин, үлэһитин, киэҥ билиилээҕин, наһаа элбэх ырыаны билэрин, хастыы эмэ чаас тохтообокко ыллыан сөбүн, уһун айаны быһа кэпсээнэ бүппэтин бэлиэтээн эттилэр.

         Киһини саныырбыт, суохтуурбут, ахтарбыт тухары киһи тыыннаах. Онон бу да тэрээһин Урсун аттыбытыгар баарын, үөһэттэн истэ-көрө олорорун курдук иһирэх эйгэҕэ ааста. Кини туһунан кинигэни бэчээккэ бэлэмнии сылдьаллар эбит. Онно ахтыыгытын биэриэххитин баҕарар буоллаххытына, “Чолбон” бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросовка тиксэрээриҥ.

Оттон Урсун кинигэлэрин СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин саайтыттан босхо онлайн бу сигэлэринэн ааҕыаххытын сөп.

Чэгиэн-Чаҕаан: (хоһооннор) https://new.nlrs.ru/open/30743

Аларга: хоһооннор https://new.nlrs.ru/open/30744

Сэмэн Данилов дневнигэ: (1951-1978) https://new.nlrs.ru/open/30761

Халлаан уола https://new.nlrs.ru/open/9410

Хаппаргар хатаа https://new.nlrs.ru/open/30778

Этэҥҥэ: (хоһооннор, поэма) https://new.nlrs.ru/open/30763

Куорат уота: кэпсээннэр, тылбаастар https://new.nlrs.ru/open/30762

Хоһоон хотоҕосторо: хоһоон тиһиктэрэ https://new.nlrs.ru/open/47683

Саха народнай суруйааччылара = Народные писатели Якутии https://new.nlrs.ru/open/32326

Өбүгэ түһүлгэтэ: хоһооннор тиһиктэрэ https://new.nlrs.ru/open/47686

Ахтыы киэһэтин сырдатта Анисия Иевлева

Добавить комментарий