Эдьиийбит - суолдьут сулуспут - Блоги Якутии

2 года назад 17107

Эдьиийбит – суолдьут сулуспут

Саха опернай ырыаһыттарын ортолоругар соҕотох Сэбиэскэй Сойуус норуодунай артыыһа, норуоттар икки ардыларынааҕы вокальнай куонкурустарга бастакынан суолу тэлбит Анегина Ильина олунньу 3 күнүгэр ытык 80 сааһын туолар.

         Бу үөрүүлээх түгэни көрсө, социальнай ситимнэргэ бырааттарын кытта түспүт бэртээхэй хаартыскаларын таһаарбыттар. Ону көрбүт эрэ бары: “Бииргэ төрөөбүттэрэ дьоһун да дьон эбиттэр!” – диэн сэргии түһэллэр.

         Чахчыта да, Анегина Егоровна Ильина сурдьулара алтыан үөрэх бөҕөлөөх, саастарын тухары төрөөбүт Үөһээ Бүлүүлэрэ сайдарын туһугар ахсаабакка үлэлээбит үтүөкэн дьон буолаллар. Кинилэр истэригэр Бочуоттаах гражданиннар, тэрилтэ салайааччылара, улуус дьокутааттара бааллар. Хас биирдиилэрин туһунан киһи киэн тутта кэпсиир кыахтаах.

         Дьэ, онуоха маннык дьоһун олоҕу олорон кэлбиттэригэр эдьиийдэрэ Анегина Егоровна улахан сабыдыаллааҕа саарбаҕа суох.

         — Кырдьык, биһиги кини үтүө холобуругар улааппыппыт. Эдьиийбит суолдьут сулус кэриэтэ биһигини олохпут тухары сирдээн иһэр. Кини ситиһиитэ, биллиитэ биһигини эдэр эрдэхпититтэн эппиэтинэстээх уонна суобастаах буоларга эбээһинэстиирэ. Күндү киһибит үтүө аатын түһэн биэрбэт гына сиэрдээхтик олорон кэллибит, — диэн кэпсээнин саҕалыыр Василий Егорович Ильин.

         -Төрүккүтүгэр-төрдүгүтүгэр, удьуоргутугар-утумҥутугар ырыаһыттар бааллар дуо?

         – Төрүччүбүтүн оҥорбут киһи… Ийэбит Анна Николаевна Николаева Кэнтиктэн төрүттээх. Үчүгэйдик ыллыыра да, эдэр сылдьан үҥкүүлүүрэ даҕаны. Тулаайах хаалбытын кэннэ, таайа Дьүөгэ Ааныстыырап  кинини уонна убайын Дьокуускайга көһөрөн ылбыт. Куоракка төрдүс кылааһы бүтэрэн баран, машинисткалар куурустарыгар үөрэммит. Бу идэтинэн Үөһээ Бүлүү оройуоннааҕы сэбиэтигэр үлэлээбит, онтон сэрии кэмигэр  оҕо дьиэтигэр повардаабыт.

Аҕабыт Егор Иванович Ильин Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, дойдутугар учууталлаабыт. Саха тылын уруогун биэрэрэ. Ийэбит уус-уран самодеятельность кыттыылааҕа буолан, Намҥа кэнсиэртии кэлэ сылдьан, аҕабын кытта билсибиттэр курдук кэпсииллэрэ. 

1943 сыл олунньутугар Анегина төрүүр, ол сайыныгар аҕабыт Ийэ дойдуну көмүскүү, сэриигэ барар. Анегина иннинээҕи уонна кэннинээҕи кыргыттар иккиэн кыраларыгар өлөөхтөөбүттэр.

  -Оччоҕо Анегина Егоровна алта уолу кытта соҕотох кыыс дуо?

– Ийэбит аатын ылбыт Анна диэн балтылаах этибит, библиотечнай үөрэхтээх. 36 сааһыгар суол саахалыгар түбэһэн бараахтаабыта… Киниттэн 4 оҕо хаалбыта. Онон алта уол, баар-суох эдьиийбитин иккис ийэ оҥостон, күн бүгүн бары ыал эһэлэрэ буолан олоробут.

Оттон ити 2019 сыллаахха түспүт хаартыскабыт бассаапка тарҕаммыт. Сүбэлэһэн баран, төрөөбүт күнүгэр соһуччу тиийэн кэлбиппит. Ол дьоллоох түгэни итинник үйэтиппиппит.

Анегина Ильина бырааттарын билиһиннэрэр буоллахха, улахан уол Иннокентий Егорович Ильин икки үрдүк үөрэхтээх: инженер-мэхээнньик уонна тутааччы. Сопхуоска прорабтаабыта, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа начаалынньыктаабыта. Кэргэнэ Светлана Саввична Үөһээ Бүлүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи гимназияҕа омук тылын учууталынан уһуннук үлэлээтэ.

Иккис уол мин Красноярскайга маһы таҥастыыр бырамыысыланнас технологын идэтигэр үөрэнэн, Үөһээ Бүлүү промкобинатыгар үгүс сылларбын анаабытым. Маастартан саҕалаан, дириэктэргэ тиийэ үүммүтүм. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытыгар, тэрилтэбит эстибитэ, онон төрөөбүт нэһилиэкпэр Намҥа баһылык солбуйааччытынан, кэлин улуус дьаһалтатыгар  муниципальнай баайы-дуолу сүрүннүүр управление начаалынньыгынан уонна КУМИ бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим.

2009 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Кэргэним Варвара Яковлевна судаарыстыбаннай страхование финансиһынан, онтон аэропорка сөмөлүөт көтөрүгэр куттал суох буолуутун хааччыйыыга иниспиэктэрдээбитэ. Нам улууһун Иккис Хомустааҕыттан төрүттээх. Абаҕата В.В. Замятин Ленин уордьаннаах оҕуруотчут эбит. Ол кини уһуйуутунан, итиэннэ сайын аайы оҕуруот лааҕырыгар сылдьыбыт буолан, билигин үүнээйини үлүһүйэн үүннэрэр. Улууска бастыҥ тэлгэһэлээх ыал аатын ылбыппыт. Бэйэм уһанар буоламмын, киниэхэ илии-атах буолабын, тугу этэрин оҥорон биэрэбин.

Уопсайынан, бырааттар эмиэ бары уустар. Аҕабыт учууталыттан уурайан, кэлин наар тутууга үлэлээбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, кини “Берлини ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин “, онтон да атын бойобуой мэтээллэрин таһынан, “Кыһыл Сулус” уордьаннааҕа.

Үһүс уол Николай Егорович отуттан тахса сыл “Якутскэнерго” Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайда, үтүөлээх энэргиэтик. Кэргэнэ Ирина Николаевна “Сахателеком” тэрилтэҕэ телефонисткалаабыта.

Александр Егорович ойуур хаһаайыстыбатын идэтигэр үөрэммитэ. Саша Эдьигээҥҥэ үлэлии сылдьан, Покровскайтан сылдьар Анна Михайловнаны кытта билсэн, ыал буолан, билигин Үөһээ Бүлүүгэ фермерскэй хаһаайыстыбаны тэринэн, үлэ үөһүгэр түбүгүрэ сылдьаллар.

Бэһис быраат Иван Егорович Красноярскайдааҕы политехническай институту бүтэрбитэ. Бу диэн эттэххэ, миигин батыһан, түөрт уол бары Красноярскайга устудьуоннаабыппыт.

Дьэ, Уйбаан кыргыттара муусукаҕа дьоҕурдаахтар. Муусука үрдүкү оскуолатын бүтэрбиттэрэ. Улахан кыыс Наталия Саргыдаева-Ильина – арфистка. Оттон кыра кыыс Иванна Ильина – скрипачка. “Виртуозы Якутии” оонньуура. Германияҕа Иоганнес Брамс аатынан консерваторияҕа үөрэммитэ. Ийэлэрэ Анастасия Николаевна учуутал идэлээх.

Кыра бырааппыт Андрей Егорович култуура кэллиэһин, онтон юридическайы бүтэрбитэ. Ньургустаана Николаевналыын номнуо эһээ-эбээ дьон, Дьокуускайга олороллор.

-Бырааттара бары ньир бааччы олороллоруттан эдьиий киһи дьоллооҕо чахчы…

-Эдьиийбит тыла биһиэхэ сокуон буоллаҕа дии. Оҕо эрдэхпитинэ кини кэлэрэ бырааһынньык курдук буолара. Кэтэһии, халандаар күнүн ааҕыы бөҕө буоларбыт. Эдьиийбитин кытта хоонньоһон утуйаары уочараттаһарбыт.  Атаахтатара эрээри, кими да чуолаан ачаалаппата, барыбытын тэҥҥэ тутара.  Сонун, биһиги маҕаһыыммытыгар суох бэчиэнньэни, бирээнньиги, кэмпиэти кэһиилэнэрэ. Оруобуна сөрү-сөп таҥаһы барыбытын аахтара аҕалара, кими да матарбакка. “Размербытын билэрэ бэрт эбит ээ”, — дэһэбит билигин. Устудьуоннуур кэммитигэр эрэ буолуо дуо, кэлин атахпытыгар да турарбытыгар харчынан өрүү көмөлөһөрө. Мин дипломнай үлэбин көмүскүүрбэр көстүүм ылан биэрбитэ.  Наһаа да үөрбүтүм!

Красноярскайга үөрэнэ барарбар, эдьиийим аах остуол тэрийбиттэрэ. Оннук улаханнык атаартаран баран, кини эрэнэр тылларын да санаан, ханнык да уустук балаһыанньа тирээтэр, үөрэхпин син биир бүтэрэр бигэ санаалааҕым.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, эдьиийбитин кытта суруйсарбыт. Ол суруктар билигин да Анегина Егоровнаҕа бааллар эбит. Николай 9 саастааҕар  “Тоҕо эппиэттээбэккин, кыыһыраары гынабын” диэн суруйбутун ааҕа-ааҕа, дэлби күлсэбит. Бээ, алта киһиэхэ хоруйдуохха диэтэххэ, син элбэх бириэмэ баранар ини. Ону биһиги оччолорго өйдөөбөт балыыҥка дьон буоллахпыт дии, тута хардара охсуохтааҕын курдук саныырбыт. Аны ону-маны үлэһэрбит. Ону баһыылкалаан ыытара. Холобура, мин теннис мээчигин. Балтым баттах лиэнтэтин сакаастыырыгар: “Кэмбиэргэ да уган ыытаар”, — диэн өссө “сүбэлиирдээх” үһү.

Профессор, ССРС норуодунай артыыһа Н.Ль. Дорлиак дьарыгар

-Дьонун үөрэнэр сиригэр, соҕуруу илдьэн күүлэйдэппэтэҕэ дуо?

– Соҕуруу үөрэнэр кэмигэр бырааттарбын Куоланы, Баанньаны Москубаҕа сырытыннарбыта. Билиҥҥэ диэри ону истиҥник ахталлар. Үлэһит буолан баран, ийэбитин Москубаҕа илдьэ бара сылдьыбыта. Үөрэммит сирин көрдөрө тиийбитигэр, бэрэпиэссэрдэр ийэбитигэр махтаныы бөҕөлөрө үһү, маннык талааннаах кыыһы төрөппүтүн, үчүгэй киһини ииппитин иһин. Ол айантан кэлэн баран, ийэбит 60 сааһыгар табаҕын быраҕан кэбиспитэ. Ону маннык быһаарара: “Москубаҕа улахан мусукааннар, ускуустуба дьоно кууһалларыгар, табаҕым сыта биллэрэ буолуо диэн кыбыстан тардыбат буолан хаалбытым”, — диэн. Киэсэни, ийэбитин Сочинан күүлэйдэппитэ.

   –Наһаа үчүгэй эдьиийдээх буолаҥҥыт…

– Оннук. Кинини түһэн биэрбэт гына олордубут. Иннокентий Егорович Нам нэһилиэгин, Николай Егорович уонна мин Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданиннарабыт. Үһүөн оройуон дьокутааттарынан талыллан, хас да ыҥырыыга үлэлээбиппит. Николай уола Григорий, мин уолум Егор эмиэ улуус сэбиэтигэр дьокутаат буола сылдьыбыттара. Эдьиийбит ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр 1979-1984 сылларга дьокутаат этэ.  

         Ийэбит 2008 сыллаахха 86 сааһыгар олохтон туораабыта. Кини “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

Анегина Егоровналаахха кыстыыра, сайынын дойдутугар тахсара. Күтүөтүн Петр Никифоровиһы төрөппүт оҕотун курдук саныыра.  Петр Дмитриев-Туутук  эмиэ бэйэтэ биллэр киһи. Фольклорист, олоҥхону чинчийээччи, оҕо суруйааччыта. Үс кыыстаахтар. Олортон Сардаана уола Петр Кулаковскай – ыччат сөбүлүүр ырыаһыта. Николай сиэнэ кыыс, дьэ, тойуктуур эҥин буолан эрэр. Онон утум салҕанар, баҕар, биир эмэ сиэн, Анегина Ильина курдук, лыҥкынас куолаһынан дьону долгутар, муусука кэрэ дорҕоонунан сүрэхтэри үөрдэр буолуоҕа….

        

Балта Анна Николаевна Ильина кэпсиир:

-Анегина Егоровна бырааттарын оҕолорун наһаа таптыыр. Сааскы, сайыҥҥы каникулбар булгуччу кэлэрим. Биирдэ сибиэһэй собо сии, Дядя Болуодьа даачатыгар бардыбыт. Кэлин билбитим, сахалартан бастакы академик В.П. Ларионовка ыалдьыттаабыт эбиппин. Саас ханнык эрэ тэрээһин кэмигэр Ленин проспегын устун эдьиийбин кытта хааман истэхпитинэ, утары Михаил Ефимович иһэр эбит. Кини: “Анегина, бу хайаларын оҕото?” – диэн миигин ыйытар. Онуоха: “Куола кыыһа” – дин быһаарар. Итинник сахалыы судургутук кэпсэтэллэрэ. Эдьиийим хаһан да дьону “кини тойон”, “кини биллэр киһи” диэн араарбат, дьоҥҥо дуоһунаһынан көрөн сыһыаннаспат. Киһини киһи курдук ылынар. Олус сэмэй, улаатымсыйар, киэбирэр диэн тугун билбэт, көнө боростуой майгылаах. Күтүө Бүөтүрдүүн иккиэн өрүү норуоттарыгар туох эрэ туһалааҕы оҥорор эрэ толкуйугар сылдьаллара.    

Петр Никифорович Дмитриев-Туутук

Эдьиийбин батыһан, улуукан дьону көннөрү дьон курдук ылынан алтыспытым кэлин суруналыыс буолбуппар абыраабыта. Хайа да бэйэлээхтэн толлубакка интервью ыларым, кыбыстыбакка кэпсэтэрим. Суруналыыстыканы  талбыппар Анегина Егоровна эмиэ сабыдыаллаах. Ол курдук, Елена Миронова  кини туһунан документальнай киинэни уста, Үөһээ Бүлүүгэ кэлбитигэр, эдьиийим миигин сиэтэн туран сэһэргээбитэ. Ол биэрии тэлэбиисэринэн көстүбүтүн кэннэ, мин оскуолабар биллэр киһи буолан хаалбытым. Итинник болҕомто ууруллубутуттан оҕотук санаабар астыннаҕым дии. Бука, ол дуоһуйуу кыыма күөртээн буолуо, тэлэбиидэнньэҕэ таласпытым, СТВ ханаалыгар ыытааччынан үлэлээбитим.

Аҕам Николай Егорович Красноярскайга үөрэнэ сырыттаҕына, уопсайга бииргэ олорор уолаттара хаһыаттан Анегина Ильина Прагаҕа буолбут норуоттар икки арыдларынааҕы куонкуруска кыайбытын туһунан суруйбуттарын булан аахпыттар. “Николай, бу ырыаһыт дьахтар Саха Сириттэн сылдьар эбит, Ильина диэн араспаанньалаах, баҕар, аймаҕыҥ буолаарай?” — дии-дии дьээбэлэнэн күлсүбүттэр. Ону бииргэ төрөөбүт эдьиийэ буоларын эппитигэр, төрүт итэҕэйбэтэхтэр. Биллиилээх киһи быраата маннык сэмэй буолуо суохтааҕын курдук санаабыттара буолуо.  Оттон аҕам ол түгэҥҥэ кини эдьиийэ бүтүн Сэбиэскэй Сойуус киэн туттуута буоларын дьэҥкэтик өйдөөбүт.

Ол эрээри биһиги хаһан даҕаны Анегина Ильина эдьиийбит буоларынан түөспүтүн тоҥсумматахпыт. Төттөрүтүн биир бэйэм ону кистиирим. Тоҕо диэтэххэ, дьон Анегина балта буоларбын биллэҕинэ, тоҕо эрэ, тус ситиһиим суолтатын намтатан кэбиһэллэрэ, “эдьиийиҥ көмөтө-өҥөтө буолуо” диэх курдук этэллэрэ. Ол иһин хас биирдиибит, чахчы, бэйэбит кыһамньылаах үлэбитинэн, дьоҥҥо үтүө сыһыаммытынан олох үктэллэрин дабайан таҕыстыбыт уонна эдьиийбит-суолдьут сулуспут сырдатар суолунан эрэллээхтик хардыылыыбыт…

Суруйда Анисия Иевлева.

Комментарии 1

Добавить комментарий