2 года назад 982
ТӨГҮРҮКТЭЭҺИНИ ТӨЛӨ КӨТӨН
Дойдуга бүрүүкээн турар байыаннай балаһыанньанан, патриотическай иитиигэ улахан суолта уурулунна. Ол курдук, РФ Президенэ Владимир Путин эһиил 2024 сылга Герой куорат – Ленинград – 872 хонуктаах блокадаттан босхоломмута 80 сылын киэҥник бэлиэтииргэ эттэ уонна онно аналлаах тэрээһиннэри 2023 сыл тохсунньу 18 күнүттэн саҕалыырга туһаайда.
Тоҕо тохсунньу 18 күнүттэн? Бу күн 80 сыл анараа өттүгэр Ленинград төгүрүктээһинин төлө көтөн, блокаданы букатыннаахтык көтүрүүгэ далаһаны уурбуттара.
Блокада кэмигэр 632 тыһыынчаттан тахса киһи хоргуйан өлбүтэ, 17 тыһыынча кэриҥэ киһи, буомбалааһыҥҥа түбэһэн, сырдык тыына быстыбыта.
Ленинграды босхолооһуҥҥа саха элбэх саллаата кыттыбыта. Оттон ол иэдээни иһиттэн билбит дьонунан А.Н. Островскай аатынан тыйаатыр институтугар үөрэнэ сылдьыбыт устудьуоннарбыт буолаллар.
Улахан куонкуруһу ааһан, 1940 сыллаахха саха талааннаах 32 (ардыгар 33, сороҕор 34 диэн суруйаллар) оҕото, артыыс идэтин баһылаары, Бүөтүр Пиэрбэй улуу куоратыгар уһуйулла барбыта. Сэрии саҕаланаатын кытта, М. Н. Авеловы, Н. Г. Катаевы, А. А. Попову, С. И. Тимофеевы, Е. Мыреевы аармыйаҕа ыҥырбыттара. Итинтэн Авелов уонна Тимофеев эрэ эргиллибиттэрэ. Сэттэ кыыс “олох суолунан” дойдуларыгар төннөн кэлбиттэрэ. Ол устуудьуйа оҕолоруттан уопсайа 15 эрэ киһи тыыннаах ордубута.
Бииргэ үөрэммит доҕотторун туһунан Исай Попов суруйбут “Оонньоммотох оруоллар, эстибит эрэллэр” диэн кинигэтэ 1994 сыллаахха “Бичиккэ” тахсыбыта.
Иван Гоголев-Кындыл айымньытынан Саха тыйаатырын режиссера Руслан Тараховскай “Кэрэ көмүскэлигэр” диэн испэктээги туруорбута.
Оттон 2019 сыллаахха А.Д. Макарова аатынан Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин «Күн Өркөн» устуудьуйатын оҕолорун толоруутугар “Оонньоммотох оруоллар” испэктээк киэҥ сэҥээриини ылбыта. Режиссер – Захар Никитин.
Ити курдук, Ленинград блокадатыгар түбэспит хаарыан ыччаппыт сырдык ааттарын үйэтитиигэ үлэ барар. Ахтыылар да сурулуннулар. Олортон Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах олохтооҕо Вера Варфоломеева матырыйаалын билиһиннэриэхпит.
ӨЛҮҮ ХАС ХАРДЫЫБЫТ АХСЫН ТОҺУЙАРА
Артыыс идэтигэр үөрэнэ барбыт ыччат ортотугар Хаҥалас Булгунньахтааҕыттан икки кыыс баара: Пелагея Дмитриевна Борисова уонна Ксения Васильевна Гаврильева.
Кинилэр бастакы кууруһу бүтэрэр бүтэһик эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран, ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдуларыгар сынньана баралларыттан үөрэн, көтүөхтэрин кынаттара эрэ суоҕа. Улуу куорат чуумпу үрүҥ түүнүгэр дуоһуйа күүлэйдээн баран, минньигэстик утуйан буугунуу сыппыттар. Хантан билиэхтэрэй, ол 1941 сыл бэс ыйын 21 күнэ устудьуоннуур олохторугар бүтэһик эдэрдии эрчимнээх күн буоларын, үөрүү-көтүү өр сылга «саҕахха саһыан, туос аччык олох дууһаҕа дириҥ бааһы оспоттук иҥэриэн»?!
Хоргуйууттан устудьуоннар өлөллөрө
Сэрии туоһута буолар дьылҕаламмыт, Арҕаа Хаҥалас Сата нэһилиэгиттэн төрүттээх, Ленинград блокадатын кыттыылааҕа Ксения Гаврильева ахтыыта:
“Бүгүн ньиэмэс сөмөлүөттэрэ биһигини, противотанковай иини хаһа сылдьар дьону, ытыалаатылар. Дьон сиргэ, умуһахха саспыттара, оскуолкалар үрдүбүтүнэн иһиирэн ааһаллара. Аһылыкпыт – тымныы уу, килиэп. Хонууга от-мас төрдүгэр 4-5 чаас устата утуйан ылабыт. Буомбаттан куттанан, дэриэбинэҕэ хоммоппут. Хас мүнүүтэ ахсын алдьархай күүтэр. Киэһэ 7 чаас саҕана хонук сирбит диэки, үлэттэн сылайан, нэһиилэ саллаһан хааман истэхпитинэ, эмискэ өстөөх истребителэ бүлүмүөт уотун аспыта. Биһиги «умуһахха!» диэн хаһыыны истээт, турар сирбитигэр налыс гынан сыппыппыт, сорохтор дьиэ хаххатыгар куоппуттара. Түүн 12 чааска барыбытын уулуссаҕа параат курдук туруорбуттара. Ыас хараҥа, арай сөмөлүөт тыаһа эрэ иһиллэр, ону прожекторынан көрдүүллэрэ. Ол турдахпытына, эмискэ үрдүбүтүнэн ракета уота сандаара түспүтэ. Бирикээс биэрбиттэрэ: «Бары 1-2 киһи буола-буола, Ленинград диэки куотуҥ!» — диэн. Сүр үлүгэрдик сүүрэн, ойуурга киирбиппит. Сиик-хаһыҥ түспүт этэ, бары ыһыллан хаалбыппыт.
Халлаан сырдыыта үөрэнэр кыһабар тиийбитим. Ититии суох, элэктэриичэстибэ суох, уу суох, ол иһин таһырдьаттан бөхтөөх хаары кыһыйан ылан, ыстакааҥҥа ириэрэн, таҥаһынан сиидэлээн иһэрбит. Ыстакаан аҥаара буор-сыыс буолара. «Буржуйка» диэн кыра тимир оһохпутун оттор мас суоҕа, ол иһин тоҥон өлөн барымаары, институт үчүгэйкээн олоппосторун уоран эрбээн оттор этибит. Бары хоргуйан, хос иһигэр нэһиилэ хаамарбыт. Хаһан эмэ фроҥҥа сылдьар уолаттарбыт кэлэн көрсөн бараллара. Массыына угунуоҕун курдук хойуу мааһы кэнсиэрбэ бааҥкатыгар кутан аҕалан биэрдэхтэринэ, ону чүмэчи гынан уматарбыт. Килиэп нуормата 125 грамм буолбута. Итинтэн атыны киһи ыйыстара туох да суоҕа. Хоргуйааһын саҕаламмыта, устудьуоннар өлүтэлээн барбыттара.
Вера диэн кыыс: «Аан аһыллыа, оччоҕо уолаттарбыт бары өлүөхтэрэ…» — диирэ. Монастырева Тася аччыктаан, бүтүннүү иһэн хаалбыта. Сүрдээх бэһиэлэй, хап-хара харахтаах кырасыабай кыыс этэ. Биирдэ Поля Борисовалыын нэһиилэ өйөһөн, доҕотторбутун көрсөн, институппутугар кэлэн испиппит. Ытыалааһын сүр этэ, арай, хайдах эрэ, аҥаар өттө үлтү тэптэриллибит дьиэҕэ тиийэн кэллибит. «Хайдах хайдаҕый, биһиги госпитальбыт дуу, атын дуу, туох алдьархайай?» — диэн дьиибэргээн, бэйэ-бэйэбитин көрсүһэн кэбиспиппит. Онтон өйдөөн, уолуйан хаалбыппыт. «Дьэ, иэдээн, оҕолорбут сордоохтор бүттэхтэрэ», — диэн баран, ытаһа-ытаһа, туох баар кыахпытынан хаамсан, стационарга киирбиппит. Уолаттар сытар хосторун аанын снаряд тоҕу көтөн барбыт этэ. Ити алдьархай 1942 сыл олунньу 15 күнүгэр буолбута. Миша Климонтов кыайан саҥарбат буолуталаан ылбыта, сарсыарда 6 чаас 50 мүн. өлбүтэ.
Хара кырыыстаах сэрии! Снаряд хосторугар түспэтэҕэ буоллар, Миша, баҕар, тыыннаах буолуо этэ. Биһиги уолаттарбытыттан ити институт истиэнэтигэр тыыннаах ким да ордубатаҕа. Ол кэмтэн ыла хас да сыл ааста да, төрүт умнубаппын. Ити охсууттан көнө илик курдукпун. Саатар, таптыыр идэбэр ылбатахтара. Бурнашев Мишаны олунньу ый 27 күнүгэр сарсыарда массыынаҕа олордон илдьэ кэлээрибит сыҕарытан, тас ааҥҥа таһаарбыппыт, илиитэ, атаҕа хамсаабат буолбут этэ. Хараҕын уута иэдэһинэн таҥнары сүүрэн түһэрэ… Ити барыта сэрии оҥорбут соро… Институт дириэктэрэ Миша Бурнашеву агдакатыттан көтөҕөн киллэрэн, вестибюль ортотугар туруоран кэбиспитэ. Олунньу 27-гэр массыынаҕа тиэллэн, Финляндскай вокзалга кэлбиппит. Килиэп биэртэлээбиттэрэ, ол килиэппит сыта, оо, үчүгэйиэн, субу-субу быһа ытыран сии сатыырбыт” .
Ксения Васильевна Гаврильева Ленинград блокадатын кэнниттэн бухгалтердар куурустарын бүтэрэн, араас үлэҕэ үлэлээбит. Үс оҕолоох, 8 сиэннээх, 12 хос сиэннээх. 2002 с. Аммаҕа көмүс уҥуоҕа хараллыбыт.
Уонча сыл аҕа дьахтар… бэйэтэ этэ
Сүрдээх ыар дьылҕаламмыт Ленинград көмүскэлигэр Ι Малдьаҕартан төрүттээх эдэркээн Полина Борисова күүһүн харыстаабакка кыттыбыт: харах госпиталыгар санитарканан үлэлээбит. Бааһырбыт саллааттарга ырыа ыллаан, испиктээкилтэн монолог ааҕан сэргэхситэрэ үһү.
«Ол дьулаан кэми санаатахпына, сөмөлүөттэр куугунаан көтөн кэлэр тыастара кулгаахпар билигин да иһиллэр. Мин дьүөгэлэрбин кытта баһаары утары охсуһар хамаандаҕа үлэлээбитим. Салгын түрүбүөгэтэ буолла да, дьиэ үрдүгэр аналлаах постарга тахса охсон, хас өстөөх сөмөлүөтэ киирбитин биллэрэр, умайар буомба түстэҕинэ, умуруорар соруктаах этибит. Биирдии сырыыга өстөөх сүүстэн тахсалыы сөмөлүөтэ көтөн кэлэрэ. 1941 сыл атырдьах ыйын 20 күнүттэн өстөөх куораты иилии эргийбитэ, ас-үөл баранан, аччыктааһын саҕаламмыта. Өлө сытар дьонтон көп өттүн элийэн ылан, сээкэйгэ буккуйан сииллэрэ. Уулуссаларга киһи өлүгүн атыллаан сылдьар быһыы буолбута» диэн Пелагея Дмитриевна Борисова аахтыытыгар суруйбут.
Полина Борисова дьүөгэтэ Таня Монастырева кылгас олоҕун бүтэһик түүнүгэр: «Таптыыр ырыаларбытын ыллыаххайыҥ», — диэн көрдөспүтүгэр, «Ньургуһуннары» толорбуттар. Дойдуларын санаан, харах уута халыйа сүүрэн, ырыа ситэри ылламматах. Пелагея Дмитриевна орто кыыһа Анастасия Соловьева ахтыытыгар: «Ийэбит блокада туһунан кэпсээри гыннаҕына, хараҕа ууланан, куолаһа кэһиэҕирэн хаалара. Арай биири кэпсээбитэ өйбөр хатанан хаалбыт. Кострома куорат балыыһатыгар сирэйин сууна турбут. Көрдөҕүнэ, тэйиччи соҕус киниттэн уонча сыл аҕа дьахтар сууна турар үһү. Ийэм көрдөҕүнэ көрөр, ымайдаҕына ымайар. “Бэйэбэр дылы, эрэйдээх эмиэ Ленинградтан иһэр быһыылаах, бээ, саха курдук, баран кэпсэтиэххэ” диэн баран, утары барбыт. Онто дьахтара эмиэ кини диэки утары хаампыт. Арай өйдөөн көрбүтэ — сиэркилэ эбит. Үөрэнэ тиийэригэр эттээх-сииннээх кыыс уҥуохтаах-тириитэ эрэ хаалан, уон төгүл кырдьыбыт көрүҥүттэн наһаа соһуйан, куттанан, ытыы олордоҕуна, мэдиссиинэ сиэстэрэтэ кэлэн ааттаһан уоскуппут.
Ийэбит 1948 сыллаахха диэри Саха тыйаатырыгар артыыһынан, онтон Чурапчы Мындаҕаайытыгар тулаайах оҕолор дьиэлэригэр үлэлээбитэ. Манна аҕабытын Соловьев Андриан Тимофеевиһы көрсөн, ыал буолбуттара. Аҕабыт эмиэ сэрии кыттыылааҕа. Кини 19-с хайыһардьыттар биригээдэлэрин снайпера, биир сэриигэ иккитэ төхтүрүйэн барбыт сэдэх байыас буолар. Кэлин даҕаны ийэбит сыанаттан түспэт артыыска этэ. Тыйаатыр, ускуустуба эйгэтигэр үөрэнэ сылдьыбыт диэх курдук, «Ини-бии» драматтан ийэ монологун толордоҕуна, дьон ытаһара, «Күкүр Уус» оруолун оонньоотоҕуна, көрөөччү күлэн «быара суох» барара».
Сэттэ оҕо күн-күбэй ийэтэ Борисова Пелагея Дмитриевна баара-суоҕа 56 сааһыгар күн сириттэн арахпыт. Кини ыллаабатах ырыаларын, оонньооботох оруолларын оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Ол курдук, Руслан үгүс оҕону ырыаҕа-тойукка уһуйбут элбэх ырыа ааптара, ансаамбыл салайааччыта. Альбина Уус Алдан «Найахылар ыллыыллар» диэн хор солиһа, кыра кыыс Лена култуура үлэһитэ, I Хомустаахха бэйэтэ мини-тыйаатырдаах, Булгунньахтаахха олорор сиэнэ Евгений Соловьев эмиэ эбэтин утумнаан, дэгиттэр талааннаах үҥкүүһүт, ырыаһыт.
Хаарга үүммүт сибэккилии
Дьылҕа тыйыс ыйааҕынан уот оҕуурга түбэспит, сүрдээх-кэптээх сэрии сүллүгэһин тулуйбут дьоммутун Гаврильева Ксения Васильевнаны, Борисова Пелагея Дмитриевнаны өлүү хас хардыыларын аайы күөйбүт да, мүлчү-халты туттан, тыыннаах хаалаахтаабыттар. Кинилэр олоххо дьулуурдара өссө күүһүрэн, тоҥ хаарга сибэкки буолан үүммүттэринэн – сирдээҕи аналларын толорон, тапталлаах кэргэн, ийэ буолар дьолу билбиттэринэн, оруоллары да оонньообуттарынан – биир дойдулаахтара киэн туттабыт.