2 года назад 663
Бастакы биологическай үлэни суруйбута
А.Е. Кулаковскай 1979 с. тахсыбыт “Научные труды” кинигэтигэр “Виды животного и растительного царств, известные якутам” диэн анал салаа баарын билэҕит. Онно Өксөкүлээх Өлөксөй көтөр-сүүрэр, хамсыыр-харамай, үүнээйи сахалыы, нууччалыы, латыынныы ааттарын суруйан хаалларбыта киирбитэ.
Бу үлэтэ бастаан 1929 сыллаахха Нуучча географическай уопсастыбатын сурунаалыгар бэчээттэммит. Илиинэн суруллубута (оригинала) билиҥҥэ диэри көстө илик.
2010 сыллаахха Людмила Реасовна Кулаковская этиитинэн, биолог учуонайдар ити ааттарга кэмэнтээрий суруйар үлэни саҕалаабыттар. Дьэ, ол барыта түмүллэн, бу соторутааҕыта дьоһун кинигэ буолан таҕыста. Ону билиһиннэрии Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылын түмүктүүр тэрээһинин быһыытынан ахсынньы 27 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр буолла.
Презентацияны А.Е. Кулаковскай институтун ыстаарсай научнай үлэһитэ Светлана Дарбасова салайан ыытта:
-2012 с. Москубаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ биһиги учуонайдарбыт Өксөкүлээх универсальнай киһи буоларын дакаастаан тураллар. Холобура, Василий Дарбасов Алексей Елисеевиһи экэнэмиис, Степан Колодезников айылҕаттан айдарыылаах педагог, Дмитрий Саввинов бастакы эколог быһыытынан кэпсээбиттэрэ. Ити курдук, бары өттүттэн көрөн, дэгиттэр дьоҕурун арыйан, бар дьону сөхтөрбүттэрэ. Ону истэн баран, Горькай аатынан Аан дойду литератураларын институтун дириэктэрин солбуйааччы Алексей Чагин: “Бүгүн биһиги бары 100 сыл анараа өттүгэр А.Е. Кулаковскай оттубут кутаатын уотугар иттэ олоробут. Өссө да элбэх дьон ол кутаа сылааһыгар, сырдыгар иттиэхтэрэ. Тоҕо диэтэххэ, Өксөкүлээх эппитэ – үйэлээх идиэйэлэр”, — диэбитэ.
“Чахчыта да, “Ойуун түүлүн” дьоппуоннуу, туроктыы тылбаастаан ааҕа сылдьаллар”, — диэн бэлиэтээтэ Кулаковскай институтун үлэһитэ Парасковья Сивцева-Максимова.
Салгыы тылы бу кинигэҕэ үлэлэспит учуонайдар эттилэр.
Биология наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Иннокентий Мордосов:
-Өксөкүлээх бу 1912-1919 сс. суруйбут үлэтэ Саха Сиригэр бастакы биологическай үлэ буолуо. Ол иннинэ маннык хабааннаах үөрэтии, ыстатыйа суоҕун тэҥэ. Историк Г.Ф. Миллер, этнограф Р.К. Маак кыратык ахтан аһардыбыттар. Холобура, Маак “Вилюйский округ Якутской области” диэн кинигэтигэр кыылларга, үүнээйилэргэ аҕыйах матырыйаалы киллэрбит. Онно сорохторо, хата, сахалыы ааттарынан суруллубуттар. Ол кэнниттэн В.Л. Серошевскай, В.И. Иохельсон үлэлэрэ тахса сылдьыбыттара да, онно Саха Сиригэр ханнык үүнээйилэр, кыыллар тарҕанан олороллорун туһунан чопчу ыйыллыбатах.
Өксөкүлээх бу “Виды животного и растительного царств, известные якутам” үлэтэ тус бэйэбэр олус сыаналаах уонна суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи көтөрү-сүүрэри тэҥнээн көрөрбөр туһанабын. Холобура, туртас 1925 сылтан биирдэ үөдүйбүт эбит. 50-тан тахса кынаттаах эбиллибит. Овцебык, нуорка, андаатар, хорек, бизон курдук кыыллары аҕалан тэниттибит.
Бу үлэҕэ кыттыһаары, балыктарга, чыычаахтарга, баҕаларга, сыыллааччыларга, үүт аһылыктаахтарга 5 научнай ыстатыйаны суруйдум. Ону барытын холбоон, Кулаковскай бу үлэтин кытта тэҥнээн, улахан кээмэйдээх кинигэни таһаартарар баҕа санаалаахпын.
Билигин биһиги институппутугар үүнээйи, хамсыыр-харамай сахалыы аатын билбэт оҕолор туттарса кэлэллэр. Учууталлар ол иһин бу кинигэни ылан, үөрэнээччилэргитин бэлэмнииргитигэр сүбэлиибин.
“Виды животного и растительного царств, известные якутам” кинигэҕэ биллиилээх улахан учуонай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин академиятын вице-бэрэсидьиэнэ, академик Афанасий Чугунов үлэтэ киирбит.
Өссө биир саамай үлэлэспит киһинэн ХИФУ доцена Вилюра Кардашевская буолар:
-Учууталым, бэрэпиэссэр Петр Алексеевич Тимофеев 2010 сыллаахха Өксөкүлээх үлэтинэн бырайыакка кыттыһарга эттэ. Бэйэтэ мастар тиэмэлэрин ылыах буолбута, миэхэ сиэниллэр оттору биэрбитэ. “Бэйэҕэр туһалаах буолуоҕа”, – диэбитэ. Кырдьык, олус умсугуйан үлэлээбиппит. Үөрэнээччим Сахайаана Степановна Сивцевалыын аҥаардаһан оҥорбуппут. Ыксаллаах соҕус буолан, бүтэрэ охсор сорук баара. Үөрэрим диэн, бу кинигэ киэҥ араҥа ааҕааччыга ананар. Элбэх киһи от-мас, кыыл-сүөл сахалыы аатын билиэ. Оттон академическай таһаарыылар сүрүннээн учуонайдарга, анал чинчийээччилэргэ эрэ туһуланаллар.
ХИФУ геоботаникаҕа лабораториятын научнай салайааччыта Парасковья Гоголева:
– “Научные труды” кинигэҕэ 240-тан тахса үүнээйи аата баар. Онно тирэҕирэн, Өксөкүлээх аатын бэлиэтээн туран, А.И. Толмачев салайааччылаах редколлегия (В.Н. Андреев, Т.Ф. Галактионова уо.д.а.) 1974 сыллаахха “Определитель высших растений Якутии” диэн фундаментальнай кинигэни бэлэмнээн таһаарбыттара. 1560 үүнээйи (87 кэргэн, 444 уус) сахалыы аата киирбитэ. Ити ааттары үксүн агроном идэлээх А.М. Петров этэн биэрбит. Ону улахан учуонайдарбыт Н.Е. Петров, П.С. Афанасьев, А.А. Макаров, С.З. Скрябин састааптаах анал хамыыһыйа ылыммыт. Научнай кинигэ буолан, норуот бэйэтэ иҥэрбит ааттара киирбэтэхтэр. Ол иһин сорох үүнээйилэр латыынныы биитэр нууччалыы эрэ ыйылла сылдьаллар. 2002 с. хаттаан таһаара сылдьыбыттара.
Дьэ, онтон 2020 сыллаахха А.А. Егорова, В.И. Захарова, А.П. Исаев, Р.Р. Софронов састааптаах хамыыһыйа, саха тылын исписэлиистэрэ Ф.Н. Дьячковскаяны уонна А.М. Николаеваны кытта бииргэ үлэлээн, “Определитель высших растений Якутии” кинигэни саҥардан, кэҥэтэн таһаарбыттара. Манна 1950 үүнээйи аата киирбитэ (113 кэргэн, 525 уус). Ити 525 уустан 379-һа эрэ сахатыйда. Ол эбэтэр 70-ча бырыһыана.
Сахалыы олус табыгастаахтык ааттаммыттар бааллар: уулаайы – уу кытыытыгар үүнэр талах мас; унньуула – уһун силистээҕин иһин; кулун кутуруга – кырдьык да, кулунчук кутуругун курдук; тураҥнаайы – туустаах эрэ сиргэ үүнэр; бакаарыйа – сыыһа тутуннаххына, бөтүөҥ да бакарыйыаҥ.
Саха поэттарыттан Сэмэн Данилов саамай элбэхтэ үүнээйи аатын туһанар эбит. 845 хоһоонугар көрдүбүт, онно үүнээйи 45 арааһа 207-тэ ахтыллыбыт. Холобур, “Хомсомуол төлөннөөх сүрэҕэ” поэматыгар маннык диэбит:
Хотоол хордоҕойго хара үкэрдэр,
Кылыс манчаарылар, муҥур өлөннөр,
Харба дабыдаллара, хаас баттахтара,
Күөх лиэнтэлээх баҕа батастара.
Күөх сибэккилэр, тимэх сибэккилэр,
Эмтээх мэтээстэр, эрэдээк оттор,
Кыһыл кириэннэр быыһа суох симсэллэр.
Бу курдук суруйааччылар айылҕаны хоһуйан, дьон-сэргэ от-мас сахалыы аатын билэллэригэр кылааттарын киллэриэх тустаахтар.
Өксөкүлээх Өлөксөйгө сүгүрүйэр бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев көмөлөһөөччүтэ Николай Барамыгин, “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ “Өксөкүлээх нэһилиэстибэтэ” сиэксийэни сүрүннүүр Александр Ноговицын, уо.д.а. санааларын үллэһиннилэр.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Александр Колесов кинигэҕэ үлэлээбит дьоҥҥо Махтал суруктары туттарда. Манна даҕатан эттэххэ, бу киин Кулаковскай института ыытар үлэтин өрүү өйүүр, спонсордыыллар. Бу да тэрээһини кинилэр тэрийистилэр.
Ол курдук, Норуоттар доҕордоһууларын киинин үлэһитэ Анастасия Дарбасова Өксөкүлээххэ анаммыт биктэриинэни презентацияҕа кэлбит дьоҥҥо оонньотто.
Бу дьоро киэһэҕэ түмүктүүр тылы Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская эттэ:
-Кулаковскайдарга саамай аҕалара буолабын. 1938 сылтан литература халыҥ хаарын дьоммун кытта тэҥҥэ оймоон кэллим. Эһэм, аҕам ааттарын үрдүктүк тутан, үйэтитэ сатыыр дьону дьиҥнээхтик таҥара курдук көрөбүн. Суорун Омоллоону кытта Суотту мусуойугар 30-ча сыл бииргэ үлээбитим. Итинтэн 17-тэ сылын биир дьиэ иһигэр олорон. Биирдэ кини хараҕар уонна кулгааҕар наһаа ымсыырарбын эппиппэр соһуйан: “Тоҕо?” – диэбитэ. Онуоха мин: “Алексей Елисеевиһи илэ көрбүт, киниэхэ үөрэммит соҕотох эн буолаҕын”, — диэн хардарбытым. Суорун Омоллоону биһиги эһэбит курдук саныырбыт, көмүс курдук тутарбыт. Биһиги тапталбытыгар кини эмиэ истиҥ сыһыаннааҕа. “Дмитрий Кононович, эн Социалистическай үлэ дьоруойаҕын, норуодунай суруйааччыгын, маннык улуу киһилиин алтыһа сылдьарбыттан үөрэбин”, — диэбиппэр, Суорун Омоллоон: “Улуу диэн баар буоллаҕына, Өксөкүлээх Өлөксөй улуу. Ханнык да өттүттэн эрийэ тарт, улуута син биир тахса турар. Мин – үлэһиппин. Сорох киһи кыһамньытынан ситиһэр, сорох кыра талааннах буолар. Оттон Алексей Елисеевич эргиччи улуу”, — диирэ. Мин оччолорго улуутутарыттан кыбыстар курдук туттарым. Уопсайынан, биһиги дьиэ кэргэн, эһэбитин буржуазнай националист диэн балыйыахтарыттан ыла, оллурдаах-боллурдаах олоҕу олорон ааспыппыт. Аҕам Реас Кулаковскай өлүөн да иннинэ: “Үөҕэн эрэллэр дуо?” – сураһа сыппыта. Сол курдук кини сүрэҕэр ыарыылаахтык киирбит этэ. Ону муударай буолан, ким да тыыппат, туора көрбөт сиригэр – Таатта Чычымаҕар – 8 оҕотун илдьэ көһөн баран олохсуйар. Онно биһигини бары таптыыллара, “Реас оҕолоро” диэн маанылаан ааттыыллара. Оннук ыгыылаах, күтүрээһиннээх кэмҥэ куттаммакка туруорсубут, эһэбит аатын төнүннэрэргэ турууласпыт учуонайдары мин дьоруойдар курдук көрөбүн. Өйдүүбүн ээ, төрдүскэ үөрэнэ сырыттахпына, Канаев Чычымахха тахсан, эһэм кинигэтин биһиги харахпытыгар уоттаппытын. Ону аҕабыт: “Улааттаххытына, наада буоллаҕына, норуот бэйэтэ ороон таһарыа”, — диэбитэ. Чахчыта да, Өксөкүлээҕи ороото. Норуоппут лиидэрэ диэн ааттаата.
Эһэбит бу үбүлүөйдээх сылыгар элбэх үлэ, тэрээһин буолла. Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта Ил Түмэн дьокутаата Александр Жирков “Национальная интеллигенция и становление государственности народов Якутии” сиэрийэнэн А.Е. Кулаковскайга анаммыт кинигэни бэлэхтээтэ. Бу кинигэни кини, Л.Р. Кулаковская, П.А. Сивцева-Максимова, С.Д. Дарбасова хомуйан оҥордулар. Бэрэсиэдьэннэрбит, учуонайдарбыт, судаарыстыбаннай диэйэтэллэрбит ахтыылара киирбиттэр. Ити иһин Кулаковскай институтун үлэһиттэригэр олус махтанабын.
Биир нэдиэлэ иһигэр икки кинигэни илиибэр тутан, ол үөрүүтүн итэҕэйбэккэ: “Бу түүл дуо?” – диибин… Баҕа санаам диэн, Өксөкүлээх Өлөксөйгэ түмэл дьиэтэ тутуллара буоллар…
***
Бу маннык түгэннэр түүл буолбакка, илэ олохпутугар аны мантан ыла өссө элбии туруохтара диэн эрэнэбит. Тоҕо диэтэххэ, А.Е. Кулаковскай төрөөбүтэ 150 сылыгар диэри Өксөкүлээх 5 сылын бу саас Ил Дархан биллэрэн турар. Онон өссө элбэх үлэ, үөрүү уонна үйэтитии күүтэр.
Анисия Иевлева