2 года назад 321
“Күн Дьөһөгөй оҕото” быыстапкаҕа сылдьыҥ
Бүгүн, ол эбэтэр ахсынньы 8 күнэ, Худуоһунньук норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ эбит. Оруобуна бу күнү көрсө курдук, Е. Ярославскай аатынан түмэлгэ живописец, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, Алампа аатынан бириэмийэ быйылгы лауреата Иннокентий Корякин “Күн Дьөһөгөй оҕото” быыстапката аһылынна. Манна ааптар хаһан да киэҥ эйгэҕэ таһаарбатах 13 саҥа үлэтин көрдөрүүгэ туруорда.
Иннокентий Иннокентьевич сылгыны, арааһа, хас иккис уруһуйугар ойуулуур быһыылаах. Маныаха сыспай сиэллээх араас кэмҥэ уонна уобараска дьүһүйүллэр: халлааҥҥа олорор Дьөһөгөй айыы, сылгыһыт идэтин үрүҥ сүүрүктэрэ, саха киһитин миинэр миҥэтэ, атыыр үөрэ, айылҕа оҕолоро, кыыдааннаах тымныыны тулуйар түөрэм үктэл туйахтаахтар…
Быыстапка тохсунньу 10 күнүгэр диэри туруо. Оттон бүгүн урут биллибит хартыыналарын сэргээн көрүҥ.
Манна даҕатан эттэххэ, саха халандаарынан кэлэр 2023 сыл Дьөһөгөй сыла диэн аахпытым. Саха киһитигэр сылгы барахсан Айыы таһымыгар үрдүк суолталаах. Үрүҥ сылгы сиэлэ куһаҕан тыыны кыйдыыр, кымыһа үгүс ыарыыны эмтиир. Оттон этэ, хартата, хаана, быара, хаһата – иҥэмтэлээх бастыҥ аспыт буоллаҕа эбээт!