Хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах - Блоги Якутии

2 года назад 317

Хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах

“Хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах, холобура суох хоһоонноох хомус барахсан” элбэх норуокка баар үстүрүмүөн эрээри, сахалар курдук өрө тутар омук суох быһыылаах. Хомус биһиэхэ  – төрүт дорҕооммут, куйаары кытары ситиммит, өбүгэбит бэлэҕэ, ытыс саҕа ымыыбыт, духуобунай бэлиэбит, арчылыыр дьүрүскэммит, култуурабыт көрүҥэ, устуоруйабыт сорҕото.

Ол иһин улаханнык суолталаан, 1990 сыл сэтинньи 30 күнүгэр Хомус түмэлин аһаллар. Онтон 2011 cыллаахха ити бэлиэ даатаны Хомус күнүнэн биллэрэллэр.

–Атын дойдулар биһиги хомуска улахан болҕомтону уурарбытын сөҕөн: “Кыра омук диэтэххэ, өйгүт-санааҕыт тугун киэҥэй, олус да түмсүүлээххит!” – диэн хайгыыллар. Монгуоллар кэлэ сылдьан ымсыырардыы эппиттэрэ: “Биһиэхэ эһиги кырыымпаҕытыгар майгынныыр моринхур диэн национальнай үстүрүмүөннээхпит да, маннык кииммит суох”, — диэн. Онуоха махтаныах тустаахпыт И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан бу мусуойу тэрийбитигэр, К.Д. Уткин-Нүһүлгэн, С.В. Телье-Иванов сатабыллаахтык салайбыттарыгар, Н.С. Шишигин аан дойду таһымыгар таһаарбытыгар, өрөспүүбүлүкэбит салалтата өрүү өйүүрүгэр, — диэн кэпсээнин саҕалыыр Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин дириэктэрэ Дмитрий Бэстиинэп.

– Хомустаах норуот элбэх, 200-тэн тахса, ол эрээри биһиэхэ эрэ судаарыстыбаннай суолталаах, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах тэрилтэ баар. Онон аан дойду варганистарын сүрүннүүр оруоллаахпыт. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр уопсастыбаннай төрүккэ олоҕурбут 14 филиаллаахпыт.

— Тэрилтэҕит аата нууччалыы “Музей и центр хомуса народов мира” диэн эбит. Оччоҕо тоҕо Хомус аан дойдутааҕы түмэлэ уонна киинэ диибитий?

— Устааппытыгар сахалыытын итинник диэн бигэргэппиттэр, ол иһин оннук барбыт. Бу боппуруоһу чопчулуур санаалаахпыт. Ааппытыттан да көрдөххүнэ, биһиги көннөрү мусуой эрэ буолбатахпыт, киин диэн эмиэ статустаахпыт. Онон ыытар үлэбит хас да хайысхалаах: көрдөрөр-быыстапкалыыр, үөрэтэр, куонкурустары тэрийэр, науканан дьарыгырар, о.д.а.

         Научнай салаабытын ылар буоллахха, өскөтүн урукку өттүгэр үбүлүөйдээх сылга, итиэннэ Конгресс кэмигэр эрэ научнай-практическай кэмпириэнсийэ (НПК) тэриллэр эбит буоллаҕына, билигин 4 сыл буола-буола Арассыыйатааҕы, 2 сыл буола-буола өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүлгэлэри олохтуурга былааннанныбыт. Бүтүн Арассыыйатааҕыга бастакы холонуубут 2019 сылга этэ – “Хомус (варган): историко-культурные традиции и музыкально-терапевтические практики” диэн НПК буолбута. Хомусотерапияҕа анаммыта, ол түмүгүнэн научнай ыстатыйалар хомуурунньуктарын таһаардыбыт. Оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-быт 2020 с. хомус ууһа Иван Федорович Захаров-Кылыадьы төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыта. Ити курдук, ханнык эмэ бэлиэ даатаҕа, тиэмэҕэ туһаайан, сыһыаран ыытар буолуохпут.

Саамай улахан үлэбит – үс томнаах каталог бэлэмнии сылдьабыт. Эркин Павлович Алексеев диэн учуонай сэкирэтээрбит салалтатынан. Бастакы томун былырыын таһаарбыппыт. 200 страницалаах буолла. Манна  Дьокуускайтан уонна 21 улуустан 142 уус охсубут 628 хомуһун наардаан киллэрдибит. Ааттара-суоллара, хайа улуустан төрүттээҕэ, хомустар нүөмэрдэрэ ыйыллар.

 2-с туомҥа аан дойду норуоттарын хомустара киириэхтэрэ. Бэйэбит барыллааһыммытынан, эмиэ 1-кы туом саҕа кээмэйдээх буолуоҕа.

Култуурунай-маассабай үлэбитин кэпсээтэххэ, оҕолорго аналлаах “Дьүрүһүй, хомуһум” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустаахпыт. Сылын ахсын хас эмэ сүүһүнэн  оҕо кыттар. Бу күрэҕи Арассыыйа таһымыгар тэрийэр соруктаахпыт. Ыччакка күрэхтэһиибит диэн, саха хомуһун Москубаҕа бастакынан дьүрүһүппүт, хомуспут сүппэт дьылҕатыгар төрөөбүт Лука Турнин аатынан истипиэндьийэлээхпит. Биир дойдулаахтара таатталар бириэмийэтин олохтууллар, үрүҥ көмүс бэлиэлээх. Бу аат лауреата буолар туһуттан, бастатан туран, Лука Турнин ньыматынан хомустуурга күрэхтэһэллэр, иккиһинэн, хомус устуоруйатыгар ыйытыыларга хоруйдууллар. Өссө да элбэх кыттыгас бырайыактаахпыт. Холобура, уус алданнары кытта  “Хомус кырдала” диэн күөн күрэстээхпит.

Үөрэтиигэ туһуламмыт үлэбитин сырдаттахха, М.К. Аммосов аатынан университет базовай кафедрата буолабыт. Онон устудьуоннарга анаан факультативтары тэрийэбит. Хомус күнүгэр анаммыт дэкээдэлэр чэрчилэринэ онлайн-лекториумнары ыытабыт. ХИФУ учуонайдара хомус устуоруйатыгар, уһуйууга лиэксийэлэри култуура үлэһиттэригэр, оҕо саадын уһуйааччыларыгар, учууталларга анаан ааҕаллар. Онуоха истээччилэргэ фундаментальнай кууруһу ааспыттарын туоһулуур сэртипикээттэри туттарабыт.

Уустара суох бу мусуой суох буолуо этэ. Онон уустарбытын кытта ситимнээхтик үлэлиибит. Уһаныан баҕалаах ыччакка анаан, лекториуммут чэрчитинэн, маастар-кылаастары биллэр уустарынан ыыттарыахпыт. Сатабылларын, таһымнарын үрдэтэр туһуттан Туймаада уонна Олоҥхо ыһыахтарыгар сыллата хомус тылын олордууга, хомуһу уһаарыыга күрэхтэһиилэри Уустар сойуустарын кытта тэрийэбит.

Пуонданы хаҥатыыга тохтуур эбит буоллахха, сылын аайы судаарыстыбаннай түһээн түһэр. Быйылгы сакааспыт — 20 биридиэмит. Түмэлбит иһинэн экспертнэй хамыыһыйалаахпыт, олор көрөн ылаллар. Сороҕор бэлэх быһыытынан кэлэр, сороҕор атыылаһабыт, сороҕор эспэдииссийэ түмүгэр булабыт. Билигин мусуойбут барыта 9165 экспонаттаах. Итинтэн 1800-һэ — хомус, онтон атына — хаартыска, киинэ, докумуон, о.д.а. Биһиэхэ туристар, ыалдьыттар хайаан да сылдьан ааһаллар. Аан дойду араас хомуһа баарын көрөн: “Эмиэрикэҕэ, Дьопуруопаҕа бэйэлэригэр суох хомустар бу үөдэн түгэҕэр сытар ыраах сиргэ хараллыбыттар эбит дуу?!” – диэн сөҕөн-махтайан барааччылар. Омук 596 хомуһун Эмиэрикэ учуонайа, 1955 сылтан варган устуоруйатын үөрэппит, Хомус конгреһын бастакынан тэрийбит Фредерик Крейн бэлэхтээбитэ, 47 сыл устата муспут чааһынай кэллиэксийэтин. Санкт-Петербург олохтооҕо Валерий Брунцев, Швецияттан Антон Брухин, Японияттан Лео Тадагава мусуойбутун байытыыга эмиэ улахан көмөлөөхтөр.

Киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга Н.С. Шишигин сүҥкэн үлэни ыытан, билигин хомуспут өрөспүүбүлүкэбит “визитнэй карточката”, биллэр биир брендэ диэн эрэллээхтик этэбит.

Аан дойду варганистара биһиги түмэлбитин сүрүннүүр, тирэҕирэр киин быһыытынан билинэллэр, онон ол оруолбутун сүтэрбэт туһугар үлэлиибит. Онуоха хомуспут аатыттан саҕалаан, оҥоһуллар ньыматыгар, хайдах тардан оонньуурбутугар тиийэ барыта көмүскэллээх буоларын хааччыйыахтаахпыт. Ити олоҥхобутугар, төрүт ииспитигэр-ууспутугар, фольклорбут жанрдарыгар – барытыгар сыһыаннаах. Ким да былдьаспатын, үтүктүбэтин, көҥүлэ суох туһамматын туһуттан. Саатар, судаарыстыбаннай реестргэ киллэрдэххэ, куйахтаах-хаххалаах буолуо этибит, биһиэнэ буоларын дакаастыырга. Маныаха култуура министиэристибэтин иһинэн анал юридическай салаа тэриллэн үлэлиэн наада.

Быыстапкалыыр сааланы саҥардыыга былаан элбэх. Бастатан туран, көрдөрүүгэ ууруллубут хас биирдии хомус QR-кодтаах буолуоҕа. Ол штрих көмөтүнэн төлөпүөннэригэр тустаах хомус хайдах тыаһыырын истиэхтэрэ.

Биһиги мусуойбут классическай оҥоһуулаах. Ол эбэтэр хаартысканан истиэндэлэр, экспонаттаах витриналар. Дьиҥэр, виртуальнай инсталляция, голограммалар баар буолуохтарын эмиэ баҕарабыт. Оччоҕо элбэҕи көрдөрүөхпүтүн, кэпсиэхпитин сөп. Кыараҕас саалалаах дьоҥҥо табыгастаах буолуо этэ. Ол эрээри мусуой диэн дьиҥнээх кэрэһиттэр түмүллүбүт сирдэрэ, онон наһаа аныгы технологиянан үлүһүйэр сыыһатын эмиэ өйдүүбүт. Онон ортотун көрөн туһанар ордук.

Цифровизация боппуруоһугар тиийдэххэ, ilkhomus.ru саайпытын күүскэ үлэлэтэн эрэбит. Туох баар сонуннарбытын, үлэбитин, ыстатыйаларбытын, отчуоппутун барытын онно киирэн көрүөххүтүн сөп. Инстаграмҥа эмиэ баарбыт. Ютуб ханааллаахпыт. Хомуһу тардыыга уруоктары устан укпуппут. Кииммитигэр тэрийэр муусукаалынай саломмутун, ыытар тэрээһиннэрбитин сыыйа интэриниэт ситимигэр киллэрэн иһиэхпит.

Үйэтитиигэ этэр буоллахха, уустарбытын. толорооччуларбытын, хомуһу сөргүтүүгэ, пропагандалааһыҥҥа үтүөлээх дьоммутун ааттатар эбээһинэстээхпит. Н.С. Шишигин туһунан ахтыы кинигэтин бэлэмнээн таһаартардыбыт.

— Хомус кэнгириэһэ буолбатаҕа ыраатта дуу?

— Бүтэһик VIII Кэнгириэс 2014 сыллаахха Германия  Тауха куоратыгар буолбута. Ол кэнниттэн 2018 c. Москуба тэрийиэхтээх этэ да, үп-харчы кырыымчыгынан кыаллыбатаҕа. Ол иһин “Варганистар аан дойдутааҕы уопсастыбаларын бырабылыанньата баар сиригэр Австрияҕа буолар” диэн быһаарбыттарын кэннэ, аны Кытай бэйэтигэр былдьаһан ылбыта, ол эрээри баартыйаларын былааныгар киирбэтэҕинэн, 2020 сылга көһөрбүттэрэ. Онтон пандемия туран тохтообута.

Дьокуускайга 1991 сыллаахха II Конгресс буолбута. Онно быһааран тураллар: “Саха сиригэр эрэ виртуозтары бигэргэтэр буолуохпут”, — диэн. Онон бастакы 9 виртуоз оонньооччуну 1991 сыллаахха анал куонкуруһу ыытан талбыттара. Олор истэригэр сахалартан Федора Гоголева, Петр Оготоев, Спиридон Шишигин бааллара. Иккистээн Саха сиригэр Конгресс 2011 сыллаахха буолбута. Онно эмиэ 9 киһи виртуоз үрдүк аатын ылбыта, ону туоһулуур үрүҥ көмүс бэлиэлэри түөстэригэр кэппиттэрэ. Биһигиттэн Альбина Дегтярева-Айархаан, Юлиана Кривошапкина-Дьүрүйээнэ, Ким Борисов. Ол эрээри 20 сыл буола-буола кылаан чыпчаалга тиксэр диэн наһаа өр кэм. Ол иһин попечительскай сэбиэккэ этии киллэрэн, култуура министиэристибэтэ өйөөн, Ил Дархан анал дьаһала тахсыахтаах – мантан инньэ хас Кэнгириэс аайы виртуозтары бигэргэтэр туһунан.

– Быйыл виртуоз хомусчуттары талар аан дойдутааҕы күрэх Дьокуускайга бэс ыйыгар буолбута дии?

– Норуоттар икки ардыларынааҕы “Хомусист-виртуоз мира” куонкуруска 38 хомусчут 9  дойдуттан уонна Арассыыйа 11 эрэгийиэниттэн кыттыбыта.  Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 9 виртуоз буолбута : Раджашекар Бимачар (Индия), Кутманаалы Султанбеков (Киргизия), Эркин Алексеев (Саха Сирэ), Варвара Степанова (Саха Сирэ), Гоукон Фукико (Япония), Евгений Сарыглар (Тыва), Вольф Янша (Австрия), Ма Гуо Гуо (Кытай), Нарыйаана Ренанто (Саха Сирэ). Итинэ сэргэ анал ааттары ылбыттара:  “Төрүт үгэһинэн толоруу ”  – Бизьяа Хуухэндуу (Монголия), “Аныгылыы бастыҥ толоруу” – Ильдар Гимадиев (Башкорстостан), “Уратытык тиэрдии” –Алексей Чичаков (Алтаай).

–Хомуска попечительскай сэбиэттээххит дуо?

— Баар. Юрий Куприянов – бэрэссэдээтэл (култуура миниистирэ), Гаврил Кириллин (тас сибээс миниистирэ), Феодосия Габышева, Мария Христофорова (Ил Түмэн дьокутааттара), Александр Пахомов, Иван Алексеев-Хомус Уйбаан (учуонайдар, хомуһу сөргүтүүгэ, пропагандалааһыҥҥа кылааттаах дьоммут), Николай Долгунов (“Алмаасэргиэнбаан” бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ), Франц Кумпл (варганистар норуоттар икки ардыларынааҕы уопсастыбаларын бэрэсидьиэнэ). Үп-харчы булуутугар, идиэйэбитин олоххо киллэриигэ олус көмөлөһөллөр.

         –Салайааччы киһи тэрилтэҕин салгыы хайдах сайыннарар санаалааххын?

— Тэрилтэбит кэлэр 3 сыллаах сайдыытын кэнсиэпсийэтин ылынан, ону олоххо киллэрэр гына көдьүүстээхтик үлэлиэхпит. Онуоха мин харахпар чопчу сыаллары көрөбүн.

Бастатан туран, түмэлбитин кэҥэтии. Билигин 380 кв. миэтэрэҕэ дьаһалтабыт, пуондабыт, быыстапкалыыр саалабыт барыта батан олорор. Олус кыараҕас. Дьиҥэр, экспонаттары харайыыга анал ирдэбиллэр бааллар ээ: салгын сиигэ, температурата, о.д.а. Онно эппиэттиир дьиэ-уот наада. Аны атыы-эргиэн киинин үһүс мэндиэмэнигэр баар буоламмыт, дьон булан киирэригэр да, доруобуйаларынан хааччахтаахтар үөһээ этээскэ тахсалларыгар да уустуктардаах. Ону булгуччу саҥа уораҕайы туруорсабыт.

Иккиһинэн, каталогпыт үс томун барытын бүтэрэр сорук турар. Лекториуммутугар ааҕыллыбыт ааптарыскай куурустары түмэн, үөрэх, култуура министиэристибэлэринэн бигэргэммит хрестоматияны бэлэмниир баҕалаахпыт. Кэккэ куонкурустарбытын, НПК-лары Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таһаарарга күүскэ үлэлиэхпит. Кииммит билигин, бэйэбин ааҕан туран, 12 үлэһиттээх. Өссө эбии штат көрөллөрө буоллар. Омуктары кытта үлэлэһэр тэрилтэҕэ тылбаасчыт олус наада. Саха сиригэр оҥоһуллар хомустарга биһиги мусуойбут логотипын хаачастыба бэлиэтин курдук ууралларын ситиспит киһи. Оччоҕо уус үлэтэ көмүскэллээх, итиэннэ чахчы саха ууһа оҥорбутун туоһулуо этэ.

–Дмитрий Дмитриевич, ити былааннарыҥ барыта олоххо киирдиннэр, туоллуннар!

Добавить комментарий