“Алгыстаах ас” аһылыга астык! - Блоги Якутии

2 года назад 167

“Алгыстаах ас” аһылыга астык!

Дьон үксэ оскуола кэнниттэн ылбыт идэтинэн сааһын тухары үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсар аналлаах. Оттон бүгүн мин сэһэргэһэр киһим Сергей Троев 20 сыл суоппардаан баран, эмискэ ресторатор буолан соһуппут.

Саас “Лена” киинэ тыйаатырын эҥээр хааман иһэн, “Алгыстаах ас” диэн сахалыы ааттаах кафе куорат киинигэр аһыллыбытын сэҥээрэммин, киирэн эбиэттээн тахсыбыттааҕым. Идэһэ сиэниллэн бүппүт кэмигэр кинилэргэ сибиэһэй эт баара сөхтөрбүтэ. Өйдөөн көрдөххө, дьон салааты эҥин буолбакка, ис миинин, быырпаҕы, ыһаарыламмыт собону, саламааты, убаһа этиттэн, тоҥ балыктан бүлүүдэлэри ордук сөбүлээн ылаллар этэ. Мин эмиэ сахалыы куукунатыттан сакаастаабытым. Эчи, лэппиэскэлэрэ да минньигэһэ! Маннык үчүгэй кафе хаһаайыннара булгуччу сайдам-сайаҕас дьон буолуохтарыгар саарбахтаабатаҕым.

Оннук да буолбута. Олус ис киирбэх, сэмэй, судургу майгылаах дьону кытта билсэн, бэрт истиҥник кэпсэтэн астыммытым. Ыал ийэтэ Марианна Петровна Дьокуускай 1-кы нүөмэрдээх поликлиникатыгар сиэстэрэлиир эбит. Ол иһин биисинэһи кэргэнэ Сергей Михайлович сүрүннүүр.

Сергей Михайлович, бастатан туран, эйигин бүгүҥҥү Суоппар күнүнэн эҕэрдэлиибин!

–Төһө да билигин ресторан дириэктэрэ буолларбын, дууһабынан син биир суоппарбын. Бороҕон орто оскуолатын 1992 с. бүтэрэн баран, үөрэххэ эҥин туттарса сатаабакка, тута суол оҥорор тэрилтэҕэ (ХДСУ) тырахтарыыһынан үлэлээн саҕалаабытым. Аҕам Михаил Афанасьевич улууска биллэр суоппар, ону тэҥэ тимир көлө мотуордарын кытта оҥорор сатабыллаах мэхээнньик этэ. Миигин кыратыттан батыһыннара сылдьан уһуйбута, онон тиэхиньикэҕэ эмиэ сыста, быһаарса улааппытым. Тыыппалаахпын көрөн, Дьокуускайга автооскуолаҕа үөрэттэрэ ыыталлар. Дьэ, ону бүтэриэхпиттэн ыла наар “КаМАЗ” курдук улахан грузовойдарга суоппардаабытым. Хотугу улуустарынан, Аартыка аартыктарынан, Чукоткаҕа тиийэ таһаҕас тиэйбитим. 2013 сыллаахха бу сыралаах үлэбин сыаналаан, “Килбиэннээх үлэ иһин” диэн мэтээлинэн наҕараадалаабыттара. Ону Кириэмилгэ тиийэн, ССРС Дьоруойа, космонавт Борис Волынов илиититтэн тутар чиэскэ тиксибитим.

   Унньуктаах уһун айаннарга сылдьан, хаһан да маннык кафе тэриниэм дии санаабат да этим. 2014 сыллаахха доруобуйабынан дальнобойщиктаан бүппүтүм. Дьэ, уонна “Тугунан дьарыктанабын?” диэн толкуйга түспүтүм. Ити кэмҥэ биһиги Дьокуускайга дьиэ туттан, Уус Алдантан көһөн кэлэн, олохсуйбуппут иккис сыла этэ. Бастаан утаа табаарыһым Михаил Алексеевтыын тимиринэн уһанарга быһаарынныбыт. Киһим сүрдээх мындыр, онон дьыалабыт сатаныаҕар бүк эрэллээҕим. Ыраата-эргитэ барбакка, чугастыы дальнобойщиктарбытыгар анаан дьааһык сыбааркалаан оҥорбуппут. Ол-бу сээкэйдэрин укталларыгар. Аны мантыкалара кинилэргэ биир өттүнэн харысхал буолар: кэннилииллэригэр эҥин кэбиинэ бырысыапка саайылларын харгыстыыр, икки ардыларыгар ууруллар буолан. Дьиктитэ диэн, итинник хоппону Арассыыйа үрдүнэн ким да бу иннинэ толкуйдаабатах  эбит. Онон айааччы киһи быһыытынан патеннаахпын. Сакаас киирэ турар буолан, бу дьарыкпын бырахпакка тэҥинэн илдьэ сылдьабын.

   — Хайа, маладьыас эбиккин дии. Оттон хайдах ресторатор буолан хааллыҥ?

    — Биир күн төбөбөр соһуччу кафе аһар туһунан толкуй киирэн хаалла. Уонна өйбүттэн төрүт тахсыбата, санаан кэлэ турабын. Ол туһунан доҕотторбор эттим. Ону биир уолум: “ГРЭС оройуонугар “Минутка” диэн кафены уларсык биэрэллэрин туһунан биллэрии баара”, – диэн эттэ. Бэйэм хаста да аһаабыт сирим буолан, билэрдии онно ойутан тиийдим. Хаһаайын Николайы көрсөн кэпсэттим. “Туох да уопутум суох, боруобалаан көрөөрү гынабын”, — диэтим. Киһим бэркиһээтэ быһыылаах. Эбиитин өссө: “Сахалыы-махалыы аһылык буолуоҕа”, — диэн соһуттум. Кырдьык, айан аартыгар турар чайнойдарга, кафеларга лагман, шаурма, плов, о.д.а. курдук бүлүүдэлэри астааччылар. Оттон сахалыыны анал рестораннарга эрэ. “Чэ, буоллун, ылан көр, миэхэ, кылаабынайа, арендаҕын төлөөн ис”, – диэн сөбүлэстэ. Дьэ, начаас сууйан-сотон, ис бараанын тупсаран, кафебын арыйдым. Этэргэ дылы, ис миининэн, дьиэтээҕи соркуойунан аһатан саҕалаатым. Ити 2018 cыл сэтинньитигэр.

–Үлэһиттэри ыллыҥ дуо?

— Бастаан Амматааҕы атаһым Иван Гоголевтыын кыттыстыбыт. Уруулу тута сылдьыбыт дьээдьэлэр пельмень астыыр түбүгэр түстүбүт (күлэр) Хата, кимнээҕэр минньигэс астаах этибит. Кэргэним Марианна кэлэ-бара көмөлөһөрө. Этин-үөлүн Баанньа дэриэбинэттэн ылларара. Онтон киһим төттөрү суоппарыгар төннүбүтэ. Онон соҕотох хаалан баран, дьэ, сүүрүү-көтүү бөҕө буоллум ээ: ас астыыбын, ол быыһыгар кассаҕа турабын, онтон иһит сууйабын. Онон повар ыларга күһэлинним. Мин дьолбор, Мария диэн асчыт бэрдэ түбэстэ. Киһи бөҕө сылдьар буолан барда. Мин атыылыыртан ордубат буоллум, онон Николай диэн уолу иһит сууйааччынан ыллым. Түргэн-тарҕан, барытын тута ылынан иһэр. Билигин бэйэтэ ИП, ол кафены арендалаһан үлэлэтэ турар.

–Ол аата эһиги киниэхэ хаалларбыккыт дуо? Оттон бу кафеҕытын хаһан арынныгыт?

— Биир сыл үчүгэй баҕайытык үлэлээбиппит кэннэ, аны пандемия саҕаланна. Хата, ас-үөл эйгэтигэр улаханнык охсубатаҕа. Дьиэлэригэр илдьэн сииллэрин курдук (еда на вынос) тэрийбиппит. “Ханнык баҕарар кириисис саҥа идиэйэлэри саҕар”, — дииллэринии, син дохуоттаммыт дьон сиэринэн, аны куорат киинигэр кафе аһарга соруннубут. Араас дьиэни-уоту көрөн баран, бу маны талбыппыт — турар миэстэтэ да табыгастаах, ис эйгэтин, интерьерин да сөбүлээбиппит. Анарааҥҥыбытын бу саас саппыппыт. Ону ол Николай ылбыта. Ымпыгын-чымпыгын биһигиттэн көрөн биллэҕэ дии.

–Ымпыга-чымпыга диэбиккэ дылы, аһылык тэрилтэтин арынар төһө күчүмэҕэйдээх эбитий?

–Кырдьыгынан эттэххэ, тугу да үөрэппэккэ-хайаабакка, мээнэ саҕалаабытым. Оннооҕор хас дохуоттаахпытын-ороскуоттаахпытын чопчу аахпат этибит. Быһа холоон: “Бачча барыс баар буолла быһыылаах”, — диэн быһаарарбыт. Бу кэлин, дьэ, ханнык бүлүүдэҕэ төһө ас бараныахтааҕын киилэтинэн, устуукатынан суоттуур буоллубут. Роман диэн повар уол үөрэтэн барбыта. Ресторанныы менюбутун эмиэ кини оҥорбута. Уопсайынан, үчүгэй повары булар олус уустук эбит. Ромаҥҥа да, анараа Марияҕа да улаханнык табыллыбыппыт. Билигин калькуляцияны, бухгалтерияны барытын кыыспыт Алена дьаһайар. Өссө бэйэтэ астыыр, кылаабынай поварбыт. Дьиҥэр, идэтинэн проектировщик-инженер. Красноярскайга үөрэммитэ, Сибиирдээҕи федеральнай университеты бүтэрбитэ. Тэрилтэҕэ сметчигинэн үлэлии сылдьан, миэхэ көмөлөһөөрү уурайбыта. Уолаттарбыт Игорьдаах Саша тохсус кылааһынан оскуолаларын бүтэрэн, манна официанныыллар, илии-атах буолаллар.

–Сүөһүнү, убаһаны тыыннаахтыы атыылаһабыт. Сыл устата хас да идэһэни “туттабыт”, — кэпсэтиигэ Марианна Петровна кыттыһар. — Сырыы ахсын ону астыыр абытайдаах үлэ. Хата, бэйэбит эттиир эрбиилээхпит. Хаанын-субайын мин бэйэм кутабын, иһин-үөлүн бары сууйабыт, кырбастыыбыт… Чахчы, биһиги урбааммыт — дьиэ кэргэн биисинэһэ.

Хата, оҕолоргут абырыыллар эбит дии.

   — Оҕо кыратыттан өйдүөхтээх: халлаантан ас-таҥас түспэтин, үлэлиир эрэ киһи байылыат олохтоох буоларын. Оччоҕо сүрэҕэлдьээбэккэ, “бу миэхэ наада” диэн ылынан толорор буолар. Уолаттарбыт төрдүс-бэһис кылаастан хамнас аахсаллар. Бастаан “Строительнай” ырыынакка убайдарын табаарын, онтон икки сайын субуруччу “Якутия” ФАПК кваһын атыылаабыттара. Күн аайы сарсыарда тоҕустан киэһээҥҥэ диэри сыралҕан куйааска тулуйан-тэһийэн олорор этилэр. Аныгы үйэҕэ үрдүк үөрэх улахан наадата суох курдук буолла. Оҕоҕо, кылаабынайа, сатабылы иҥэриэххэ наада. Сахалыы мындыр толкуйдаах, сүрэхтээх уонна баҕалаах буоллахтарына, барытын ситиһиэхтэрэ дии саныыбыт, — диэн Троевтар оҕону иитиигэ санааларын үллэстэллэр.

–Оннук. Кафеҕыт сахалыы аата омуктуу, нууччалыы сурук-бичик быыһыгар болҕомтону тардар эбит.

     — Бастаан “Тойон Мүрү” диэри гыммытым. Онтон Алгыс Уйбаантан ыйыппытым. Онуоха кини: “Дьоҕус тэрилтэҕэ “тойон” диир олуона соҕус. Уонна дьон-сэргэ “тойон-хотун” диэн тылы сөбүлүү истибэт. Оттон Мүрү диэтэххинэ, хайдах эрэ, бэйэҥ эрэ улууһуҥ дьонугар аналлаах курдук буолуо. Ол оннугар “Алгыстаах ас” диириҥ ордук”, — диэн сүбэлээбитэ. Кини аман тылынан арчыланан, дьыалабыт-куолубут табыллан иһэр курдук.

  –Биисинэскин өссө кэҥэтэр-тэнитэр соруктааххын дуо?

— Өссө биир кафе уонна баҥкыаттыыр саала арыйар баҕа санаалаахпын. Бары наһаа сөҕөллөр, бу эйгэҕэ туох да сыһыана суох суоппар киһи ресторатор буолан хаалбыппын. Дьону аһатарга, бу санаатахха, оскуолаҕа сылдьан бастакыбын холоммут эбиппин. Ахсыһы бүтэрбиппин кэннэ, аҕам суол оҥорооччулары кытта Бээрийэнэн, Өспөҕүнэн ыытан кэбиспитэ. Сайыны быһа повардаабытым. Аспын сирбэт этилэр. Манна даҕатан эттэххэ, ийэм Клавдия Ксенофонтовна сааһын тухары эмиэ повар этэ.

–Сергей Михайлович, төттөрү суоппаргар төннүөххүн баҕарбаккын дуо?

–Күнү быһа ол-бу наадабытынан куорат эрэ иһигэр сүүрэн тахсабын уонна ыраах айаҥҥа сылдьардааҕар быдан сылайабын. Ол гынан баран, айанныырбын ахтыбаппын. Хойутаан да буоллар, бэйэм сөбүлүүр идэбин буллум быһыылаах.

–Кытаат, саҥа саҕалааһыннарыҥ саргылаах, тахсыылаах, барыстаах буоллуннар!

Добавить комментарий