Дьоһун кинигэ тахсыбыт - Блоги Якутии

2 года назад 235

Дьоһун кинигэ тахсыбыт

Хас биирдии күн сонунун сурукка тиһэн үйэтитэр суруналыыстар барахсаттар суруллубут суоруллубатын кимнээҕэр да ордук билэр буоллахтара эбээт! Ол иһин бу “Журналисты Якутии” энциклопедия тахсыбытыттан бары да олус үөрэн: “Дьоһун кинигэ буолбут” , — диэн хайҕаатыбыт.

— Өрөспүүбүлүкэ учууталлара, эмчиттэрэ, о.д.а. идэлээхтэрэ маннык библиографическай хабааннаах энциклопедиялаахтарын билэбит. Оттон суруналыыстар, били, “Саппыкыта суох саппыкыһыт” дииллэринии, дьэ, саҥа таһаардыбыт, — диэн кэпсээн саҕалыыр бу энциклопедия ааптара, Арассыыйа суруналыыстарын Саха Сиринээҕи сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева.

  Кини Сойууспутугар бэрэссэдээтэлинэн талыллыаҕыттан маннык энциклопедияны бэлэмнээн таһаарар баҕа санаалаах эбит. Бырабылыанньатын чилиэннэрин өйөбүллэринэн уонна көмөлөрүнэн, суруналыыстыка эйгэтигэр 15 сылтан уһуннук үлэлээбит дьон туһунан  дааннайдары хомуйбуттар.

         –Ол эрээри эрэдээктэрдэри уонна тэрилтэ салайааччыларын, ыстаастарыттан тутулуга суох, барыларын киллэрэргэ быһаарбыппыт. Ону тэҥэ идэтийбит суруналыыстыкаҕа уһуйар преподавателлэри эмиэ. Аны туран, Суруналыыстар сойуустарын чилиэнэ буолбатах дьону эмиэ ыллыбыт.  Сүрүн киритиэрийинэн үлэлээбит сылларын көрдүбүт.

Онон уопсайа 891 суруналыыс кылгас биографията манна киирдэ. Номох буолбут чулуу суруналыыстарбытыттан саҕалаан, күн бүгүн айымньылаахтык үлэлии сылдьар дьону барыларын хаба сатаатыбыт. Маныаха Сойуус бастакы сүһүөҕүн сэкирэтээрдэрэ төһүү күүс буоллулар. Итиэннэ бэтэрээн суруналыыстар сэбиэттэрэ. Кинилэр хаартыскалары, сибидиэнньэлэри дьаныһан туран мустулар. 

Улахан үлэ, буолаары буолан дьон дааннайдара түмүллүбүт кинигэ, кыра алҕастардаах, сыыһалардаах буолуон сөп. Ол иһин электроннай көрүҥүн саайпытыгар ыйаатыбыт. Ким тугу эбиэн, көннөртөрүөн баҕарар, онно уларыттарыан сөп. Оччоҕо кэлин өссө кэҥэтэн,  хаттаан эбэтэр салгыы иккис кинигэни таһаарарга ол барыта учуоттаныаҕа. Сорохтор бэйэлэрэ аккаастаммыттара. Олор билигин, бука, көрөн кэмсинэллэрэ буолуо дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, бу бэйэҥ ааккын үйэтитии, историяҕа киллэрии эрэ буолбатах, бу —  дьиэ кэргэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн иһэр реликвията. Оҕолоргут, сиэннэргит, аймахтаргыт көрөн, эһигинэн киэн туттуохтара.

Билэргит курдук, сааҥсыйаларынан кумааҕы, кырааска сыаната барыта наһаа ыараата. Дьокуускайга 1000 эксэмпилээри балтараа мөлүйүөн солкуобайга бэчээттээри гыммыттара. Биһиги граммыт үбэ-харчыта оччо суумаҕа тиийбэтин өйдөөн, санаарҕаан да ылбыт түгэннэрдээх этибит. Онтон Иркутскайга биир типографияны булан, онно бэчээттэттибит.  Тиэйэн аҕалар КАМАЗ массыына туоларын кэтэһэн, кэлэрин өр күүттүбүт. Илиибитигэр тутан баран, бары олус үөрдүбүт. Дизайнын худуоһунньук Гаврил Попов оҥордо, оттон Екатерина Габышева, хомуллубут матырыйааллары барытын алпаабытынан наардаан, ис хоһоонун чочуйан, тылын-өһүн көннөрөн эрэдээктэрдээтэ.

Бу 1000 эксэмпилээртэн аҥаарын бибилэтиэкэлэргэ түҥэтэбит. Онно үйэлээх пуондаҕа хараллыахтара. Хаалбыт 500 атыыланыа, онон ыла охсорго тиэтэйиҥ.

Энциклопедиябытын бу алтынньы 3 күнүгэр Сочи куоракка ыытыллыбыт суруналыыстар Бүтүн Арассыыйатааҕы “Вся Россия” фестивалларыгар презентациялаатыбыт. Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Владимир Соловьев баара. Кини атын эрэгийиэннэргэ: “Сахалартан холобур ылыҥ”, — диэн хайҕаата.

Галина Алексеевна түгэнинэн туһанан, бу кинигэ тахсыытыгар сүүрбүт-көппүт, дааннайдары хомуйан биэрбит суруналыыстарга махтанна: И.М. Абраховаҕа, В.Н. Атласоваҕа, В.Г. Касьяновка, Л.П. Керемясоваҕа, И.И. Ксенофонтовка, И.Н. Кустоваҕа, Ж.В. Леонтьеваҕа, В.И. Марковка, Е.Г. Макаринскаяҕа, Л.А. Ноговицынаҕа, Ф.Н. Охлопковаҕа, Д.В. Седалищеваҕа, Г.И. Спиридоновка, О.Н. Степановаҕа, М.И. Федороваҕа, С.С. Халгаеваҕа, И.М. Бодругка, С.И. Багынановаҕа, А.Н. Васильеваҕа, К.Ю. Григорьеваҕа, А.В. Доктороваҕа, А.И. Наумовка, О.В. Ноеваҕа, А.А. Рудыхха, А.Н. Санниковаҕа, Т.А. Элляеваҕа. Итиэннэ көмөлөспүт И.Г. Скрябиҥҥа (“Инфомастер” ХЭТ), партнердарыгар — Национальнай бибилэтиэкэҕэ ( дириэктэр С.В. Максимова).

Бэтэрээн суруналыыстар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Элляева:    

-Кэрэхсэбиллээх күн үүннэ! Урут суол-иис, сибээс мөлтөх кэмигэр суруналыыстар табаһыттар ыстаадаларыгар тиийэ командировкаҕа сылдьаллара, чуумҥа олорон, матырыйаалларын суруйаллара. Аны кэлээт, түүннэри хаартыскаларын бэчээттээн, сарсыарда эрэдээктэр остуолугар баар гыналлара. Оннук хоһууннук үлэлээн ааспыт дьон ааттара бүгүн бу кинигэҕэ үйэтитиллибититтэн үөрэбит. Бу энциклопедия саха суруналыыстыкатыгар пааматынньык тэҥэ буолар. Үйэлээх үлэни үмүрүтэн, өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар биһиэхэ бэлэх ууммуккутугар махтанан туран эҕэрдэлиибит!

Энциклопедия эрэдээктэрэ Екатерина Габышева:

–Билигин мин өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын, сирэй алтыспатарбын даҕаны, досьеларыттан кимин, ханна үлэлээбитин, туох ситиһиилээҕин билэр, барыларын олус чугастык саныыр буоллум. Ол курдук, сорохтор 4 лиискэ бүтүн очерк курдук суруллубуту аҕалаллара, сорохтор аҕыйах этиилээх ыспыраапканы биэрэллэрэ. Олору барытын ситэрэн, ирдэһэн, ыйыталаһан, сааһылаан, чочуйан оҥорон, хас биирдиилэрин кылгас биографиятын киллэрдибит. Бу бастакы таһаарыы. Кэлин өссө Уйбаан Пономарев, Николай Абыйчанин курдук, илиилэрин араарбакка суруйбут уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр энциклопедияларын оҥоруохха сөп буолуо.

 “Саха” НКИХ эрэдээктэрэ Лена  Кремясова:

–Бу энциклопедия пандемия кэмигэр оҥоһуллубута. Онлайн киэбинэн үлэлээбиппит. Электроннай почтанан суруйсарбыт, матырыйааллары оннук ылсарбыт-бэрсэрбит. Аны дизайнер, эрэдээктэр уларыйар, оччоҕо эмиэ хаттаан барытын тэҥниигин, ыытаҕын…  Итинник ымпыга-чымпыга элбэх этэ. Ол эрээри дьоһун кинигэ тахсыбытын көрөн үөрдүм. Бастаан өҥө суох хаартыскалар хайдах эрэ көстөллөрө буолуо дии санаабыппыт баара, олох ырылыччы чуолкайдар, хаачыстабалара үчүгэй. Айар куттаах дьон сирэйдэрэ-харахтара бу туран айыах курдук чаҕылыҥнаһан олороллор! Екатерина Николаевна хас биирдии кыҥкыйы, уларыттарыыны тулуйан, күнү быһа кэбиниэтигэр олорон оҥорбутугар улахан махтал буолуохтун! Галина Алексеевна, идиэйэҥ олоххо киирбитинэн эҕэрдэ!

“Саха Сирэ“ хаһыат аксакал суруналыыһа Иван Ксенофонтов:

–Кинигэ оҥоһуутугар кыттыгастаах  киһи быһыытынан, өр күүппүт энциклопедиябыт тахсыбыта олус долгутуулаах. Бу кинигэ – саха суруналыыстыкатын үйэттэн уһун усталаах историятын туоһута. Страницаларын арыйталаатахха, оччотооҕу кэмҥэ үлэлээбит дьон тиллэн кэлэр курдуктар…

 Галина Алексеевна ылсан, олох туруулаһан,  үбүн-харчытын булан, барыбытын түмэн, үлэни сүрүннээн, бүгүн бэртээхэй бэлэҕи туттубут.

Эдэр көлүөнэ суруналыыстар, баҕар, кэлин өссө ситэрэн-эбэн таһаарыахтара. Онно  саха суруналыыстыкатын атахха туруорбут дьоммутун киллэриэххитин наада эбит. Холобура, “Правда” хаһыат иһинэн кыһыл профессура суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбит, “Кыым” хаһыакка сэбиэскэй эргиэн салаатын салайбыт Мария Бурцеваны, “Кыым” эрэдээктэрэ  Семен Ковлекову уо.д.а.

Бу дьоро киэһэҕэ “Саха” НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков, “Сахамедиа” дириэктэрэ Виктор Колесов, “Саха Сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Чокуур Николаевич “күүстээх” диэн тылынан бу үлэни сыаналаата: “Күүстээх сойуустаах буоламмыт, кэллиэгэлэр күүстэрин түмэн, күүскэ үлэлээн, бу энциклопедия күн сирин көрдө”, — диэн.

Чахчыта да, оннук. Оттон биһиги “Журналисты Якутии” презентациятын туһунан суруйуубун суруналыыс Иван Ксенофонтов бу күн барыбытын долгута аахпыт хоһоонунан түмүктүүбүт:

Халлаан дьоно —

Хаһыатчыттар,

 Хаарыан дьон —

Хаһыатчыттар…

Булар, талар, сырдатар

Булгуруйбат санаалааххыт,

Им сүтүүтэ, тыҥ хатыыта

Үлэлиир идэлээххит…

Добавить комментарий