2 года назад 203
«ҺӨҔҮҤ» арт-тутуу туһунан сюжет
Ийэ тылбыт төрүт дорҕоонноро «һ», «ө», «ҕ», «ү», «ҥ» сүтэн-оһон хаалаллара хайдах да саха ааттаах, саха тыллаах өйүгэр баппат. Сыыппара үйэтэ баһылаан-көһүлээн, бэйэлээх бэйэбит күндү баайбытын сорохтор аанньа ахтыбакка, нууччалыы буукубаннан суруйаллар. Ол иһин, бу дорҕооннорбутун харахпыт харатын курдук харыстыахтаахпытын санатар арт-тутуу оҥоһулла сыльар.
Бырайыак көҕүлээччилэрэ – «Саха сирин культурата» айар бөлөх уонна СӨ Национальнай библиотеката – граннары сүүйэн санааларын олоххо киллэрэн эрэллэр. Сиһилии НВК «Саха» сюжетыгар көрүҥ.