Оҥоһуу өй сахалыы саҥардаҕына, тылбыт хаһан да сүтүө суоҕа - Блоги Якутии

2 недели назад 1966

Оҥоһуу өй сахалыы саҥардаҕына, тылбыт хаһан да сүтүө суоҕа

Дьэ, доҕоор, махтал буоллун, улахан уонна суолталаах үлэҕэ кыттыһарга соруммуккар!

Бастаан маны болҕойон аах дуу…

Бу билиҥҥи кэммитин, олох үөһүттэн буолбакка, ханна эрэ үөһэ тахсан, ыраахтан одуулаатахха, билигин саха тылын, култууратын туһугар ыытыллар үлэбит, дьаһалларбыт, тэрээһиннэрбит, күрэхтэрбит үксэ күн бүгүн манна олорор уонна кэлэр үс-түөрт көлүөнэ дьоҥҥо эрэ туһуланаллар эбит. Ол диэн, бириэмэ түмүгэ биллибэт субуллар уһун быатыгар кэрдиистээн көрдөххө, кып-кыра кэрчик эрэ буоллаҕа эбээт.

Оннук кэрчигинэн кээмэйдэммэккэ, бириэмэ быатын кытта быстыбакка бара туруон баҕарар буоллахпытына, өбүгэ саҕаттан мунньуллубут баайбытын, туох баар култуурунай нэһилиэстибэбитин барытын сыыппара эйгэтигэр, куйаар ситимигэр үйэтитэр үлэни өрө тутуохтаахпыт, улахан болҕомтобутун онно ууруохтаахпыт. Оччоҕо эрэ кэлэр көлүөнэлэрбит, биир кунуопканы баттаан, бэйэлэрин омуктарын, тылларын, култуураларын, устуоруйаларын туһунан элбэҕи билиэхтэрэ этэ. Ол норуот быһыытынан тыыннаах хааларбытыгар төһүү буолуоҕа.

Аныгы кэм албаһын ити курдук бэйэ туһугар көдьүүстээхтик  туһанарбыт кэлин глобализация үөскэппит үйэтигэр олорор, холобура, хос-хос-хос-хос-хос-хос сиэннэрбитин абырыаҕа. Кинилэр ханнык тылынан дуу, биитэр бэлиэнэн дуу кэпсэтэ сылдьар дьон буолуохтарын биһиги билбэппит. Уларыйыы, сайдыы оннук балысханнык барар.  Ол эрээри биһиги кинилэр төрүт омуктарыгар, бэйэлэрин төрдүлэригэр төннөр суолларын муммакка булалларыгар усулуобуйа тэрийэн хаалларыахтаахпыт.

Ол курдук, хос-хос-хос-хос-хос-хос сиэммит, хаана тардан дуу, “саха этим ээ” диэн өйдөөн дуу, биитэр өбүгэ тыыныттан күүс-сэниэ ылаары дуу, төрөөбүт тылынан саҥаран көрүөн баҕардаҕына, бу билигин биһиэхэ хоруйдаан-хардаран иһэр “Алиса” баарын курдук, киниэхэ сахалыы саҥарар, кэпсэтэргэ үөрэтэр, тылбаастаан биэрэр оҥоһуу өй баар буолуоҕа. Оччоҕо ол хос-хос-хос-хос-хос-хос сиэммит биһиэхэ, цифровой абориген өбүгэтигэр, олус диэн махтана саныаҕа.

Дьэ, ону оҥорорго эн бу бэйэҥ көмөҕүн, өйөбүлгүн, өҥөҕүн, нууччалаатахха, кылааккын киллэрсэн эрэҕин.

 Бу https://voice.nlrs.ru/ сигэни арыйан, “Устуу” диэҥҥэ киирэн, бэриллибит 3 этиини ааҕан, сөбүлэһэргин биллэрэн, “Ыыт” диигин. Хаста да ааҕыаххын баҕарар буоллаххына, “Салгыы уһул” диэни баттыыгын.

Барыта өйдөнөр гына ыйылла-сурулла сылдьар.

Арай сорохторго сайты атыҥыраан, сибээс ситимиттэн “разрешить или блокировать” диэн кэлэр үһү. Оччоҕо “разрешить” диэни талаҕыт.  “Блокировать” диэтэххэ, микрофон үлэлээбэт курдук буолар эбит.

Туох баар билэр дьоҥҥор, урууларгар-аймахтаргар, бииргэ үөрэнэр, үлэлиир доҕотторгор – барыларыгар бу илдьити тарҕатаргар көрдөһөбүт. Саха куттаах бары кыттыстын, бэйэтин куолаһын иһитиннэрдин!

Бу бырайыагы СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна АГИКИ сүрүннүүллэр. Этиилэри айымньылартан ыллыбыт. Күн аайы эбиллэ туруоҕа, онон күн аайы да киирэн уһуллуоххун сөп.

Сигэни ( ссылканы) өссө төгүл ыйабыт: https://voice.nlrs.ru/

Добавить комментарий