Пушкин уонна Саха Сирэ - Блоги Якутии

6 месяцев назад 1953

Пушкин уонна Саха Сирэ

Нуучча улуу бэйиэтэ А.С. Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар анаммыт “Пушкин уонна Саха Сирэ” диэн тэрээһини Ойуунускай аатынан Литэрэтиирэ түмэлэ тэрийэн ыытта.

Тылбаасчыттар – норуот суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа, “Күрүлгэн” сурунаал эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан уонна поэт Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ кыттыыны ыллылар. Пушкин туһунан кэллиэксийэ, кинигэ быыстапкатын туруорбуттар. Оҕолорго уруһуй күрэҕэ ыытыллыбыт, кыайыылаахтары бэлиэтээтилэр.

Тэрээһин сүрдээх иһирэхтик барда. Түмэл үлэһиттэрэ Ефросинья Ноговицына – сүрүн дакылаатчыт, Линда Иванова иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Кырдьык, Пушкин биһиги олохпутугар сабыдыала баһырхай. Олох оҕо эрдэхпититтэн кини остуоруйаларынан улааппыппыт. Оччолорго сахалыы тылбаастаммыт остуоруйалара дэлэйэ. Кыра кылааска сылдьан, Салтаан саар туһунан остуоруйатынан испэктээх курдук оҥорон туруорбуппутун өйдүүбүн.

Оччоттон баччаҕа диэри саха суруйааччылара Пушкин айымньыларын хото тылбаастыыллар, киниттэн хоһоон суруйуу ньыматыгар үөрэнэллэр да диэххэ сөп. Пушкин хоһооннорун тыла-өһө өйдөнүмтүө, киһи сүрэҕин, дууһатын ортотунан киирэр. Оччотооҕу нуучча бэйиэттэрин хоһооннорун ааҕан көрдөххө, сүрдээх уустук ээ. Ол да иһин Пушкин гений буоллаҕа, «всё гениальное – просто» диэбит курдук.

Хоһооҥҥо ис хоһоон уонна рифма баар буолар. Н.Носов Билбэччэйин санаан кэллим, хоһоон суруйарга холонорун:

«Торопыжка был голодный,

Проглотил утюг холодный».

 Уонна соһуйарын: «Рифма есть, а смысла нет».

А.С. Пушкин Саха Сирин кытта сибээһэ инньэ XVII үйэттэн саҕаланар. Кини өбүгэтэ, аймаҕа Василий Никитич Пушкин Саха Сиригэр воеводанан ананан кэлэн сулууспалаабыта.

Василий Пушкин сиэмэх, кырыктаах, элбэх киһи тыыныгар турбут В.Д. Поярковы тутан хаайан сууттаабыт өҥөлөөх. Поярков Тааттаҕа, Аммаҕа сахалар үс түөлбэлээн олорбут сирдэрин үрэйбит,  онно элбэх киһи өлбүт, атыттар куоппуттар. Онтон Бөтүҥҥэ тиийбит. Сахалар бөҕөргөтүүгэ саспыттар уонна барахсаттар, Поярковы алы гынаары, эйэлэһээри, 50 киис тириитин бэлэх ууммуттар. Киһилэрэ ону ылан баран, бөҕөргөтүүнү дьоннуу баҕастыы уоттаабыт. Хас эмэ сүүһүнэн оҕо, дьахтар, эр киһи тыыннаахтыы күл-көмөр буолбуттар…

1643 сыллаахха 132 киһилээх этэрээтинэн, Алдан өрүһүнэн устан, Амурга тиийбит. Онно олохтоохтор төһө эмэ үчүгэйдик көрсүбүттэрин үрдүнэн, баайдарын халаары сэриилээбит. Олохтоох даурдар өрө тураннар, Поярковтаах остуруокка хорҕойорго күһэллибиттэр. Онно хаайылла сытан хоргуйаннар, өлбүт киһи этин сииргэ кытта тиийбиттэр диэн суруйаллар. Үс сыл буолан баран, ахсааннара лаппа аҕыйаан, сыккырыыр тыыннара Дьокуускайы булбут. Ол кэмҥэ П.Головин оннугар саҥа воевода В.Пушкин ананан кэлбит эбит. Кини Поярковы тута хаайбыт уонна сууттаабыт. Хааһына үбүн уорара, дьону кэйгэллиирэ, бэйэтин эрэ байытар санаалааҕа барыта арыллан, аньыыта-харата мунньуллан, дьон сөбүлээбэтэ биллэн, үҥсүү бөҕө киирэн, оннук дьаһаннаҕа. Бэл, Поярковы бэйэтин хаһаахтара кытта сөбүлээбэттэр эбит.

Пушкин кэлиэҕиттэн бэрээдэк тупсубут, уоруу суох буолан, дьаһаах хомуйуута элбээбит. Биһиги билигин хайдах даҕаны воевода Пушкин Поярковы сыыһа сууттаабыт диир кыахпыт суох, баар чахчыларга олоҕурдаҕа. Оччотугар ол үтүрүллүбүт сахалар билиҥҥи көлүөнэтэ, биһиги, тоҕо Поярковы чиэстээн, биир сүрүн уулуссабытын, маҕаһыыммытын кини аатынан ааттаан олоробутуй?!

“Уулусса аатын уларытыахха” диэн уруккуттан этэн көрөллөр да, тоҕо эрэ, үөһэттэн өйөммөт… Тыыннаахтыы умайбыт өбүгэлэрбит ыһыылара-хаһыылара да уйулҕабытын уйгуурпат, хамсаппат…

А.С. Пушкин Саха Сирин туһунан декабрист доҕотторуттан – А.Бестужев-Марлинскайтан, Н.А.Чижовтан, М.П.Муравьев-Апостолтан – истибит. Чуолаан лицейдээҕи доҕоро Федор Матюшкин элбэхтэ кэпсиирэ үһү. Матюшкин саха аһыттан доҕотторугар эт, балык, отон ыытан күндүлүүрэ дииллэр. Онон биһиги аспытын Пушкин эмиэ амсайбыт буолуохтаах.

Матюшкинныын айанньыттар саҥа сирдэри арыйыы туһунан үлүһүйэн кэпсэтэллэрэ, билсэллэрэ. Пушкин эспэдииссийэҕэ сылдьар Матюшкиҥҥа Сибиир, Саха Сирин туһунан кинигэ суруйарга сүбэлиирэ. Пушкин бэйэтэ С.П. Крашенинников фундаментальнай үлэтин үөрэтэрэ, сурунара. Хаһаахтар Дьокуускайтан Уус  Дьааҥыга диэри айаннарын туһунан суруйан хаалларбыта биллэр. Үйэтэ уһаабыта буоллар, тугу эрэ суруйуохтааҕа хааллаҕа…

Ити чахчылары оччотооҕу А.С. Пушкин аатынан, билиҥҥитинэн Национальнай бибилэтиэкэ үлэһитэ Валентина Николаевна Павлова суруйан таһаартарбыт наһаа үчүгэй кинигэтиттэн ааҕан биллим.

Хоһоон диэн литэрэтиирэ чыпчаала, сүмэтэ, сүөгэйэ буолар. Иэйиини, ис туругу, санааны аҕыйах тылынан кэрэхсэбиллээхтик этэн кэбиһэр – дьоҕур. Тылбаасчыт хоһоон иэйиитин, ис тыынын чопчу биэриэхтээх, хоһоон тутулун, кээмэйин, тэтимин халбаҥнаабакка тутуһуохтаах. Ити курдук элбэх хааччах, уустук сорук турар. Ылбычча киһи кыайан ылсыбат дьыалата.

Тылбаас туһунан айах кэпсээнэ баар. Былыр диэххэ, биир биллэр бэйиэт А.Блок хоһооннорун тылбаастаабыт. Оччотооҕу саха суруйааччылара саха тылын маастардара бөҕө буоллаҕа, оттон нууччалыы соччо үчүгэйдик билбэттэрэ баар суол.  «Зазвенело уздечко» диэни «үүн тыаһа кылыргыыра» диэбит. Оттон “голосила мать” диэҥҥэ эстэн түспүт, “маатынан кутара” диэччи буолбут. Ону быһааран биэрбиттэригэр, киһилэрэ: “Ээ, оннук дуо?” – диэн баран, “ийэ ытыыра-соҥуура” диэн тута көннөрбүтэ үһү.

Билиҥҥи саха суруйааччылара нууччалыы олох үчүгэйдик билэллэр, икки тылынан тэҥинэн да суруйуохтарын сөп, суруйаллар даҕаны.

Таптал лиирикэтин бастыҥ айымньыта – А.С. Пушкин “Я помню чудное мгновенье…” хоһооно. Улуу Пушкин Анна Кернҥа тапталын иэйиитин норуот суруйааччыта Сайа, сахалыы тыыннаан, хайдах курдук истиҥник, күүстээхтик тылбаастаабытый?! “Өйдүүбүн ол күлүм түгэни…”  

Нуучча биллэр композитора Глинка ити хоһооҥҥо романс суруйбута классическай айымньы буолар. Оттон Сайа ити тылбааһын норуот артыыһа Алексей Егоров ырыа гынан көтүппүтэ уостан түспэккэ ылланар. Сахаҕа тылбааска туспа ырыа айыллыбытын, суруллубутун өссө истэ иликпин.

Ити тэрээһиҥҥэ элбэх киһи тыл эттэ, санаа үллэһиннэ, бэйэлэрин тылбаастарын да иһитиннэрдилэр. Бу А.С. Пушкин тэрээһиниттэн бары да сүрдээҕин өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

Мария Неймохова

06.06.2024 с.

Хаартыскалар ааптар тиксэрдэ уонна куйаар аһаҕас ситимиттэн

Добавить комментарий