7 месяцев назад 353
”Кэлбэккин, киирбэккин билэ-билэбин…”
Итинник тыллардаах кутурҕан хоһоону уонтан тахса сыллааҕыта норуодунай поэт Иван Мигалкин суруйбута: саха норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов эмискэ олохтон туораабытыгар курутуйан…
Дьөгүөр кэннэ эстафетаны бэйэтин илиитигэр ылан, СӨ суруйааччыларын сойууһун салайан кэллэ. Уонна… эмиэ күн сириттэн күрэннэ…
Егор Неймохов 61 сааһыгар олохтон туораабыт буоллаҕына, Иван Мигалкин 70 сааһыгар биир ый тиийбэккэ бараахтаата.
Суруйааччы, айар үлэһит, бэйиэт буолар киһи уран дууһалаах, уйан сүрэхтээх буолар. Оннук киһи атааннаах-мөҥүөннээх олохпут дьалхаанын уйара уустук. Олохпут оллур-боллур суолун хас нэксиэтин аахтара, кинилэр нарын дууһалара төһөлөөх охсууну көрсөрө буолуой?!
Дьөгүөрдээх Уйбаан наһаа доҕордуу этилэр. Суруйааччы сойууһун салайарга Дьөгүөрү көрдөһөн, тылларыгар киллэрбиттэригэр, кини: “Солбуйааччынан Уйбааны эрэ көрөбүн”, – диэбитэ. Ол кэмҥэ Мигалкин тыаҕа олороро, куоракка кэлэ-бара сылдьара. Ону көрдөөн булан, “солбуйааччы буол” диэн эппиттэрин, үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Сүрдээхтик өйдөһөн, эйэ-дэмнээхтик үлэлээбиттэрэ. Иккиэн да холку майгылаах буолан, конструктивнайдык дьаһаммыттара. Урукку курдук, хаһыатынан үөхсэллэрин тохтоппуттара. Эппиккэ дылы, атааннаһыы батаһын айар үлэ куорсунугар кубулутууну саҕалаабыттара. Онно да утаран өргөстөммүттэр суох буолбатах этилэрэ, бааллара. Ол да буоллар, хас да сыл этэҥҥэ үлэлээбиттэрэ, ааҕааччылардыын көрсүһүүлэри тэрийэн, тыа сиринэн сылдьаллара.
Иван Мигалкин урукку-билиҥҥи суруйааччылары билсибит-көрсүбүт, олору ситимниир суруйааччы этэ. Ол иһин билэрэ-көрөрө элбэх буолан, тыл этэрэ өрүү сэргэх, онно өссө көрүн-көрүдьүөһүн, юморын, самоирониятын эбэн кэбиһиҥ. Киһи батыһа сылдьан салгыбакка истиэн баҕарара. Пааматынньык буолбут классик суруйааччыларбыт киһилии тыыннанан, уйан дууһаланан кэлэллэрэ. Мигалкинтан ордук оннук ким кэпсиэй, ким ахтыай?! Араас неформальнай көрсүһүүлэргэ сырыттаҕа аҕай.
Иван Васильевич киһи быһыытынан наһаа аһыныгас, туох эмэ санаа үөскээтэҕинэ, ону ис сүрэҕиттэн ылынан, ылсан, биир-биэс тыла, ордук хос саҥата суох үлэлэһэрэ.
Биирдэ Иннокентий Тарбахов тэлэбиидэнньэҕэ Дьөгүөрү ыҥырбыт: «Ас астыы-астыы сэһэргэһиэхпит», – диэн. Ону биһиги киһибит аккаастаабыт. Тарбахов: «Мин астыам, эн сэһэргиэҥ», – дии сатаабыт. Инньэ диэн кэпсээбитигэр, мин сэмэлээтим: “Сөбүлэһиэҥ этэ буоллаҕа, били сыалыһар балыктан сыаҥаа мииҥҥин да астыаҥ этэ, онтуҥ көрөөччүлэргэ бэрт сонун ас буолуо этэ”. Дьөгүөр кэм да сэмэйимсийэн тахсыбатаҕа. Бэрт кэпсэтии буолуо хааллаҕа. Тарбаахаптыын биир дойдулаахтар, сэһэн-сэппэн тимэҕэ сөллүө эбитэ буолуо. Бэйэтин оннугар онно Иван Васильевиһы этэн уһултарбыта. Уйбаан, чахчы, гурман асчыт. Ас астаан, кэпсээн-ипсээн, Тарбаховы да, көрөөччүлэри да астыннарбыта. Онно биири өйдөөн хаалбыппын: саас дьон, убаһа хаһатын сыатын тоҕоору гыммыттарын ылан тууһаан, бэртээхэй ас оҥорбутун. Сибиинньэ сыатын тууһуур курдук.
Үс сыллааҕыта ыам ыйын 19 күнүгэр Иван Мигалкин пионер туһунан хоһоонун нууччалыы тылбааһын ааҕан уйадыйан, ахтыы суруйбуттаахпын. Оттон «оҕо этим, отон этим» тыллара киһи сүрэҕин ортотунан киирэллэр.
Егор Неймоховы тиһэх суолугар атаарарга солбуйааччыта В.С. Доллоновтуун Мэҥэ Алдаҥҥа барса сылдьыбыттара. Онно тиийэн, экспромтом хоһоон суруйбута. “Хотой курдук оҕуннуҥ” диэн тыллардаах. Ол хоһоону хаһыакка таһаартараары биэрбитэ сүппүт этэ. Үчүгэйдик аахпакка да хаалбыппыт, бэйэтэ да онтон хомойоро, оҕотун сүтэрбит курдук буолара.
Иван Мигалкин доҕоро Егор Неймохов туһунан маннык истиҥник ахтан суруйбут эбит:
“Киһи үөрүүтүн, хомолтотун, ыарыытын, сүтүгүн тэҥинэн үллэстэр майгылааҕа, нарын дууһалааҕа. Ол курдук, Суруйааччы сойууһугар киирбиппэр, «Хаһыы» диэн сэһэннэрин кинигэтин: «Күндү доҕорум Уйбаан! Суруйааччы аатын сокуоннайдык ылбыккынан ис сүрэхпиттэн үөрэн-көтөн уруйдуубун-айхаллыыбын!
“Суохтуубун олуһун суохтуубун
Сахам суруйааччыларын, эһигини –
Дьонтон эрэ ураты майгыгытын,
Барыны өйдүүр уйан сүрэххитин…” диэбит тылларгын, доҕорум Уйбаан, эйиэхэ туһаайарбын көҥүллээ. Егор Неймохов. 20.03.1993» диэн суруйан, алгыстаах бэлэх быһыытынан ууммута».
Өссө: «Биэс уон сааспын бэлиэтиир үөрүүлээх киэһэбэр: «Күндү Иван Васильевич! Үбүлүөйдээх күҥҥүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ, инникитин да сахаҥ билиҥҥи поэзиятын биир инникилээн иһэр тунал маҥан аттаах тойуксута буолан, эрдээхтик көтүтэн-мөҥүтэн ис! Доруобуйаны, дьолу баҕарабын. Ааптар Дьөгүөр Неймохов. От ыйын 8 күнэ, 2004 с. Дьокуускай к.” диэн туран, ис сүрэҕиттэн «Ильмень үрдүнэн туруйалар» диэн киинэ сценарийын уонна кэпсээннэрин кинигэтин бэлэхтээбитин наһаа да күндүтүк саныыбын».
«…Эйигин истиҥник суохтатан,
Кэрэ дууһаҕар бу баардыы тардыстан –
Сайыммыт иһирэхтик сылаанньыйар.
Онтон мин өйбөр, доҕоруом,
Бэчээт дьиэтигэр көрсүһэ түһүөхтүү,
Санаа охсуллар…
Кэлбэккин, киирбэккин билэ-билэбин,
Эн саҥаҕын истиэхпин баҕарабын…»
диэн хомоҕойдук хоһоон тылынан Дьөгүөрүн суохтаан, аһыйан суруйбут эбит.
Хаарыан киһи, хаарыан бэйиэт! Бэйэ-бэйэни харыстаһа сылдьыахха баара…
Улахан бэйиэт, үтүө доҕор, сүдү киһи Иван Васильевич Мигалкин олохтон туораатаҕа. Кини кэргэнигэр, оҕолоругар, аймахтарыгар, чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Сырдык киһи туһунан өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт, кини айан хаалларбыт айымньылара, хоһоонноро дьон сүрэҕин куруук долгутуо, кырачаан ааҕааччылар манньыта туруо. Оннук эрэ буоллар…
Мария Неймохова
27.05.2024 с.
Хаартыскалар Интернет аһаҕас ситимиттэн.