14 часов назад 462
Кытайтан кыайыы кынаттаах
Үҥкүү киһи этин-хаанын чэбдигирдэр, дьиссипилиинэҕэ үөрэтэр эрэ буолбакка, өйүн эмиэ сайыннарарын аан дойдуга биллэр нейропсихолог Татьяна Черниговская бэркэ быһааран кэпсээбитин истибитим: «Танцы – это мощное развитие мозга, там нужно держать и ритм, и мелодию, взаимодействовать с партнерами, при этом я не говорю об эмоциях. Танцы развивают мозг ребёнка практически так же, как математический кружок», – диэн.
Ол иһин оҕону, дьоҕурдааҕыттан эҥин тутулуга суох, үҥкүүгэ булгуччу биэрэр бары өттүнэн туһалаах. Аныгы төрөппүттэр ону өйдөөн, кылааһы кылааһынан үҥкүүлэтэргэ кыһаллаллар. Ол туһуттан араас куонкурустарга кытыннараллар.
Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх оскуолата 2022 сылтан наһаа үчүгэй хореографтаах: Айталина Афанасьевна Киприянова диэн. Кини Хаҥаласка олорор кэмигэр 20-чэ сыл Хачыкаат нэһилиэгэр Оҕо искусствотын оскуолатыгар үҥкүү уһуйааччыта этэ. Ол кэмҥэ хачыкааттар өрөспүүбүлүкэҕэ биллэллэрэ, Болгарияҕа, Кытайга, Москубаҕа тиийэ фестивалларга ситиһиилэнэллэрэ.
Оттон бу 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа Айталина Афанасьевна ритмика уруогун биэрэр. Кылаас аайыттан муусуканы үчүгэйдик истэр, имигэстик хамсанар оҕолору бэлиэтии көрөн, олору талан ылан, 2023 с. «Аламай» диэн ансаамбылы тэрийбитэ. Билигин манна 150 оҕо дьарыктанар.
Былырыын «Таланты Евразии» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска оскуола 192 үөрэнээччитин кытыннаран, «Самая танцующая школа» диэн анал ааты ылбыттара.
Оскуола оҕото үксэ көхтөөхтүк үҥкүүлүүр буолбутун көрөн, итиэннэ VI “б” кылаас салайааччыта бэйэтэ физкультура учуутала буолан, хамсаныы оҕо сайдыытыгар туһалааҕын бэркэ билэр киһи быһыытынан, Мария Анатольевна Николаева: “Айталина Афанасьевна, биһиги кылааһы үҥкүүгэ үөрэт эрэ, төрөппүттэр оҕолорун фестивальга кытыннараары гыналлар. Барытын бэйэлэрэ уйуналлар”, – диэн көрдөспүт.
Бэйэлэрэ этии киллэрбит дьон сиэринэн, төрөппүттэр Айталина Афанасьевна этэрин тута чып курдук толорон, кылаас салайааччыта Мария Анатольевна хас биирдии дьарыкка тэҥҥэ сылдьыһан, Саҥа дьыллааҕы түбүк-сүпсүлгэн быыһыгар, олох кылгас кэмҥэ, бэркэ бэлэмнэммиттэр .
Таҥас-сап чааһыгар төрөппүттэр бары кыттыһа охсон, Валентина Валерьевна Протопопова диэн иистэнньэҥ ийэҕэ тиктэрбиттэр.
Аграфена Николаевна Матвеева диэн төрөппүт, бэйэтэ эмиэ үҥкүүһүт буолан, көмөлөһөөччү курдук сылдьыспыт. Кини иилээн-саҕалаан, “Хикари” турфирма «Бриллиантовые нотки» фестивальнай кэмитиэтин нөҥүө кыраныысса таһыгар күрэхтэһэ барар буолбуттар.
Дьэ, ол курдук, тохсунньу 6-7 күннэригэр Кытай Цицикар куоратыгар ыытыллыбыт «Северный журавль» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх оскуолатын VI “б” кылааһын “Эйгэ” бөлөҕө “Хореография” диэн салааҕа Гран-при буолары ситистэ.
- Биһиги үҥкүүбүтүн атын омук дойду дьоно олус сэҥээрдилэр. Бары бииргэ үөрэнэрбитин истэн сөхтүлэр. Сахабыт сирин аатын чиэстээхтик көмүскээбиппитинэн киэн туттабыт, – дииллэр алтыстар.
Салайааччы Айталина Афанасьевнаны кытта төрөппүттэр Александра Иннокентьевна Устинова, Екатерина Ефимовна Габышева барсыбыттар. Онон тэрийэр боппуруостары барытын кинилэр быһаарса сылдьыбыттар, улаханнык абыраабыттар.
Итиччэ ыраах тиийэн баран, биллэн турар, оҕолор Цицикар куоратыгар астына-дуоһуйа күүлэйдээбиттэр, кэрэ бэлиэ миэстэлэрин көрбүттэр. Зоопаркаҕа, кыраайы үөрэтэр уонна научнай-технологическай музейдарга, университекка сылдьыбыттар, Шуйшу уонна Бэйго диэн сылаас дьүүктэлэргэ сөтүөлээбиттэр.
Айталина Афанасьевна бу кылаас төрөппүттэрэ олус көхтөөхтөрүн уонна түмсүүлээхтэрин, оттон оҕолоро киһи тылыттан тахсыбат көрсүө майгылаахтарын, иллээхтэрин хайҕыыр. Ыраах айаҥҥа туруналларын өйөөбүт дириэктэрдэрэ Таисия Николаевна Гороховаҕа уонна кылаас салайааччыта Мария Анатольевна Николаеваҕа махталын биллэрэр.
Дьэ, кырдьык, Ороһуоспатааҕы бэртээхэй бэлэх буолбут, Саҥа дьыллааҕы умнуллубат сынньалаҥ.
Сырыыны сырдатта Анисия Иевлева.