7 месяцев назад 1076
Барыта баар этэ… 60 ырыаҕа…
Норуодунай поэт Наталья Владимировна Михалева-Сайа 60 сааһынан, кини айбыт хоһоонноругар уопсайа 60 ырыалаах, биирдиитэ 30 нүөмэрдээх 2 кэнсиэр буолла. Мин киэһэ 19.00 чаастааҕар сырыттым. Саала иһэ толору. Ким-ким ыллаабата?! Байбал Сэмэнэп, Ырыа Саарын, Сиэйэ Уола, Сунтаар күөрэгэйэ Людмила Спиридонова, Тамара Попова-Хадаана, Фатина Иванова-Дунаайа уо.д.а. Аны элбэх саҥа ырыаһыт баар буолбутун сөхтүм.
Кэнсиэр аата “Барыта баар этэ…” диэн. Онон итинник ааттаах ырыаттан саҕаланна. Саха норуодунай артыыһа, опера солиһа Юрий Баишев толордо. Дьэ, кыайа тутан ыллыыр ырыаһыт. Үйэбэр биирдэ үбүлүөйдээбиппэр, Виталий Андросов барахсан кинини бэйэтэ ыҥыран ыллаппыта, ити ырыаны бэлэх ууммута. Эчи, Юрий Баишев барахсан бэйэтэ да үчүгэйкээнэ, кыраһыабайа, куолаһа күүстээҕэ – киһи эрэ сэҥээрэ, манньыйа, астына көрөр артыыһа . Ол курдук, Сайа диэки эмиэ оннук көрөн эрдэхпит, кэрэ бэйэтигэр, сүдү талааныгар сүгүрүйэн.
Сайабыт кэнсиэригэр наһаа үчүгэй сырдык халлаан күөх былаачыйалаах, онто күлүмүрдэс таас киэргэллээх – букатын бэйэтин баалыгар олорор курдук.
Маҥнай кини тылбааһыгар нуучча поэттарын ырыаларын ыллаатылар. Поэзия чыпчаала буолбут улуу Пушкин “Я помню чудное мгновение” хоһоонун Сайа “Өйдүүбүн ол күлүм түгэни” диэн тылбаастаабыта. Ону саха норуодунай артыыһа Алексей Егоров ырыа гынан көтүппүтүн, тунал маҥан таҥастаах наһаа кэрэ паара – Сахамин уонна Розалина Файрушина – истиҥник-иһирэхтик ыллаан иһитиннэрдилэр. Ырыаларын үҥкүүһүт оҕолор киэргэтэн, күүстээх таптал өрөгөйүн курдук буолла.
Ити курдук ырыаһыттар бииртэн биир тахсан истилэр. Иоганн Матвеев диэн ырыаһыт уолу саҥа көрдүм. Үчүгэй куоластаах уол эбит. Аны олох биллибэт ырыаһыт уол, саха өрөгөйүн ырыата буолбут “Сахам сирэ” ырыаны ыллаан, бастакы сибэкки дьөрбөтүн, овацияны ылыан ылла. Математик үөрэхтээх Яков Максимов диэн эбит.
Урут өрөспүүбүлүкэҕэ ырыа күрэҕэр бастыы сылдьыбыт, онтон ыла улахан сыанаҕа тахсыбатах. Таилаҥҥа олорор эбит. Кини ити ырыаны толорорун ватсап ситимиттэн истэн ыҥырбыттар. Дьэ, куолас да куолас! Арааһа, бу кэнсиэр арыйыытынан буолла. Сунтаар күөрэгэйэ Людмила Спиридонова уола Анатолий Акимов эмиэ ыллыыр уонна ырыа айар эбит.
Ырыалары бэртээхэй видеороликтарынан киэргэттилэр. Сунтаартан эр дьон ансаамбыла “Барыта баар этэ” ырыаларыгар тэлэбиидэнньэ режиссера Саймон Сергеев эдэр сааска эргитэр, киһи олоҕун санаан ылар видеоклип устубутун долгуйа көрдүбүт. Ырыа Саарын Сайа күннээх былаахпыт туһунан хоһоонугар айбыт ырыата, хайдах эрэ, сороҕор “Сахам сирэ” ырыаны санатан ылар өрөгөй дорҕооннордоох. Экраҥҥа биһиги бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев, ыһыахпыт, Сахабыт сирэ көстүбүтэ киэн туттуу санаатын сахта.
Талааннаах киһи барытыгар талааннаах: Сайа Киджалыын дуэттаата, бэйэтэ соҕотоҕун саҥа ырыатын толордо, дьүөгэлэрин кытта “Сунтаар суһума” ансаамбылга ылласта.
Киниэхэ Сунтаар баһылыгын, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин, култуура миниистирин, Федерация Сэбиэтиттэн Сахамин Афанасьев эҕэрдэ суруктарын туттардылар. Уонна… сибэкки бөҕө биэрдилэр, махталларын эттилэр.
Мин Сайаны маҥнай “Эдэр коммунист” хаһыакка бэчээттэниэҕиттэн сэҥээрэбин. 90-с сылларга «Тыллыы» диэн хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта. Хас биирдии хоһооно олох шедевр диэн сыаналаабытым, үлэбэр сынньалаҥҥа дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрбитим. Эдэркээн кыыс хайдах курдук хомоҕойдук хоһуйарын сөхпүтүм. Удаҕамсыйбакка, ол-бу архаичнай эбэтэр научнай хабааннаах өйдөөх тиэрминнэри туттубакка, биһиги күннэтэ көннөрү кэпсэтэр боростуой тылбытынан уобарастаан этэн кэбиһэр дьоҕурдаах, киһи «һык» гынар хоһоонун суруйар талааннаах.
Холобура:
«Болуоссат үрдүгэр уот чаһы
Болдьохтоох кэрдиини ыйбыта,
Тулабар соһуйбут чуумпуруу
«Доҕоруҥ ханнаный?» диэбитэ…
…Мин алҕас эрэммит куоратым
Мунчаара одуулуур уоттара
Хоргуппут таммахтар буоланнар,
Харахпар силбэһэ түстүлэр…»
Хайдахтаах курдук хоһоонуй?! Биһиги эбиппит буоллар: «Баҕайы кэлбэтэ, ыт- кус», – диэн үөхсүө эбиппит буолуо, «ытаатым-соҥоотум» диэн хоргутуо этибит. Оттон Сайа ытаабат “алҕас эрэммит куоратын уоттара хараҕар силбэһэ түһэллэр”. Наһаа да нарыннык, поэтичнайдык уобарастаан этэр дии.
Аны «Сахам сирэ» ырыаҕа:
«Эн тойугуҥ дуораан кута
Иһиллибит буоллаҕына…
…Сахам килбит майгытынан
Аргыый кистээн дьоллоох буолуом»
Бу тыллар саха киһитин уобараһын толору арыйаллар, кини сэмэйин, килбигин.
«Эйигиттэн ордук курдук
Эгэлгэлээх кытыллартан
Эн тымныыгар хаарыллаары,
Эмиэ тиийэн кэлэ туруом…»
Итинник саха эрэ киһитэ этэр кыахтаах. Соҕуруу сырыттахха, маҥнай сонурҕаан баран, дьэ, тымныыбытын, хаарбытын ахтан киирэн барарбыт мэлдьэх буолбатах.
«Хаардаах дойдум сылаас тыына,
Улуу таптал уоспат күүһэ!” куруук ыҥыра-угуйа турдаҕа.
Н.В.Михалева-Сайа суруналыыс быһыытынан эмиэ таһыччы. Саха тэлэбиидэнньэтигэр элбэх саҥа сүүрээни киллэрдэ. Кини ыытар биэриилэрин дьон наһаа сэргээн истэр. Эчи, уу сахалыы биир сыыс тыла суох саҥарара да минньигэһин, иҥнэн турбакка, уу сүүрүгүнүү суккуллар саҥатын тембра киһи сүрэҕин ортотунан киирэр.
Егор Неймохов туһунан документальнай икки сиэрийэлээх киинэ устарыгар сөхпүтүм. Неймохов айымньытын өссө төгүл сиһилии аахпыт, кини туһунан матырыйааллары билсибит, бэйэтин кытта сэһэргэспит буолан, олох иһиттэн таһааран, киинэ оҥорбута, дьон сэҥээриитин ылбыта. Күдээринэ онтон- мантан устан ылан оҥоһуу буолбакка, бэйэтин авторскай ураты киинэтэ этэ. Онно Дьөгүөр наһаа үөрбүтэ, ордук биир дойдулаахтара астыммыттара. Мэҥэ Алдан кэрэ айылҕатын, отун-маһын, сибэккилээх хонуутун бэркэ көрдөрбүтэ. Ыһыах күн баран устубута.
Дьөгүөр быраата Захаров Дмитрий Дмитриевич уонна оҕо эрдэҕинээҕи доҕотторо Колодезников Николай Тимофеевич мотуорунан Амма өрүскэ күүлэйдэппиттэрэ. Онно Сайа сардаана сибэкки кытара кыыһан үүнэ турара элбэҕиттэн сөхпүтэ. «Биһиэхэ Сунтаарга үүнэр да, маннык бөдөҥ буолбатахтар», – диэбитэ. Оператора Сэмэн Сэмэнэбис устубута аҕай. Күнэ да туран биэрбитэ.
Аны Амма кытылыгар араас таастар бааллара. Онно кини эҥин дьикти таастары булан үөрбүтэ. Биһиги үйэ тухары сырыттыбыт ини, сылдьыбатыбыт ини, оннук таастары түбэһэн булбат этибит. Айылҕа бэйэтэ маанылаан, Сайаны хатаҕалыыр курдуга. Амма өрүс Алдаҥҥа түһэр сирин дьураатын көрөн сөхпүппүт. Амма ып-ыраас уута, онтон Алдан эбэ будулуйар сүүрүгэ ала бэлиэ буолар эбит этэ.
Тихон Егоров диэн уончалаах оҕо Егор Неймохов оҕо эрдэҕинээҕитин оонньообута. Лоп бааччы саҥалаах, сүрдээх холку уолчаан, чахчы, Дьөгүөрү санатара. Кинини кытта кэпсэтэр бэйэтэ эмиэ туспа көрүдьүөс кэмнэри бэлэхтээбитэ. Сайа, режиссёр Саймон Сергеев, оператор Сэмэн Васильев Тихоны кытта кэпсэтэллэрэ, оҕо бэйэтэ оҕолуу көрүүтүн кэпсиирэ сүрдээх интэриэһинэй этэ. Холобур, «Тихон, убайгар майгынныыгын дуо?» диэн ыйыталлар. «Ону хантан билэбин, сирэйбин хайдах устан ылан тэҥниибин?” – диэн оҕо соһуйар. «Оттон сиэркилэҕэ көрүммэккин дуо?» – дэһэллэр. «Һы, кыыска дылы сиэркилэҕэ көрүнүөм үһү дуо?» – диэн хоруйдаан күллэрэр.
Дьэ, ити курдук бэрт сэргэх сырыы буолбута, мэҥэ алданнар Сайаны көрөн, наһаа үөрбүттэрэ, олох хаамтарбакка хаартыскаҕа түспүттэрэ.
Норуот суруйааччыта Н.В.Михалева-Сайа бэлиэ сааһын бэлиэтиир, норуотугар отчуот курдук икки кэнсиэри тэрийэн ыытта. Үгүс элбэх көрсүһүүлэргэ сылдьан, ааҕааччыларын кытта көрүстэ. Киниэхэ чэгиэн туругу, айар үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, тус олоҕор дьолу-соргуну баҕарыаҕыҥ!
Уруй! Туску!
Мария Неймохова.
25.05.2024 с.
Хаартыскалар Интэриниэт ситимиттэн, Н.Егорова түһэриитэ.