7 месяцев назад 590
Абыраллааҕын, алдьатыылааҕын анаардахха…
Наһаа дьикти кэмҥэ олоробут. Барыта олус түргэн… Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта эрэ Интэриниэт диэн баарын билэн сөҕүү-махтайыы этибит, оттон билигин номнуо оҥоһуу өйү сахалыы саҥарда сылдьабыт…
Кэнчээри ыччаппыт, нууччалыы эттэххэ, искусственнай интеллект (кылгатан ИИ диэхпит) бары салааҕа өтөн киирэн баһылаабыт үйэтигэр олоруоҕа. Ол сайдыы сабыдыала букатын ураты укулааттаах, атын айылгылаах саҥа уопсастыбаны үөскэтиэҕэ. Олору, бу илэ олоххо уонна куйаар ситимигэр баар икки чахчылаах дьону, билиҥҥи курдук ньыманан салайарыҥ саарбах. Оннооҕор билигин да “төлөпүөн иһигэр улааппыт” оҕолору биир идиэйэ тула түмэр уустуктардаах буолан эрэр курдук дии… Оччотугар аны сүүһүнэн сылынан дьону туох диэн көҕүлээн сомоҕолуубут? Судаарыстыба тутулун хайдах туллаҥнаппакка тутабыт? Кэлэр көлүөнэлэри дууһата суох “тыыннаах роботтарга” кубулуппат туһуттан тугу билигин гынан саҕалыахтаахпытый? Айыы аймаҕын айыллыбыт айылҕаларыттан тэйиппэккэ, киһилии киэбинэн-сиэринэн толору олороллорун хайдах ситиһэбит? Биитэр олох бэйэтин дьаалытынан устан иһэригэр бэринэн кэбиһиэхтээх устуоруйабытын уларыта сатыырбыт сыыһа дуу?..
Дьэ, итинтэн да атын моһуоктаах соҕус уустук ыйытыылары таарыйар мөккүөргэ “Басхан” быйылгы дьыалабыай оонньуутун уолаттара кытыннылар.
Тоҕо кинилэргэ чуолаан ити тиэмэни ырыттардыгыт диэтэргит, “басхан” диэн тыл “лиидэр” диэн суолталаах. Ол аата кэлин өрөспүүбүлүкэбитин бу ыччат салайыа турдаҕа. Кинилэр көрсөр кыһалҕалара дуу, быһаарар боппуруостара дуу буолуоҕа. Этэргэ дылы, эрдэттэн бэлэмнээн, эр бэртэрин тургутан көрдүбүт.
Чэ, онон “Оҥоһуу өй: киһи бэйэтэ айбытыттан кэһэйиэ дуо?” диэн куолулааһыҥҥа этиллибит санааларыттан сүрүнүн билиһиннэрэбин.
Олег Андреев, Үөһээ Бүлүү:
-Оҥоһуу өй мэдиссиинэҕэ, экэниэмикэҕэ, оҥорон таһаарыыга күүскэ киирэн эрэр. Наука салаатын быһыытынан 1956 сылтан ыла биллэр. 1998 с. “Deep Blueс” аан дойду чөмпүйүөнэ Гарри Каспаровы саахымакка кыайан турардаах. Онно уолуйа санаабыттара – “Киһи бэйэтэ айбыт өйө кинини баһыйыа, ону ааһан өссө кутталынан суоһуо дуо?” диэн. Итинниккэ тиийбэт туһуттан оҥоһуу өйү эһэр-кыдыйар сыалга туһаныыны буойар, аһара үлүһүйүүнү тохторор миэрэлэрэ ылыныахтаахпыт.
Анатолий Николашкин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй:
-Оҥоһуу өйү кыамтатынан көрөн, үс сүрүн чааска араараллар: судургулар биир сорудаҕы толороллор. Холобура, ааны арыйан-сабан биэриэхтэрин сөп. Орто өй, чэ, тугу эмэ тутуон, ойуулуон сөп. Оттон “супер” – киһи сатаабатын толкуйдаан таһаарар кыахтаах. Айзек Азимов роботехника туһунан сокуоннаах. Онно «робот не может нанести вред человечеству» диэн суруйар. Ол аата оҥоһуу өй киһи олоҕор кутталы үөскэтиэ, хоромньуну таһаарыа суохтаах. Оттон биһиэхэ билигин хайдаҕый? Номнуо байыаннай дьайыыларга туһанан эрэллэрэ кистэл буолбатах…
Уопсайынан, күн бүгүн саамай тирээн турар боппуруоспут – каадырдары бэлэмнээһин. Оҥоһуу өй буҕаалтардары эҥин солбуйдаҕына, бу дьону туох үлэнэн хааччыйабыт? Кэм ирдэбилинэн саҥа идэлэри толкуйдуохтаахпыт. Аны туран, оҥоһуу өйү көрөр-истэр, өрөмүөннүүр, хонтуруоллуур үлэһиттэри үөрэтэр кыһалары арыйары туруорсуохтаахпыт.
Дьон араас. ИИ оҥорон таһараар бородууксуйатын бары биһирээбэттэрэ чуолкай. Олорго анаан, айылҕаттан талааннаахтарбыт илиилэринэн айан-тутан оҥороллорун урдук оҥоро сылдьыахтара. Онон дьон наһаа дьарыга суох хаалыа суоҕа, араас сонун өҥөлөрү оҥорор урбаан күүскэ тэнийиэ.
Георгий Готовцев, Кэбээйи:
-Оҥоһуу өй киһи аймахха ядернай буомбаҕа тэҥнээх дииллэр. Оннук күүстээх дьайыылаах. Ол иһин аан дойду таһымыгар дуогабар түһэрсиэхтээхтэр: ханнык да судаарыстыба искусственнай интеллеги дьон утары туһаммат диэн. Эппиэтинэс, бобуу, сиэрдээх буолуу боппуруостарын бэрээдэктиир докумуон оҥоһуллуохтаах. Оччоҕо эрэ ИИ туһаналлыытын сөпкө сүрүннүүр кыахтаахпыт. Итиэннэ бу саҥа арыйыылар дьон доруобуйатыгар охсууларын чинчийии күүһүрүөхтээх: харахха, сискэ, мэйиигэ, уйулҕаҕа… Төлөпүөнтэн тутулуктаах оҕо наһаа элбээтэ. Олору кытта үлэлэһэр исписэлиистэр наадалар. Саҥа кэм саҥа идэлэри ирдиир, онон дьон үлэнэн хааччылла туруоҕа.
Айаан Горохов, Сунтаар:
-Биир сайын мин аҕам дойдутугар Үөһээ Дьааҥыга сайылыы барбытым. Тиийбит дэриэбинэбэр оптоволокно суоҕа, ВОЛС тардылла илигэ. Онон бастакы күн интэриниэтэ суох чуҥкуйа быһыытыйбытым. Сарсыныгар олохтоох оҕолору кытта билсэн, аны күнү быһа таһырдьа оонньуур буолбутум. Онно сөхпүтүм, кинилэр куйаар ситимэ да суох, олохтон дуоһуйар дьарыгы сатаан булалларын. Билиилэрэ да киэҥэ. Ол иһин этэбин, кыра оҕо ютубка эҥин олорорун хааччахтыыр оруннаах эбит. Оҥоһуу өйү да кэмнээн-кээмэйдэн туһаныах тустаахпыт. Уонна оҕо сэҥээрэр ханаалларыгар сахалыы контены (ойуулуктары, ырыалары, уус-уран айымньылары, остуоруйалары, о.д.а) элбэтэр сорук туруохтаах.
Андрей Степанов, Чурапчы:
-“Уустук кэмнэр күүстээх, чэпчэки олох мөлтөх дьону үөскэтэр” дииллэр. Оҥоһуу өй үлэни барытын оҥорон бардаҕына, киһи аймах бэлэмҥэ үөрэнэн, кэхтиигэ барыан эмиэ сөп. Ким да билбэт – тугунан бу сайдыы түмүктэниэн биитэр хайдах дьайыан. Ол иһин наһаа ырааҕы таайа-сэрэйэ сатаабакка, оҥоһуу өйү бүгүн баар кыһалҕаны быһаарарга туһаныаххайыҥ. Холобура, бөҕү суох гынарга, тобоҕу туһаҕа таһаарарга.
Алгыс Попов, Мэҥэ Хаҥалас:
-Оҥоһуу өй үөрэхтээһин эйгэтигэр тэнийэн эрэрин “Точка роста”, “IT-куб” курдук сонун бырайыактар холобурдарыгар көрөбүн. Маны сэргэ программистары, айтишниктары олус өйүүр буоллулар, кинилэргэ араас чэпчэтии оҥоһуллар. Онон судаарыстыба көҕүлүүр бачыымын быыһытынан, ИИ сайдан иһэр саргылаах.
Петр Осипов, Нам:
– Худуоһунньук хас эмэ сыл ойуулуур хартыынатын GPT көмөтүнэн аҕыйах сөкүүндэ иһигэр таах уруһуйдуур буоллулар. Бириэмэни харыстыырга табыгастаах ньыма. Ол эрээри, дьон айбат-туппат буолан хаалыан эмиэ сөп. Аны туран, оҥоһуу өйү түөкүннээһиҥҥэ туһаныы элбээн эрэр. Билэр киһиҥ куолаһынан саҥаран, оннооҕор сирэйин кытта үтүктэн, харчыгын уоран ылыахтарын сөп. Онон ИИ куттала суох буолуутун хааччыйыыга болҕомто ууруллуохтаах.
Артем Марков, Амма:
-Билэрбит курдук, Сбербаан уонна Саха Сирэ оҥоһуу өйгө кэскиллээх бырайыактаахтар. “Школа 21” диэн IT-оскуоланы аспыттара. Аны билигин Дьокуускайга ИИ-лабораторияны аһарга илии баттастылар. Ити олус үчүгэй. Ол эрээри, “Алиса” курдук саҥарар да оҥоһуу өй киһини кыайан солбуйбат. Тоҕо диэтэххэ, кини дууһата уонна кута суох…
Илья Саввинов, Үөһээ Бүлүү:
– Арай биир үтүө күн ол оҥоһуу өйбүт бырагыраамата “сбой” биэрдин. Оччоҕо? Онон тиэхиньикэҕэ аһара найаланар сыыһа, бэйэ күүһүгэр эрэнэр ордук.
Мирослав Терешкин, Муома:
-Дьиэҕэ дьахтар толорор үлэтин – сууйары-сотору, астыыры, хомуйары – барытын оҥоһуу өй сатыыр буолла. Оннук курдук, тыа хаһаайыстыбатыгар көмөтө-өҥөтө эмиэ улаатара буоллар. Мин дойдубар табалары кэтииргэ-маныырга үөһэттэн көрөр аппарааттар абырыа этилэрэ. Оччоҕо таба ахсаана аччыа суоҕа этэ.
Альберт Егоров, Томпо:
-Эмиэрикэҕэ дьиэттэн тахсыан баҕарбат ыччат ахсаана күн-түүн элбии турар үһү. 20 %-ҥа тиийбит. Олор бэйэлэрин “метавселеннайдарын” олоҕунан олороллор. Уопсастыбаҕа сатаан киирбэттэр, дьону кытта социальнай сибээстэрин сүтэрбиттэр. Оҥоһуу өй кэмигэр маннык бэйэҕэ бүгүү көстүүтэ дэлэйэн, ол киһи аймах алдьархайа буолуон эмиэ сөп…
Дьулус Андреев, Горнай:
– Олохпут укулаата төрүт дьарыкпытынан салаллан кэлбит, илиибитинэн үлэлээн, маннык тыйыс дойдуга норуот буолан тэнийбит дьоҥҥо оҥоһуу өй бэлэмигэр көһүү охсуулаах соҕус буолара буолуо ээ… Оннооҕор Интэриниэт алдьатыылаах дьайыыта тута билиннэ дии: оҕолорбут сахалыы сатаан саҥарбаттар. Арааһа, итинник улахан уларыйыыларга бэлэмэ суохпут быһыылаах. Биһиэхэ киирэрэ эрдэ, онно ситэ иликпит…
Артем Яковлев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй:
-Оҥоһуу өй син биир биһиги олохпут сорҕото буолар кэскиллээх. Үчүгэй дьон илиитигэр киирдэҕинэ – туһалыа, оттон куһаҕан сыалга туһаннахтарына – киһи аймаҕы эһиэн да сөп. Ол барыта дьонтон бэйэтиттэн тутулуктаах.
Иннокентий Боронов, Бүлүү:
-Оҥоһуу өйү сахалыы үөрэтэн, тылбыт сүппэтин туһугар кини кыаҕын туһаныахтаахпыт. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ сахалыы саҥардан эрэрин туһунан истэн сэҥээрдим.
Оннук, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ оҥоһуу өйү саха тылын, култууратын үйэтитиигэ туһанар соруктаах хас да кэскиллээх бырайыактаах. Холобура, ити оҕолор эппит “Алисаларын” курдук, сахалыы кэпсэтэр өйү оҥорууга Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн кытта үлэлэһэ сылдьар. Онуоха эн, ааҕааччым, бэйэҥ кылааккын эмиэ киллэрсэр кыахтааххын: бу https://voice.nlrs.ru/ сигэнэн киирэн, бэриллибит этиилэри дорҕоонноохтук ааҕан, саҥаҕын уһултаран ыыт. Ол барыта ИИ “мэйиитигэр” билии буолан иҥэриллиэҕэ. Оччоҕо кини биһиги төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэрбитин истэн даҕаны, ааҕан даҕаны өйдүүр уонна хоруйдуур, итиэннэ сэһэргэһэр кыахтаныаҕа.
Басханнар оҥоһуу өй туһунан санаалара оруннаах. Чахчыта да, сайдыыны тохтоппоппут, ол иһин саҥа сүүрээннэри харгыстыы сатаабакка, бэйэбит байҕалбытыгар туһаайан сүүрдэн, уутун ырааһырда туруохтаахпыт. Ол аата туох саҥа, сонун, уларыйыы барыта норуот быһыытынан барҕарарбытыгар туһуланыахтаах уонна туһаныллыахтаах. Этэргэ дылы, бэйэбит туспутугар эргитиэхтээхпит. Өксөкүлээх Өлөксөй кэс тыл курдук эппитинии, “аҕыс уон аҕыс араас албастарын, алкыйан ылан, ап гынан, салгын куппутун алыптаан”, кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр таһымнаах, бэлэмнээх уонна кыахтаах буолуоҕуҥ!
Суруйда ИИ туһунан дебаты ыытыспыт Анисия Иевлева