8 месяцев назад 1626
Ленин аатын сүкпүтэ 100 сыл буолла
90-с сылларга сэбиэскэй кэми кытта ситимнээҕи барытын уларытар уонна утарар долгуҥҥа, арай, Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин олохтоохторо оҕустарбатахтар быһыылаах. Халбаҥнаабакка бэриниилээхтик уонна чиэстээхтик Ленин аатын оскуолаларыгар уларыппакка хаалларбыттар.
Билигин да уолбалар Лениннэрин өрө туталлар. Быйыл өссө Ленин аата иҥэриллибитэ 100 сылын бэркэ бэлиэтээн тураллар.
Билэрбит курдук, улуу сирдьиппит Владимир Ильич Ульянов-Ленин 1924 сыл тохсунньу 21 күнүгэр бу күн сириттэн күрэммитэ. “Аан дойду пролетариаттарын сирдьитэ өллө. Кини кэриэһигэр кутурҕаннаах миитиннэри ыытыҥ” диэн 471-с нүөмэрдээх телеграмма Саха АССР наркомпроһуттан кэлэн, ол күн Уолбаҕа үөрэх тохтотуллан, траур биллэриллибитин туһунан ахтыылартан ааҕабыт.
Онтон олунньу 2 күнүгэр Дьөҥкүүдэй (Уолба нэһилиэгин урукку аата) 1-кы степеннээх сэбиэскэй оскуолатыгар нэһилиэк Сэбиэтэ, нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах улахан мунньах тэриллэн, Дьөҥкүүдэй сэбиэскэй сэттэ группалаах оскуолатыгар В.И. Ленин аатын иҥэрэргэ уураахтыыллар. Наркомпросздрав 1924 сыл кулун тутар 3 күнүнээҕи 63-с нүөмэрдээх бирикээһинэн ити дьаһалы бигэргэппит. Ол туһунан “Автономная Якутия” хаһыат 1924 с. кулун тутар 8 күнүнээҕи 54-с нүөмэригэр бэчээттэммит.
Урут Уолба Байаҕантай улууһун киинэ буолан, манна Томпоттон, Өймөкөөнтөн, Амма Соҕуйуттан, Дьохсоҕонтон кэлэн үөрэнэллэрэ. Ол иһин оччолортон педагогическай кэлэктиибин састааба күүстээҕэ: САССР үтүөлээх учуутала, Ленин уордьаннаах С.М. Кочкин, суруйааччы Н.Д. Неустроев, учуонай М.А. Чудинова, Саха национальнай тыйаатырын дириэктэрэ Т.П. Местников уо.д.а. курдук дьон үлэлээн ааспыттар. Ити кэмҥэ үөрэммит да оҕолоро чаҕылхайдар: РСФСР, САССР норуодунай, САССР үтүөлээх артыыһа, сахалартан опера бастакы профессиональнай режиссёра Анна Егорова, САССР норуодунай, РСФСР, САССР үтүөлээх артыыһа Дария Слепцова, фронтовик-поэт Макар Хара, Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы С.И. Неустроев, главлит управлениетын начаалынньыга М.Ф. Тяптиргянов, суруйааччылар Н.Заболоцкай-Чысхаан, Пантелеймон Тулааһынап, Бэс Дьарааһын, суруналыыс А.Винокуров-Олбинскай уо.д.а.
50-80-с сылларга манна үлэлээбиттэрэ: ССРС Совнаркома М.И. Калинин илиититтэн Бочуот Знага ордены ылбыт А.В. Хоноехова, энтузиаст-учуутал К.С. Неустроев, биллэр саахыматчыт М.Т. Таппыров, уран тарбахтаах Д.Д. Матвеев, Г.Ф.Нелунов, И.Ф. Рахлеев, Д.С.Колесов, С.В.Винокуров, А.А. уонна Н.И. Алексеевтар, Р.Н. Корнилова, Х.А. уонна А.А. Слепцовтар, Д.Е. уонна М.С. Никоновтар. Кэлин уһуннук учууталлаабыттара Д.А. Баямжина, З.А. Егорова, А.С. Чашкина, М.С. Неустроева, Т.И. Атласова, З.П. Боппосова, А.А. Кириллин уо.д.а.
Билигин А.П. Боппосова, Э.И. Гаврильева, Д.И. Винокурова, Р.В. Баишева, А.М. Неустроев, С.И. Рахлеева, В.П. Рахлеева, Д.П. Данилов, уо.д.а. айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар.
Күн бүгүн уолабалар саҥа оскуола дьиэтин туруорса сылдьаллар. 1972 сыллаахха тутуллубут икки мэндиэмэннээх дьиэлэрэ эргэрэн, 2023 сыл күһүнүттэн хаарбах туруктааҕынан сабыллан турар. Онон оҕолор түөрт сиринэн сүүрэ сылдьан үөрэнэргэ күһэллэллэр.
Дириэктэр А.В. Аржаков киэҥ эйгэҕэ иһитиннэрбитинэн, оскуола тутуутун уочаратыгар биир бастакынан сылдьаллар үһү эрээри, үп-харчы боппуруоһа уустуктардаах соҕус быһыылаах. Ил Түмэн хаттаан көрдөҕүнэ, инвест-бырагырааманан 2026 сылга тутуу саҕаланыан сөп курдук.
Оннук эрэ буоллун! 1840 сыллаахха аһыллыбыт церковнай-приходской оскуолаттан саҕалаан, баай устуоруйалаах үөрэх кыһатын дьиэтэ дьэндэйэ оҕустун!
Комментарии 1