Хайыһардар дайдылар... - Блоги Якутии

7 месяцев назад 1085

Хайыһардар дайдылар…

Саҕаламмыт салҕанан, тэриллибит тэнийэн иһэрэ хайҕаллаах. Бастаан биир сылга оскуоланы бүтэрбиттэр түмсүбүт эбит буоллахпытына, аны билигин биир кэмҥэ үөрэммит көлүөнэ ыччат көрсөн, выпустарынан күрэхтэһэр, аһымал аахсыйалары кыттыһан ыытар буоллубут.

Ол курдук, быйыл олунньуга Хаҥалас Булгунньахтааҕар 4 выпуск волейболга күрэхтэспиппит.

Онно 99-стар бастаабыттара, иккис 96-лар буолбуттара, 97-лэр үһүстээбиттэрэ.

Ол кэнниттэн Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр мини-футболга 98-тар кубогы ылары ситиспиттэрэ. Сөп ээ, кинилэр абитуралыыр сайыннарыгар Францияҕа футболга аан дойду чемпионата буолбута. Ону көтүппэккэ көрө-көрө, үөрэх туттарсыбыт табаарыстартан билигин да мээчик тэбэ оонньуур киһи элбэх.  

Хайҕаллааҕа диэн, маннык көрсүһүүлэр аҥаардас күөн күрэс киэбинэн эрэ барбаттар, тэҥинэн аһымал аахсыйалар эмиэ ыытыллаллар: выпустар харчы хомуйан, кыһалҕалаахтарга көмө оҥороллор.

Онон дьоҥҥо да, бэйэбитигэр да туһалаахтык бириэмэни атаарар тэрээһиннэрбитин утумнаахтык ыытарга кыһаллабыт. Холобура, бу ааспыт ый бүтүүтэ Мэҥэ Хаҥалас Тумулугар “Сахавабол” буолуохтааҕын, дойдуга кутурҕан күннэрин биллэрэннэр, муус устар 13 күнүгэр көспүтэ.

 Оттон бу субуотаҕа, ол эбэтэр муус устар 6 күнүгэр, оскуоланы 1998 сыллаахха бүтэрбиттэр 94, 95, 96, 97, 98, 99 выпустар икки ардыларыгар хайыһар күрэхтэһиитин бэркэ тэрийэн ыыттылар.

Анаабыт курдук, оруобуна ол күн халандаарга “Международный день спорта во благо мира и развития “ диэн сурулла сылдьар эбит. Кырдьык даҕаны, сааскы чаҕылхай күннүү күлэ-үөрэ куоталастыбыт, итиэннэ үөлээннээхпитигэр оҕотун эмтэтэригэр 15 тыһ. солк. харчынан көмөлөстүбүт.

Дьэ, ол курдук күрэхтэһиибит “Лыжня России -2024” хамсааһын чэрчитинэн, Дьокуускайтан чугас Владимировка  сиригэр буолла.  Кыратык дабайыылаах трассанан эр дьон 2 килэмиэтиргэ, дьахталлар 1 км сүүрдүлэр. Кинилэр хас хамсаныыларын 97-тэр лиидэрдэрэ Туллук көрдөөхтүк кэмэнтээтэрдээн сэргэхситтэ.

Эр дьоҥҥо 6  мүнүүтэ 25 сөкүүндэнэн кэлэн, 99-тар уоллара Вячеслав Громов кылбардык уонна кыраһыабайдык кыайда. Киниттэн аҕыйах сөкүүндэнэн хаалан (6.54), Владислав Федоров (98-с) иккистээтэ. Уонна бочуоттаах үһүскэ  – 95 сыллар хайыһардьыттара Леонид Шелковников (7.28).

Бу үс эр бэрдин көрөн, чахчыта да, “хайыһардар дайаллар” эбит дии  этии оруннааҕын итэҕэйин. Олох кынаттаах курдук, биирдэ элэс гыналлар, өйдөөн көрбүтүҥ, номнуо мыраан тэллэҕэр тиийбит буолаллар.      

Кыргыттарга да тыҥааһыннаах киирсии буолла. Тоҕо диэтэххэ, манна өрөспүүбүлүкэ күүстээх хайыһардьыта кытынна: спорт бу көрүҥэр Саха Сирин маастара, Арассыыйа хандьыдаата Татьяна Сутакова. Кини  сыыдам сырыытын сырсан, атыттар да хаалсыбатылар, утуу-субуу биэтэги бэркэ буллулар.

Татьяна Сутакова (1998), биллэн турар, ырааҕынан быраҕан, холкутук кыайда. Бириэмэтэ –  4.31. 38. Онтон Мария Константинова (99-стар) иккис буолла – 5.03.39. Үһүскэ күрэхтэһии саамай аҕа выпустара – 94-тэр бэрэстэбиитэллэрэ Фролова Светлана таҕыста – 6.03.99.

 Манна даҕатан эттэххэ, эр дьоҥҥо 12, дьахталларга 9 киһи күрэхтэстэ. Кинилэр истэригэр бааллар биллэр спортсменнар да, ону сэргэ оскуолаҕа физкультура уруогун кэнниттэн хайыһарга турбатахтар кытта. Итинэн маннык табаарыстыы күрэстэр үчүгэйдээхтэр уонна уратылаахтар – “кини оннук, мин манныкпын” диэн арахсыы эҥин диэн суох, выпуск аатын көмүскүүр туһуттан ким баҕалаах барыта кыттар. Сүрүнэ, ааһан эрэр эдэр сааспытын уһатан, оҕолуу дууһабытын уһугуннаран, эт саастыы дьоммут эйгэлэригэр дуоһуйа сынньанан, үчүгэй ньэгиринэн (эниэргийэнэн) иитиллэн, олох хас биирдии түгэниттэн дуоһуйарга үөрэнэбит. Ол буоллаҕа эбээт – сирдээҕи олох дьоло диэн!

Биирдиилээн сүүрүү кэннэ эстафета буолла: икки кыыс уонна икки уол (бэйэбитин 100 сааспытыгар диэри итинник ааттыырбыт буолуо). Манна 99-тар икки хамаанданы  туруордулар. В.Громов, М. Константинова курдук күүстээх хайыһардьыттарын киллэрбит 1-кы нүөмэрдээх хамаандалара, эргиирдэрин да түмүктүү иликтэри ситэн ааһаннар, эрэллээхтик I миэстэни ыллылар. 98-тар иккистээтилэр, 96-лар үһүстээтилэр.

         Түмүгү таһааралларын кэтэһэр кэмҥэ 98 выпуск көхтөөх кыргыттара Рена Старостина уонна Альбина Готовцева хаатыҥканы ыраахха диэри быраҕыы, хордуон хайыһардаах сырсыакалаһыы, сыттыгынан сайсыы курдук көрдөөх оонньуулары тэрийэннэр, тоҥо турбакка, тиритиэхтэригэр диэри хамсаннылар, дэлби күлэн эрчимирдилэр.

Наҕараадалааһыҥҥа бу хайыһар күрэҕин тэрийэргэ көҕүлээбит, идиэйэтин олоххо киллэрээри сүүрбүт-көппүт Татьяна Сутакова сюрпиз оҥордо. Ол курдук, бэйэтин 98 выпуһуттан ким оҕото хайыһарынан дьарыктанарын сураһан билэн баран, хайыһар бэлэҕин Хатас олохтооҕо, СВО кыттыылааҕын огдообото, элбэх оҕолоох ийэ Ирина Пестерева уолугар анаан туттарда. “Кытааттын, спорду өрө тутан, саха ньургуна буоллун!” – диэн баҕа санаатын тиэртэ.

   Дьэ, миэстэлэспиттэр бары мэтээл кэттилэр, оттон уопсай түмүгүнэн бастаабыт 1999 выпуск Кубогынан наҕараадаланна.

Маны таһынан бэртээхэй бириистээх анал ааттар олохтоннулар. Онно выпуск аайыттан биирдии киһи тигистэ. Холобура, барыларыттан хойутаан да буоллар, аа-дьуо ыксаабакка кэлбит Семен Аввакумовка (1996) “Кыайыыга дьулуур” диэни биэрдилэр. 1994-тэр наһаа үчүгэй ыалдьааччылар этилэр. Ол иһин кинилэргэ – “Хаһыытаан-ыһыытаан күөртээччилэр” номинация. Саамай элбэхтэ охтубут 97 кыыһа Афанасьева Домна “Хаарга элбэхтэ бэлиэтэммит” ааты ылла. Аны туран, 95 хамаандатын бэркэ настройдуур, салайар, көрөр-истэр Дьулусхан Тихонов “Кытаанах хонтуруол” диэн буолла. 98-тар уоллара Владислав Федоров таҥаһа ыраахтан дьэрэкээннэнэн көстөрүн иһин “Сааскы күннүү чаҕылхай” аатырда. Оттон араспаанньалыын да этиҥ курдук дохсуннук кыайбыт Громов Вячеслав-99, чаҕылхан чыпчылыйарыныы сындылытан сүүрэн, сыыдам сырыылааҕынан бигэргэннэ, биһирэннэ, билинилиннэ.       

Туох да үбэ суох баҕа санаа күүһүнэн ыыталлар маннык тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ааһаллара туоһулуур – барыта харчыга атыыламматын, сомоҕолоһуу туохтааҕар да күүстээҕин, түмсүү төлкө төрдө буоларын, дьон олоҕу сыаналыыр буолбутун, киһи киһинэн олорорун…

         Манна даҕатан эттэххэ, 98-тар үгүстэргэ холобур буолар выпуск. Тэрээһиннэрин олох бары саба түһэн, биир киһи курдук тэҥҥэ хамсанан, ким тугу кыайарынан үллэстэн, ымпыгар-чымпыгар тиийэ барытын учуоттаан-толкуйдаан, бэркэ ыытар үгэстээхтэр. Бу да күрэхтэһии ол сиэринэн тэрээһиннээхтик барда. Маныаха тоҥуу хаары тыраахтарынан күртэрэн, трассаны оҥорторон, туох баар спортивнай тээбириннэри уларсан, сүүрбүт-көппүт Эдуард Старостиҥҥа дириҥник махтанабыт.

Ону сэргэ хайыһар күрэҕин көҕүлээбит Татьяна Сутаковаҕа, кини баҕа санаатын сүрүннээбит, барытын иилээн-саҕалаан тэрийэр Рена Старостинаҕа, выпуск аатыттан анал бирииһи спонсордаан туруорбут уонна тэрээһини ыытыыга көмөлөспүт Наталия Васильеваҕа, барыбытын салайар бэрэссэдээтэлбит Николай Даниловка, итиэннэ харчыны хомуйууттан саҕалаан, киэҥ эйгэҕэ сырдатыыга тиийэ араас эбээһинэһи толорор хомоҕой тыллаах ыытааччыбыт Анисия Иевлеваҕа, наадыйалларын барытын куруук мындырдаан тигэн-оҥорон биэрэр уран тарбахтаах Альбина Готовцеваҕа, аһы-үөлү, малы-салы дьаһайбыт, хомуйбут хаһаайыстыбаннай уолаттарбыт Василий Носовка, Михаил Местниковка, итиэннэ музыкальнай нүөмэринэн киэргэппит Иулида Аманатоваҕа  уонна да атыттарга махтанабыт.

Күөххэ үктэннэххэ, аны “Зарница” күрэҕэр выпустар көрсүөхпүт. Ити иннинэ муус устар 13 күнүгэр Тумулга “Сахавабол”-бут буолуоҕа.

 Онон төһө да дьалхааннаах кэмнэр дойдуга бүрүүкээн турдаллар, биирдэ бэриллэр олохпутун маннык быыһык бириэмэҕэ өссө  сыаналаан туран, биһигиттэн тутулуга суох балаһыанньалартан күөмчүлэммэккэ, төһө кыалларынан толору уонна дьоһуннук олорорго кыһаллан, түмсүүлээх уонна көхтөөх буоларга дьулуһабыт.

Сырдатта Ася Соргу.    

Добавить комментарий