“Оҕо сатабыла” – дьиэ кэргэн иллээх эйгэтэ - Блоги Якутии

9 месяцев назад 612

“Оҕо сатабыла” – дьиэ кэргэн иллээх эйгэтэ

Тааттаҕа сэттис сылын “Оҕо сатабыла” (“Умения детей”) диэн чемпионат буолан ааста.

Быйыл оруобуна Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, оттон Тааттаҕа Итэҕэл, эрэл, таптал сыллара.

 Бу чемпионат уратыта диэн, манна оҕолор айар-тутар сатабылларын эбээлэрин-эһээлэрин, ийэлэрин-аҕаларын, эдьиийдэрин-убайдарын, доҕотторун  кытта кыттыһан бииргэ көрдөрөллөр.

Бу да сырыыга эмиэ үчүгэйдик бэлэмнэн кэлбит, 24 киһилээх хамаанданы 6 массыынан тиэйэн аҕалбыт Туора Күөл оскуолата 2 баалынан куоһаран бастаата.

Мин бу олус сөбүлүүр тэрээһиммэр сылдьаары, Монголияҕа сырыым күнүн аччатан, Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо научнай-практическай кэмпириэнсийэ иккис күнүттэн “күрээн”, быһалыы суолунан 5 чаас айаннаан тиийбитим. Уонна астынным!

Сатабыл күрэҕэ дьиэ кэргэн истиҥ сыһыанын сылаас тыынынан илгийэр уратылаах. Бииргэ айарга-тутарга күөртүүр. Оскуола, дьиэ кэргэн чиэһин көмүскүүргэ, аатын-суолун үрдэтэргэ көҕүлүүр.

Былырыын бу чемпионат Бүтүн Арассыыйатааҕы “Движение первых” хамсааһын  999500 солк. суумалаах гранын ылан, “Оҕо сатабыла” илин эҥээр улуустарыгар тэриллибитэ. Итини өссө салгыыр баҕа баар…

Таатта улууһун баһылыга Айаал Семенович Бурцевтыын көрсөн кэпсэттим. Кини  бар дьонугар итэҕэйэр, улуус сайдар кэскилигэр эрэнэр, төрөөбүт дойдутун таптыыр буолан, олохтоохтор үгүс куоластарын ылан, улааппыт  улууһугар баһылыгынан төннөн кэлэн үлэлээн эрэр. Онон быйыл улууһугар биллэрбит сылын сыаннастара тус бэйэтигэр ордук суолталаахтар эбит.

 Манна даҕатан эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар таатталар үчүгэй көрдөрүүлээхтэр.

Баһылык былаанын билсэн, соругун истэн, тутулла турар эбийиэктэри, дьэндэйиэхтээх дьиэ сыбаайаларын көрөн астынным.

“Оҕо сатабыла” чемпионат бырайыагын ааптара буоларым быһыытынан, сыл ахсын бириис туруорабын. Бу сырыыга Монголияттан аҕалбыт бэлэхпин сыл аайы ситиһиилээхтик кыттар Иван Трофимович Боппосов дьиэ кэргэнигэр туттардым.

Бу дьиэ кэргэн улууһугар уран ууһунан, мындыр рационализаторынан биллэр. Убайдара Михаил Трофимович Боппосов Саҥа дьыл ахсын сыл бэлиэтинэн скульптура оҥорорун бары билэҕит. Улахан убайдара Владимир Трофимович Боппосов 90-с сылларга Ленин аатынан Уолба оскуолатын иһинэн “Мындыр өй оскуолатын” тэрийбит. Оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар араас головоломкалары оҥортообут.

Ол оонньууларынан сыл ахсын бу чемпионакка маастар кылаас ыыталлар. Итинтэн сиэттэрэн, “Өркөн өй” диэн анал ааты олохтообуппут.

Биһиги бу чемпионаппыт дьиэ кэргэн түмсүүлээх уонна биир санаалаах буоларыгар туһуланар.

Икки сүүсчэкэ кыттааччы эһиил  өссө күрэхтэһэ кэлэр баҕа санаалаах үөрэ-көтө тарҕыста. Көрсүөххэ диэри!

Ульяна Винокурова,

социологическай наука дуоктара, профессор.

Ааптар түһэриилэрэ, социальнай ситимтэн.

Добавить комментарий