Билиҥҥи кэммит кэрэһиттэрэ - Блоги Якутии

1 год назад 356

Билиҥҥи кэммит кэрэһиттэрэ

Кыайыы күнэ диэн сырдык бырааһынньыкпыт аата билигин өссө долгутуулаахтык иһиллэр буолла. Тоҕо диэтэххэ, күн бүгүн хорсун уолаттарбыт эйэлээх олох иһин байыаннай дьайыыларга кытта сылдьаллар. Кинилэр кыайыы көтөллөөх этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин бары күүтэбит уонна эрэнэбит...

Хорсун байыастарбыт тустарынан сэһэргиир “Время выбрало нас” диэн быыстапканы СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаата кыттыһан тэрийдилэр.

-Владимир Путин анал байыаннай эпэрээссийэни сырдатар экспозициялары уонна мусуойдары тэрийэр туһунан эппитэ. Ол бачыымы өйөөн, бу 50-тан тахса экспонаттаах быыстапканы туруордубут. Манна Аҕа дойду Улуу сэриитин, Афганистан, Чечня уонна бу Украинаҕа буола турар анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын туһунан сэһэргиир кинигэлэри көрдөрүүгэ уурдубут.

  Маны сэргэ «Якутия с тобой!» уопсастыбаннай түмсүү, «Волонтеры-Саха» хамсааһын, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин Саха Сиринээҕи кэмитиэтин үлэтин билиһиннэрэр истиэндэлэр ыйаннылар.

“Саха” НКИХ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сырдык тыыннарын толук уурбут саллааттарбыт тустарынан устубут биэриилэрин QR-код нөҥүө көрүөххүтүн сөп.

Түөрт витринаҕа маллары тиэмэлээн араардыбыт. Ол курдук, бастакыга  Ил Дархан СВО-тан кэлбит байыастарга туттарар саха быһаҕыттан саҕалаан, В.В. Путин ыйааҕынан бэриллэр “Хорсунун иһин” мэтээлгэ тиийэ баар.

Иккискэ – СВО бэтэрээннэрэ анарааттан аҕалбыт маллара: испиискэ, бэйэ оҥоһуута чүмэчи, билээгэ, табах, оннооҕор миномет үлтүркэйэ, бултаабыт туртастарын муоһа кытта баар. Үксүн Самсон диэн позывнойдаах уол биэрбитэ. Кини бэйэтэ педагог буолан, кэнчээри ыччакка кэпсиир гына, барытын илдьэ кэлбитэ кэрэхсэбиллээх.

Үһүс витрина элбэх байыаһы  быыһаабыт, тыыннааҕар Жуков, о.д.а. мэтээллэринэн, итиэннэ өлбүтүн кэннэ “Хорсун санааланыы” уордьанынан наҕараадаламмыт Василий Даниловка ананар.

Кинини Арассыыйа Геройугар түһэрэргэ 48 тыһыынчаттан тахса киһи илии баттаабыт петицията паапкаҕа баар.

Төрдүскэ – СВО кыттыылаахтарын дьон-сэргэ өйөөн бэлэхтээбит оҥоһуктара, суруйуулара, харысхаллара,

— диэн кэпсээтэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ, бу экспозицияны сүрүннээбит Туйаара Сокорутова. 

Улуу Кыайыы күнүн көрсө, “Время выбрало нас” быыстапканы аһар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ, байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр тиийэн, Китджалыын ырыаларынан саха ыччатын санааларын бөҕөргөппүт биллэр артыыс,  хаһыс да ыйын онно сулууспалыы сылдьар хорсун уол оҕолоох аҕа, 1989 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит үөлээннээхтэриттэн гуманитарнай көмөнү хомуйан тиэрдибит уопсастыбанньык Эрхаан “Алҕаа миигин, аҕаккаам” ырыатын толордо.

Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха Сиринээҕи салаатын салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева:

– Дойдубут Бэрэсидьиэнэ эппитин курдук, устуоруйаны дьон суруйар, онон сылааһына бу байыаннай эпэрээссийэни сурукка-бичиккэ тиһэн, оҥоһуктарга, хаартыскаҕа, киинэҕэ үйэтитэн иһиэхтээхпит. Оннук санаанан бу быыстапканы Национальнай бибилэтиэкэ үлэhиттэрин кытта тэрийдибит. Оттон, дьиҥэр, барыта биир суруктан саҕаламмыта. Окуопаҕа олорор байыаска, “Письмо солдату” аахсыйа чэрчитинэн, оҕо ойуулаабыт уруhуйдаах суругу туттарбыттар. Ону сулууспалыырын тухары сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыбыт. Дойдутугар кэлээт: «Бу сурук миигин быыhаабыта, аны эн үлэҕэр көмөлөстүн», – диэн, миэхэ биэрбитэ. Бастакы экспонат итинник тиксибитэ. Онтон ыла сыыйа мунньуллан барбыта. Бэйэм саха араадьыйатыгар «Экспонаттар кэпсииллэр» биэриини ыытар этим. Онон кэми уонна устуоруйаны кэрэһилиир маллары олус суолталыыбын, — диэтэ уонна Национальнай бибилэтиэкэҕэ ааптар Анна Ревякина илии баттааһыннаах “Восемь. Донбасских. Лет” диэн кинигэни бэлэхтээтэ.

СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Петр Шамаев:

–Былырыын муус устар 4 күнүгэр бастакы 90 байыаһы Саха Сириттэн алҕаан атаарбыппытын өйдүүбүн. Номнуо билигин СВО бэтэрээннэрэ биһиги кэккэбитигэр баар буоллулар.  Урут маннык патриотическай тэрээһиннэри ыччат көннөрү кэнсиэр, ахтыы курдук ылынара, оттон билигин бэйэлэрин олорор кэмнэрин туоһута, кырдьыга буоларын өйдөөн, патриотизм туһунан дириҥ өйдөбүллэнэн эрэллэр, ийэ дойдуга бэриниилэрэ күүһүрэр.

Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Ноев:

-Бибилэтиэкэ диэн устуоруйа кэрэһиттэрин хараанньыта. Манна ыраахтааҕылаах Арассыыйа сэриилэриттэн саҕалаан, бүгүҥҥү байыаннай эпэрээссийэ туһунан кинигэлэри булуохха сөп. Владимир Путин СВО  туһунан норуокка сэһэргиир экспозициялары тэрийэргэ сорудахтаабыта. Онон  “Россия – моя история” мультимедийнай паарка биир саалатын онно анаатыбыт. Саха дьоно бэйэбит буойуттарбыт ааттарын үйэтитиигэ уруккуттан утумнаахтык үлэлиир үтүө үгэспитин салҕыыбыт.

Бу быыстапканы тэрийсии иһин ыччат уонна култуура министиэристибэлэриттэн СВО кыттыылаахтара И.А. Самсонов, А.Н. Храмов, Василий Данилов огдообото Н.С. Данилова, А.Н. Лыткин, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ С.В. Максимова, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччы С.В. Диодорова-Лаврентьева Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.

«Якутия 24» телеканал байыаннай кэрэспэдьиэнэ Александр Хавренко:

-Антах инники кирбиигэ буойуннар чуумпуну баҕараллар.  Дуоһуйа утуйуохтарын, биир кэм кэтэммэккэ-сэрэммэккэ, холкутук сылдьыахтарын. Биир билбэт саллаатым: “Мин тыыннаахпын”, – диэн үөрбүтүн көрөн долгуйбуппун умнубаппын. Саамай үчүгэйэ, бары кыайыыга бүк эрэллээхтэр. Эһэм сидьиҥ фашистар туһунан кэпсиирэ. Кини сиэнэ мин ол кыһалҕаны утары охсуһууга кытта сылдьабын. Кэлин эмиэ оҕолорбор кэпсиэм…

Ем. Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай түмэл дириэктэрэ, СӨ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев:

-Билигин үс сиргэ СВО быыстапката буола турар. Биһиги булгуччу кыайыахтаахпыт. Срочниктарбыт эмиэ бөҕөргөтүүгэ төһүү күүс буолан, Брянскай, Ростовскай, Воронежскай, Крым кыраныыссаларыгар сулууспалыы сылдьаллар. Бэйэбит кэммит сүгэһэрин бары үллэстэн илдьэн, кыайыыга дьулуһуохтаахпыт, буойуттарбытыгар күүс-көмө буолуохтаахпыт.

Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаhалтатын ис бэлиитикэҕэ Департаменын салайааччыта Александр Трофимов:

-Мин хаан-уруу 5 быраатым, кылааһынньыктарым билигин байыаннай дьайыыларга кытта сылдьаллар. Маннык быыстапкалар соруктара – кырдьыктаах дьыала иһин сомоҕолоһорго ыҥырыы, ыытылла турар эпэрээссийэ сөптөөх быһаарыныы буоларын нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү, ыччакка патриоттуу тыыны иҥэрии.

Кэлбит дьону Ис дьыала министиэристибэтин үлэһитэ Юта Асекритова ырыатынан эҕэрдэлээтэ.

Түмүккэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара тахсан, бу истиҥ көрсүһүү иһин махтаннылар, патриоттары иитэн таһаарары кэм ирдиирин эттилэр.

         “Время выбрало нас” быыстапканы СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

Сырдатта Анисия Иевлева

Добавить комментарий