2 года назад 518
Кэрэни кэрэхсии кэлбиппит…
Муус устар 11 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа орто оскуолатыгар өссө биир ураты күн буолан ааста. Ол курдук, биир дойдулаахпыт, Тараҕай нэһилиэгин киэн туттар киһитэ, биллиилээх поэт, тылбаасчыт Иван Егорович Слепцов-Арбита төрөөбүтэ 110 сылын көрсө үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ муһуннубут.
Суруйааччы Степан Марков поэт оҕо сааһын, поэзияҕа бастакы холонууларын туһунан “Кэрэни кэрэхсии кэлбиппин” сэһэнин поэт хаан-уруу аймаҕа Оксана Ильинична Баишева нууччалыы «Детство поэта Ивана Арбиты» диэн ааттаан тылбаастаабыта “Полярная Звезда» сурунаалга тахсан, элбэх киһи сэҥээриитин ылан, саҥалыы тыыннаммыт айымньыны ырытыы, ол тула кэпсэтии буолла.
Оксана Ильинична Баишева Тараҕайтан төрүттээх айар куттаах чаҕылхай уопсастыбанньык, оскуолабыт биир сүрүн мецената буолар. СӨ профтех үөрэхтээһинин туйгуна, РФ профтех үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, “Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үтүөлэрин иһин”, “Мэҥэ Хаҥаласка бэчээт сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэрдээх. Кини бу тылбааһа Арбита аатын үйэтитиигэ саҥа сүүрээн быһыытынан сыанабылы ылыан ылла.
Талааннаах поэты ахтан-санаан, олоҕун анааран ылар дьоро күҥҥэ Арбыыта хаан-уруу аймахтара ыалдьыттаатылар: РСФСР үтүөлээх экэнэмииһэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Барахов аатынан Судаарыстыбыннай бириэмийэ лауреата, “Эҥкилэ суох сулууспатын иһин” бэлиэни В.В. Путинтан ылбыт, гражданскай сулууспа бэтэрээнэ Федорова Зинаида Степановна, урбаанньыт Птицына Надежда Петровна, СӨ айылҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ, РФ, СӨ айылҕа харыстабылын Бочуоттаах үлэһитэ Попов Андрей Леонидович, техническэй наука доктора, Хотугу норуоттар проблемаларын физико-техническэй институтун научнай сотруднига, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына Слепцов Олег Ивкентьевич, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет преподавателэ, техническэй наука кандидата, доцент Марков Валерий Степанович, поэт сиэн балта Сергеева Анна Николаевна, СӨ норуодунай худуоһунньуга, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга Марков Федор Иванович. Аймахтар ааттарыттан үгүс истиҥ-иһирэх тыл этилиннэ.
Олохтоохтортон “Тараҕай нэһилиэгэ” МТ баһылыга Ю.А. Порядин, Табаҕа Р.А. Бурнашов аатынан орто оскуолатын дириэктэрэ Н.В. Бурнашева тылбаасчыт Оксана Ильиничнаҕа махтаннылар. Бэтэрээн учуутал Д.Д. Слепцов, оскуола музейын салайааччыта П.Т. Макарова поэт Уйбаан Арбыыта аатын үйэтитиигэ ыытыллар үлэни сырдаттылар, ахтан-санаан тыл эттилэр.
Көрсүһүүнү уолаттар бөлөхтөрүн уус-уран ааҕыылара, Семен Марков Арбита ырыаларын толоруута киэргэттилэр, нэһилиэк бибилэтиэкэрдэрэ Т.Ю. Михайлова, А.В. Никанорова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Тэрээһин хаартыскаҕа түһүүнэн, оскуола музейыгар сылдьыынан түмүктэннэ.
Быйыл 2023 сылга Арбита үбүлүөйдээх даататынан нэһилиэкпитигэр, Арбыыта аатын, айар үлэтин, олоҕун, поэзиятын, тылбаастарын үйэтиигэ араас хабааннаах тэрээһиннэр былааҥҥа тураллар. Бука бары аны сайын киниэхэ анаммыт ыһыахха уонна Арбита ааҕыыларыгар көрсүөххэ диэри!
Тэрээһини сырдатта Парасковья Макарова, Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас
Иван Егорович Слепцов-Арбита
1913 сыллаахха ахсынньы 29 күнүгэр Тараҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1932 сыллаахха “Литература боруонугар киирии” диэн эдэр суруйааччылар айымньыларын дьоҕус кинигэтигэр «Ырыа» диэн хоһооно аан бастаан бэчээттэммитэ.
Бүтэйдээх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа үөрэммитэ. Үөрэнэр кэмнэригэр литературнай куруһуок чилиэнэ, илиинэн суруллар «Кыыһар сардаҥа» сурунаал худуоһунньугунан, редактордартан биирдэстэринэн үлэлээбитэ. Саха Сирин суруйааччыларын кэмпириэнсийэтигэр кыттыбыта.
1935 сыллаахха техникуму бүтэрэн, Сунтаар Тойбохойун ситэтэ суох орто оскуолатыгар, онтон Элгээйигэ учууталлаабыта. Кылгас кэмҥэ 1938 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа саха тылын, литературатын үөрэппитэ, 1939 сыллаахха Саха Сиринээҕи кинигэ издательствотыгар редактордаабыта, «Кыым» хаһыакка үлэлэспитэ. ССРС суруйаачыларын сойууһугар ылылла сылдьыбыта.
1942 сыл олунньутугар кинини сэбиэскэй былааһы холуннарыыга буруйдаан, 10 сыл хаайыыга уураахтаабыттара. Эһэ Хайа лааҕырыгар сырдык тыына быстыбыта.
13 сааһыттан хоһоон суруйан саҕалаабыта. Отутус сыллар бүтүүлэригэр талааннаах поэттарбытыттан биирдэстэрэ буолбута. Кини новаторскай хоһоонноро уонна саха поэзиятыгар бастакы омоним рифмалаах «Долгуннар» поэмата ааҕааччы биһирэбилин ылбыттара. Иван Арбита айар үлэтэ ол саҕанааҕы олоҕу кырдьыктаахтык көрдөрөр буолан, официальнай ирдэбиллэргэ эппиэттээбэтэ. 1967 сыллаахха «Саха поэзиятын антологиятыгар» кини хоһоонноро тахсыбыттара.
Александр Пушкин, Михаил Лермонтов, Валерий Брюсов, Владимир Маяковскай, Генрих Гейне уонна да атын поэттар айымньыларын уһулуччу үчүгэйдик тылбаастаабыта. 1940 сыллаахха Жюль Верн «Кистэлэҥнээх арыы» уонна А.С. Пушкин «Талыллыбыт лирика» кинигэлэрин тылбаастаан таһаартарбыта. 1993 сыллаахха поэт икки хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ, ааҕааччыны кини поэзиятын кытта толору билиһиннэрбитэ
СӨ НАЦИОНАЛЬНАЙ БИБИЛЭТИЭКЭТИН СААЙТЫГАР БОСХО ААҔЫАХХЫТЫН СӨП:
Көмүс күрүлгэн: хоһооннор, поэма Бастакы кинигэ https://new.nlrs.ru/open/10725
Муҥурданыы: хоһооннор https://new.nlrs.ru/open/26504
Жизнь и творчество Ивана Арбиты: учебное пособиеhttps://new.nlrs.ru/open/8257
Поэзия Ивана Арбиты (творческий путь и поэтика)https://new.nlrs.ru/open/45363