2 года назад 993
Сүлүөт аны Н.И. Протопопова аатынан буолуоҕа
Сүлүөккэ сүүрдэ,
Сүлүөккэ сүүрдэ,
Табаһыт, эн түргэтиий!
Ити ырыаҕа этиллэринии, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Табаһыт сүлүөттэрэ күргүөмнээхтик ыытылла турар эбит буоллахтарына, Бүлүү куоратын Г.И. Чиряев аатынан 1-кы №-дээх оскуолатыгар Үөһээ Бүлүү, Ньурба уонна Бүлүү эдэр кэрэспэдьиэннэрэ “Болҕойуҥ: пресс-киин үлэлиир!” сүлүөккэ муһуннулар.
Үгэскэ кубулуйбут сүлүөтү Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата көҕүлүүр. Аан бастаан 2011 сыллаахха “Кэскил” (“Бэлэм буол”) 75 сааһын көрсө, Ньурба уонна Бүлүү куораттарыгар икки улахан сүлүөтү хаһыат эрэдээксийэтэ бэйэтэ иилээн-саҕалаан тэрийбитэ.
Ол кэнниттэн эһиилигэр 2012 с. Үөһээ Бүлүү 2-с нүөмэрдээх оскуолатын кытта (юнкорпост салайааччыта Любовь Васильевна Гольдерова) кыттыгас бырайыак быһыытынан ыытыллыбыта. Бүлүү бөлөх улуустарын эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтүн Кубога олохтоммута. Итиэннэ кэлэр сүлүөт ону ылбыт кыайыылаах хамаанда дойдутугар буолар диэн быһаарыллыбыта. Икки сылга биирдэ тэриллэрэ сөптөөҕүнэн ааҕыллыбыта. Онон 2013 с. Сунтаар Элгээйитигэр “Эдкор” (сал. Е.П. Кривошапкина), 2015 с. Үөһээ Бүлүү Ороһутугар “Тымтык” (сал. Н.Н. Михайлова), 2017 с. Бүлүү Баппаҕаайытыгар “Көмүс бөрүө” (сал. Л.С. Тарасова), 2019 с. Ньурба куоратыгар “Калейдоскоп” (сал. Э.Е. Федорова) постар сүлүөттэри үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыттара.
Онтон хоруона хамсыгынан тохтоон баран, дьэ, бу кулун тутар 17 күнүгэр, кубок хаһаайына “Ориентир” пресс-киин (сал. Марианна Константиновна Ионова) тэрийиитинэн, Бүлүү куоратын Г.И. Чиряев аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар буолан ааста. Онно Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн барыта 9 хамаанда кэлэн кытынна.
Үөрүүлээх аһыллыытыгар Бүлүү үөрэҕин салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Наталья Алексеевна Филиппова кэнчээри ыччаты иитиигэ сүҥкэн кылааттаах ытыктыыр биир дойдулаахтара, “Кэскил” хаһыакка 51 сыл кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбит Нина Иннокентьевна Протопопова аатын үйэтитиигэ үлэ ситимнээхтик барарын эҕэрдэ тылыгар тоһоҕолоон эттэ.
Ол курдук, Н.И. Протопопова аата “Кэскил” оҕо айар интеллектуальнай киинигэр иҥэриллибитин, 2020 сыллаахха улуус үөрэҕин эйгэтин үлэһиттэрин өйөбүллэринэн пааматынньыгын оҥорторон, анал сквер арыйбыттарын бэлиэтээтэ.
“Кэскил” хаһыат уопуттаах үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүрүннүүр “Бэргэн” агентствоны 90-с сыллартан салайар Таисия Ивановна Алексеева аны мантан ыла сүлүөтү Н.И. Протопопова аатынан ыытарга тыл көтөхпүтүн, бары ытыс дохсун тыаһынан доҕуһуоллаан, биһирииллэрин биллэрдилэр.
Бу сүлүөтү көрсө, Бүлүү куоратын Г.И. Чиряев аатынан оскуолатыгар “Подари подписку детям” диэн аахсыйа ыытыллыбыт. Учууталлар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар аҕалаах уонна элбэх оҕолоох 7 ыалга “Кэскил” хаһыаты, “Юность Севера”, “Бэлэм буол” сурунааллары босхо сурутан биэрбиттэр. Ону дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Мария Прокопьевна Слепцова үөрүүлээх быһыыга туттарда.
Маны таһынан кылааһынан сурутууга күрэс биллэриллибит. Бэһис “а” кылаас (сал. Евдокия Семеновна Ефремова) 100 бырыһыан суруйтаран, остуол оонньууларынан наҕараадаланнылар.
Дьэ, өрөгөйдөөх түгэн кэнниттэн хамаандалар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
Суруналыыс идэтин кытта алтыһар олус интэриэһинэйин “Репортер” кыргыттара сэгэттилэр (Бүлүү к., “Кэскил” ИТЦ, сал. Кыыдаана Владимировна Дорофеева).
Өрүү сонун идиэйэлээх, кэрэхсэбиллээх нүөмэрдээх, сорудахтары уратытык оҥорорго кыһаллар “Көмүс бөрүө” эдкордара бу да сырыыга сэргэхситтилэр (Илбэҥэ, Бүлүү, сал. Людмила Сергеевна Тарасова).
Н.И. Протопопова төрөөбүт нэһилиэгиттэн “Чинэкэ кэскилэ” суруксут куолара (Чернышевскай, Бүлүү, сал. Надежда Дмитриевна Семенова) ситиһиилэрин сырдаттылар.
Аҥаардас ааспыт үөрэх дьылыгар эрэ 146 ыстатыйаны “Кэскил” саайтыгар таһаартарбыт “Тымтык” пост (Ороһу, Үөһээ Бүлүү, сал. Нина Никитична Михайлова) утумнаах үлэтэ холобур буолла.
“Тымтыктар” кырачаан кыттааччылара, V кылаас үөрэнээччитэ Алина Габышева флейтаҕа дьүһүйүүтэ “визиткаларын” киэргэттэ, оттон сүүйүүлээх оонньуулара оҕолорго сюрприз буолла.
“Seven up” (Тааһаҕар, Бүлүү, сал. Мария Васильевна Поскачина) эрчимнэринэн, үҥкүүлэринэн барыларын куттарын тутан, куоластааһыҥҥа “Көрөөччү биһирэбилэ” анал аакка тигистилэр.
Бүлүү Г.И. Чиряев аатынан 1-кы оскуолатын “Ориентир” пресс-киинэ (сал. Марианна Константиновна Ионова), чахчы, суолларын ыйар “ориентирдара” буоларын бу куруһуокка дьарыктаммыт оҕолор, Нью-Йорк Таймс-скверинэн хаама сылдьан, саха араадьыйатыгар үлэлии олорон ахтан-санаан, махтанан аастылар.
1983 сылтан ыла бэриниилээхтик “Кэскил” хаһыаты кытта доҕордоһор “Эрчим” пост (Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, сал. Антонина Ивановна Афанасьева), өрүү буоларын курдук, тиэмэ ис хоһоонун толору арыйан, дьоһуннук кытыннылар.
Бүлүү куоратын Г.С. Донскай аатынан 2-с №-дээх оскуолатын “Ровесник” пресс-киинэ (сал. Екатерина Николаевна Сотрудникова) сүрүннээн музей “Эргимтэ” бырайыагын иһинэн үлэлииллэрин сэһэргээтилэр.
Прасковья Николаевна Алексеева өр кэмҥэ салайбыт “Ыллык” юнкорпоһун (Хаҥалас, Ньурба) эдэр учуутал Наталия Владимировна Ждановаҕа чиэстээхтик туттарбыт эбит. “Ыллыктар” бэйэлэрин олоҥхо киэбинэн билиһиннэрбиттэрэ сонун көстүү буолла. Бүтэһигэр Х кылаас үөрэнээччитэ Анжелина Жданова, сүлүөт кыттыылаахтарын барыларын оһуохайга ыҥыран, тула төбүрүөннүү туран, илии илиилэриттэн ылсан, эһиэкэйдээн эҥээриппиттэрэ – иллээх, эйэлээх эйгэ түстэммитин туоһута буолла.
Дьэ, сомоҕолоһуу үҥкүүтүн кэнниттэн “Кэскил” хаһыат кэскиллээх эдэр суруналыыһа Гаврил Местников хаһыат балаһаларын, ыытар үлэтин сырдатта, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ Анисия Иевлева “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” диэн буктрейлер өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин туһунан кэпсээтэ.
Айар үлэҕэ көҕүлүүр маастар-кылаас түмүктэнээтин кытта, эбиэттээн баран, хамаандалар сүлүөт саамай сүрүн түһүмэҕэр – “Медиамикс” куонкуруска – үс чаас устата тирэтэ-хорута үлэлээтилэр. Заметка суруйан, интервью ылан, видеоҕа устан, хаһыат матырыйаалын бэлэмнээтилэр, сатабылларын көрдөрдүлэр.
Ити кэмҥэ учууталларга уонна төрөппүттэргэ “Билиҥҥи кэмҥэ оҕону үлэнэн иитии” диэн төгүрүк остуол тэрилиннэ. Норуот педагогикатын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Е.К. Чиряев, “Удьуор утума” бырагыраама ааптардарыттан биирдэстэрэ Б.С. Макаров, Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы А.Н. Чиряев, норуот педагогикатын киинин салайааччы Т.И. Жиркова, Үөһээ Бүлүүттэн Д.Д. Стручков, В.З. Осипова кыттыыны ыллылар.
Тэҥинэн пресс-киин салайааччыларыгар уопут атастаһыыта буолла. К.В. Дорофеева граҥҥа суруйан, ол үбүнэн хаһыаты таһаарыы, “тильда” конструкторыгар саайты оҥоруу туһунан кэпсээтэ, А.М. Иевлева буктрейлер күрэҕин балаһыанньатын ырытан, оҕолору хайдах кытыннарыахха сөбүн быһаарда, Т.И. Алексеева юнкорпостар үлэлэрин тула сүбэ-соргу санааларын эттэ, “Кэскил” ыытар үлэтигэр көхтөөхтүк кытталларын иһин Махтал суруктары туттартаата.
Дьүүллүүр сүбэ “Медиамикс” күрэс үлэлэрин сыаналыыр кэмигэр эдкордар “Кэскил” рубрикаларынан квест оонньоотулар. Онно “Арылы” хамаанда бастаата, “Кэскил” иккистээтэ, “Елки” үһүстээтэ.
Бүлүү үһүйээннэригэр олоҕуран комикс уруһуйдуур дьиэтээҕи сорудахха “Көмүс бөрүө” кыайыылаах таҕыста.
II м – “Чинэкэ кэскилэ” (Чернышевскай), “Ровесник” (Бүлүү 2-с оскуолата),
III м – “Seven up” (Тааһаҕар), “Ориентир” (Бүлүү 1-кы оскуолата).
Ребуска “репортердар” (ИТЦ “Кэскил), “ровесниктар” (Бүлүү 2-с оскуолата) үһүстээтилэр, “эрчимнэр” (Дүллүкү), “ыллыктар” (Хаҥалас) иккистээтилэр, быйыл төрөөбүтэ 125 сылын туолбут И.Барахов туһунан улахан кроссворду оҥорбут “тымтыктар” (Ороһу) бастаатылар.
“Кэскили” рекламалыыр видеоролик күрэҕэр саамай уопуттаах пресс-кииннэр инники күөҥҥэ таҕыстылар: I м – “Көмүс бөрүө” (Баппаҕаайы, Бүлүү, сал. Л.С. Тарасова), II м – “Эрчим” (Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, сал. А.И. Афанасьева), III м. – “Тымтык” (Ороһу, Үөһээ Бүлүү, сал. Н.Н. Михайлова).
“Медиамикс” түмүгүнэн эмиэ “Көмүс бөрүө” бастаата, “Чинэкэ кэскилэ” иккис, “Репортер” үһүс буолла.
“Бастыҥ фотограф” – Бүлүү куоратын Г.С. Донской аатынан 2-с оскуолатын VIII “а” кылааһын үөрэнээччитэ Альберт Габышев.
“Бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэн” – М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ Чэмэлиинэ Николаева.
“Бастыҥ монтажер-оператор” – Ньурба улууһун Н.И. Кочнев аатынан Хаҥалас оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Марина Васильева.
Бүлүү улууһун “Олох суола” хаһыатын сүрүн редактора Загитова Изольда Николаевна “Оскуолатааҕы бастыҥ хаһыат” номинацияны туттарда. Онно I м – “Ориентир” (Бүлүү 1-кы оскуолата), II м – “Көмүс бөрүө” ( Илбэҥэ), III м – “Репортер” (“Кэскил” оҕо киинэ).
Уопсай түмүккэ “Ыллык” пост бастаан, кубогынан уонна Наука аччыгый академиятын “Медиа-ракета” сменатын путевкаларынан наҕараадаланна. Онон 2025 сылга Ньурба улууһун Хаҥалаһыгар көрсүөххэ диэри!
Оттон бу Бүлүүтээҕи сүлүөтү үрдүк таһымҥа тэрийбит Г.И. Чиряев аатынан 1-кы №-дээх оскуола иллээх кэлэктиибигэр, чуолаан ыалдьыттары минньигэс аһынан күндүлээбит технология учуутала Дария Васильевна Катановаҕа, дэлэгээссийэбит аатыттан махтанабыт.
Сырдатта Анисия Иевлева