2 года назад 461
Саха сатаабатаҕа суох
Норуот маастарын күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн, саха норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов аатынан литератураны, кыраайы үөрэтэр музейга Мэҥэ Алдан нэһилиэгин талба талааннаахтарын, уран тарбахтаахтарын оҥоһуктарын быыстапката көрдөрүүгэ турда.
Быыстапкаҕа оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк улахан да дьоно көхтөөхтүк кытыннылар.
Искусство оскуолатын учуутала Айталина Михайловна Хоноехова уонна кини үөрэтэр оҕолоро Николаева Айта, Хоноехова Яна, Говорова Карина, Винокурова Юрианна, Петрова Алина, Тарабукина Кира, Комиссарова Соня үчүгэйкээн куукулалара бааллар.
Олохтоох библиотекарь Чирикова Мария Валерьевна баайыы куукулалары оҥорор эбит. Ордук кырачаан эһэ Миискэни сөбүлээтим. Уурбут-туппут курдук бэрт ис киирбэх.
Александра Пантелеймоновна Захарова ‘‘Мальчики-зайчики” куукулалара, эмээхситтэрэ, маамыкталаах оҕонньоро бэртээхэйдэр. Намыына Аммосова араас кыыллара, харыйа симэхтэрэ кэрэхсэбиллээхтэр.
Розаина Кимична Тырахинова ”Ыһыах”, ”Дьиэ кэргэн”, ”Кыһыҥҥы оһуор”, ”Эриэппэ”, ”Балыксыт уонна балык” остуоруйаларынан куукулалара киһи болҕомтотун тардаллар.
Эчи, персонажтара да элбэҕэ! Итини барытын оҥоруохха, кырааскалыахха, симиэххэ, алдьаппакка суулаан, хоруопкаҕа хаалаан аҕалыахха наада ээ! Ити фигуралары эллээн оҥорон баран кырааскалаабыт.
Анна Юрьевна Захарова кэрэ бэйэлээх маллаах иһиттэрэ, эппиккэ дылы, “гламурненькайдар”.
Илья Ильич Колодезников талахтан икки корзинаны оҥорон, биир бастакынан аҕалбыта. Сайын тэллэйдииргэ үчүгэй иһиттэр, ыйааһына чэпчэкитэ сыттаҕа. Мэҥэ Алдаҥҥа талах элбэх, онон дьарык оҥостон, корзина, сувенир арааһын оҥоруохха сөп. Талахтан миэбэл да оҥордоҕуна, дьон хамаҕатык ылыа этэ дии саныыбын. Даачалаах дьоҥҥо ааттаах буоллаҕа. Илья Ильич толкуйданыыһы.
Егор Неймохов ”Хотугу сулус” сурунаалга үлэлии сылдьан суруйааччы Николай Заболоцкай-Чысхааҥҥа эппиттээҕэ: ”Мэҥэ Алдаҥҥа эн айымньыҥ геройдарын курдук ааттаах Ылдьаа уонна Мааппа диэн ыаллар бааллар”, – диэн. Онуоха оҕонньор наһаа сэҥээрбит этэ. Дьэ, ол Ылдьаалаах Мааппа уоллара Илья Ильич корзина оҥорор маастар.
Быыстапкабыт саамай тууһа, сүмэтэ, олох үрдүк таһымҥа таһаарбыт экспонаттар – Татьяна Иннокентьевна Колодезникова оҥоһуктара. Кини оҥорбут ”Олонхо – һаха омук мындыр өйүн кылаан чыпчаала” композицията ханнык баҕарар улахан таһымнаах быыстапка киэргэлэ буолуон сөп. Барыта кылтан оҥоһук.
Ааптар бэйэтэ маннык быһаарыы суруйбут:
«Композиция ортотугар Аал Луук мас. Аал Луук мас олоҥхо үс дойдутун ситимниир. Бу мас силиһиттэн хаһан да тоҥмот күөл үөскүүр. Олоҥхоҕо бу күөл Сөлөгөй Чөҥөрө чүөмпэ дэнэр. Бу чүөмпэ уута бааһы оһордор, өлбүтү тилиннэрэр кыахтаах, ол иһин бу уу олоҥхоҕо өлбөт мэҥэ уута дэнэр эбит.
Аал Луук мас үөһэ өттүгэр Айыы дьонун араҥаччылыыр Үөһээ дойду бухатыыра Дьулуруйар Ньургун Боотур үс дойдунан сылдьар Дьулусхан Субуйа Сүүрүк дьураа хара атын кытта көстөр.
Орто үктэлгэ – үс дойду сүрүн геройдара. Бу тоҕус былас суһуохтаах Туйаарыма Куо, тоҕус халлаан домньута, аҕыс халлаан арчыһыта Айыы Умсуур удаҕан уонна Аллараа дойдуттан абыр-табыр ардьаа тиистээх адьарай уола, абааһы атамаана Уот Уһутаакы.
Аал Луук мас киһи аймаҕы аһатар, кэхтибэт үүнүү-сайдыы бэлиэтэ буолар. Ону көрдөрөн, салама, ынах, сылгы, илгэ иһитэ – ыаҕайа, томторук, харысхал ыйаннылар.
Олоҥхо – һаха омук мындыр өйүн кылаан чыпчаала. Ону бу композицияҕа сэгэтэн көрдөрдүм.
Татьяна Колодезникова.”
Ааптар аатырбыт ат баайааччы-тренер, булчут Иннокентий Свинобоев-Тыыннаахап төрөппүт кыыһа буолар. Кини итинник аҕаҕа төрөөбүт буолан, олох оҕо эрдэҕиттэн Дьөһөгөй оҕотун ытыктыы, таптыы улааппыта көстөр. Онуоха эбии саха фольклорун, олоҥхотун сэргиир, бэйэтэ уран тарбахтаах буолан, маннык бэртээхэй, дириҥ ис хоһоонноох композицияны айан оҥордоҕо.
Итини таһынан өссө ”Алгыстаах буоллун олоххут” диэн кылынан дьүһүйүүнү оҥорбут.
Онно Аал Луук мас аттыгар алгысчыт оҕонньор, күлүмүрдэс үрүҥ көмүс солко таҥастаах, кытыйа тутуурдаах кэрэ бэйэлээх кыыс, кымыстаах улахан иһит, ыаҕас бааллар, оттуллубут холумтаҥҥа аал уоту аһата, айах тута тураллар,
”Ыһыах. Күнү көрсүү” диэн дьүһүйүүтүгэр куукулалары оҥорон баран кырааскалаабыт. Ол фигуралары наһаа уус киһи оҥорбута көстөр, ымпыгар-чымпыгар тиийэ ураты ураннык оҥорбут.
Татьяна Иннокентьевна кэргэнэ Николай Тимофеевич суруйааччы Егор Неймохов олох чугас доҕоро этэ. Егор Петрович эмискэ олохтон туораабытыгар наһаа аһыйбыта, хараастыбыта. Билигин биһиги кэккэбитигэр эмиэ суох, балыыһаҕа сытан төрөөбүт күнүгэр тапталлаах сайылыгар Рыыпка бараары таҥна туран бараахтаабыта. Николай Тимофеевич наһаа үчүгэй оптимист бөҕө, эрэллээх доҕор, үтүөкэн аламаҕай киһи этэ. Баара буоллар, Танятын үлэтиттэн астынан күлэ-үөрэ кэпсээн- ипсээн бөҕө буолуо этэ. Татьяна Иннокентьевна чахчы улахан, сиппит-хоппут норуот маастара буолбут. Бары да маладьыастар!
Быыстапкаҕа киирбит үлэлэртэн киһи наһаа дуоһуйар, астынар, уран тарбахтаах тыа дьонуттан киэн туттуу санаата күөдьүйэр.
Оннук эрэ буолуохтун!
Мария Неймохова.