2 года назад 339
Тымныы уулаах Днепр кытылыгар…
Аҕа дойду геройдарын күнүнэн бүгүн мин эһиэхэ сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Геройа ааты ылбыт Федор Кузьмич Попов көмүс уҥуоҕар суруналыыстар баран кэлбиппитин туһунан кэпсиэм.
Минскэйтэн 600-тэн тахса килэмиэтир тэйиччи сытар Гомель уобалаһын Лоев куоратыгар 7 чаас айаннаан тиийбиппит. Бу 5 тыһыынча нэһилиэнньэлээх кыракый чөкө куорат Днепр өрүһү олох өҥөйөн турар.
Чаҕылҕан хоһоонугар этиллэринии, Днепр, чахчы, тымныы уулаах эбит. 1943 сыл күһүнүгэр түөрт ый тухары тохтообокко буолбут, хас эмэ мөлүйүөнүнэн киһи кыттыбыт кырыктаах кыргыһыытыгар тохтубут кыа хааны билиҥҥэ диэри суурайа сатыырдыы, дохсуннук баалырар, олус түргэнник устар. Сүүрүгэ холорук курдук эрийэ олорор. Оннук айылаахха оҕустаран тимирбэккэ, анараа биэрэккэ харбаан туораабыттарын сөхтүбүт. Аны, кытыллара намыһах буолбатахтар, үрдүк эмпэрэлэр. Дабайан тахсарга да күүс-сэниэ бараныах курдук.
Бу улуу өрүһү өстөөххө биэримээри, хайдахтаах курдук сэриилэспиттэрин туһунан кырдьыктаах кэпсээннэри мусуой үлэһитэ сэһэргээтэ. Хаарыан эдэр уолаттар биирдэ бэриллибит олохторун толук уурбуттара хараастыылаах даҕаны…
Биһиги кэлэрбитин истэн, Днепр өрүһү бастакынан туораан, плацдармы ылыыга суолу арыйбыт, илиитинэн киирсэн уонна бөлүмүөтүнэн ытан, 70 өстөөҕү кыдыйбыт, сахалартан бастакынан 1944 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус Геройа ааты ылбыт Федор Кузьмич Поповка аналлаах быыстапканы бэлэмнээбиттэр.
Онно бэлэхтээбит кинигэлэринэн сылыктаатахха, Саха Сирэ уонна Лоев куорат доҕордоһуулара 1969 cылтан саҕаламмыт. Өссө биир кэмҥэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Лоевскай оройуоннар сопхуостара икки ардыларыгар социалистическай күрэхтэһиини тэрийэ сылдьыбыттар. Оннооҕор Лоевскай райком баартыйнай кэмитиэтин сэбиэдиссэйэ С.Пинчук Саха Сиригэр кэлэ сылдьыбыт эбит.
Өссө бу шефтэһии чэрчитинэн, 1972-1974 сс. саха кыргыттара кэлэн үөрэммиттэрин туһунан кэпсииллэр. Кэлин сураһан билбиппит, Майа оскуолатын бүтэрбит 4 кыыс Лоев педучилищетыгар кэлэн үөрэммиттэр. Олортон Акулина Ивановна Сидорова (Охлопкова) – СӨ Учууталларын учуутала, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина буолбут. Ольга Петровна Заровняева (Ларионова) – СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Татьяна Николаевна Петрова – РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Учууталларын учуутала, СӨ методист учуутала. Людмила Ивановна Заровняева-Стручкова 25 сыл устата салайар үлэҕэ нэһилиэк баһылыгынан, улуус дьаһалтатыгар уһуннук үлэлээбит. Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, “Норуот билиниитэ” бэлиэ хаһаайката.
Лоев куораттан салгыы Деражичи дэриэбинэҕэ барбыппыт. Манна олохтоох дьаһалта миитин тэрийбитэ. Лоевскай райисполкомтан идеология салаатын начаалынньыга Лариса Федорова кэлэн эҕэрдэлээбитэ.
Биһигиттэн бөлөхпүт салайааччыта, СӨ суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева тыл эппитэ. Герой Попов туһунан ырыаны араадьыйа хоруттан үлэтин саҕалаабыт,муусукаалынай биэриилэр эрэдээктэринэн уһуннук үлэлээбит Вера Захарова толорбута.
Ол кэнниттэн Федор Кузьмичпыт көмүс уҥуоҕар сибэкки дьөрбөтүн уурбуппут.
Саамай үөрүүлээҕэ диэн, сэрии сылларын оҕото, Днепр форсированиетын илэ көрбүт, онно бааһырбыт байыастары соһон, тыллаан, эмтиир сиргэ тиэрдэргэ көмөлөспүт, үйэтитиигэ үлэтин иһин кэлин 81-с стрелковай дивизия бэтэрээнэ дастабырынньаны туппут 94 саастаах Афанасий Гаврилович Шкляров биһигини анаан-минээн кэлэн көрүстэ.
Киһи хараҕын уутун тохпокко сатаан истибэт долгутуулаах хоһооннору айар эбит. Ону аахпытыгар, бары да уйадыйдыбыт. Афанасий Гаврилович туруорсан, салалтаны, дьону-сэргэни көҕүлээн, Днепр кыргыһыытыгар сураҕа суох сүппүт биллибэт саллааттарга пааматынньык туруорбуттар, сквер оҥорбуттар. Буойуннар ааттарын мэҥэ тааска кыһан, бэйэтэ бэртээхэй бэлиэни аспыт.
Биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Попову пааматынньыгын бөлөрүүстэр үчүгэйдик көрөллөрүн-харайалларын, хорсун быһыытыгар сүгүрүйэллэрин, оттон кининэн нөҥүөлээн, саха дьонун ытыктыылларын бэйэбитинэн билэн, илэ харахпытынан көрөн үөрбүппүт.