Сотрудник Кытанахской сельской модельной библиотеки 2 года назад 328 Чурапчы Кытаанаҕар… “Оскуола томторо” быйыл үһүс төгүлүн ыытылынна Без темы
Бүгүн, “Үйэн” нэһилиэкпит дьахталларын Сүбэтин тэрийиилэринэн “Оскуола томторо” диэн ааттаах Сылаҥ, Арыылаах, Кытаанах оскуолаларын үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар, өбүгэ оонньууларын көрүҥнэригэр биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһии бэрт тыҥааһыннаахтык ыытылынна. Бу күрэхтэһии быйыл үһүс төгүлүн тэрилиннэ. Аан бастаан 2020 сыллаахха онлайн ыытыллыбыта. Барыта 6 уол кыттан мас тардыһыытыгар, үс да үс, тутум эргиир, ыйытыктар, хапсаҕай көрүҥнэригэр илин – кэлин түсүһэн күрэхтэспиттэрэ. Бастакы күрэхтэһии Муҥутуур кыайыылааҕынан Миша Аржаков буолан “Үйэн” дьахтар Сүбэтин кылаан бирииһин тутан үөрбүтүн билигин да өйдүүбүт. Онтон былырыын 2022 сыллаахха 8 уол кыттан, Миша Аржаков иннин кимиэхэ да биэрббэтэҕэ. Быйылгы күрэхтэһии статуһа үрдээн хоту сытар нэһилиэктэр уолаттарыгар ыытылынна. Барыта 15 уол кытыннылар. 5-8 кылааска Арыылаахтан 4, Сылаҥтан 5, Кытаанахтан 1, 60 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга 3, 60 үөһэ ыйааһыннаахтарга 3 уол күрэс былдьастылар. Үгэс курдук күрэхтэһии кыттааччылар парадтарыттан саҕаланна. үөрүүлээх парадка нэһилиэкпит баһылыга Егор Николаевич Потапов уолаттарга эҕэрдэ тылын анаата, бу күрэхтэһиини тэрийбит автор Лена Александровна Пономарева, нэһилиэкпит “Үйэн” дьахтарын Сэбиэтин председателэ кэлбит уолаттарга махтанна, кылаабынай судьуйа күрэхтэһии балаһыанньатын билиһиннэрдэ. Кэлбит күрэхтэһээччилэри, көрөөччүлэри дьахтар Сүбэтэ буруонан арчылаата, арыылаах алаадьынан айах тутта. Дьэ бу кэнниттэн күрэхтэһии саҕаланна. Хас көрүҥ аайы кыайыылаахтарга мэтээллэр, бастакы миэстэлээхтэргэ спонсордар туруорбут бириистэрэ уу харчынан, сертификатынан, бириистэринэн туттарыллан истэ. Ол курдук үс да үс көрүҥҥэ 5-8 кылаас уолаттарыгар I м Ньургун Собакин (Кытаанах) Леонтьева М.С бирииһэ 3000 солк 60 кг дылы I м- Айаал Попов (Арыылаах) спонсор “Чэлгиэрийэ” Арыылаах нэһилиэгин дьахтарын Сүбэтэ (предс Захарова Е.Р.) 3000 солк 60 кг үөһэ Слава Сивцев (Кытаанах) спонсор нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Андреева Е.Г. 3000 солк Мас тардыһыытыгар 5-8 кыл I м Федоров Вова (Сылаҥ) спонсор Пономарева Л.А. 3000 солк 60 кг дылы I м Христофоров Ньургустан (Арыылаах) спонсор Потапов Е.Н. 3000 солк 60кг үөһэ I м- Новгородов Ньургун (Кытаанах) спонсор Кытаанах нэһилиэгин ветераннарын, пенсионердарын Сэбиэтэ (предс Парфенова М.П) 3000 солк Уҥуох быраҕыы 60 кг дылы I м – Христофоров Ньургустан (Арыылаах) спонсор Захаров А.В. 1000 солк 60 кг үөһэ I м Сивцев Слава (Кытаанах) спонсор Захарова У.Г. 1400 солк. 5-8 кылаастарга бу көрүҥ суох. Хапсаҕай 5-8 кылаастарга I м – Федоров Вова (Сылаҥ) спонсор Кытаанах орто оскуолатын физруктара Д.Н.Макаров, П.А.Бабиченко 3000 солк 60 кг дылы I м – Монастырев Айтал (Кытаанах) спонсор нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Нелунова А.Н. оҕолорро, сиэттэрэ 3000 солк 60 кг үөһэ I м – Сивцев Слава (Кытаанах) нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Пономарева А.Г. улахан кыыһа Монгуш Л.Н. 3000 солк Ыараханы көтөҕүү 60 кг дылы Христофоров Ньургустаан (Арыылаах) спонсор Кытаанахтааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата (маастар Винокуров И.П.) 2000 солк 60 кг үөһэ Новгородов Ньургун (Кытаанах) спонсор улуустааҕы дьахтар Сүбэтэ 2000 солк 5-8 кыл уолаттарыгар бу көрүҥ суох Тутум эргиир 60 кг дылы Попов Айаал (Арыылаах) спонсор бу күрэхтэһиигэ 2020, 2022 сылларга Муҥутуур кыайыылаах Михаил Аржаков анал бирииһэ 60 кг үөһэ Сивцев Слава (Кытаанах) спонсор улуустааҕы дьахтар Сүбэтэ 3000 солк Ыйытыктар 60 кг дылы I м Айтал Монастырев (Кытаанах) спонсор “Кытаанах нэһилиэгэ” МТ баһылык Потапов Е.Н. – анал бирииис 60 кг үөһэ – Новгородов Ньургун (Кытаанах) спонсор нэһилиэкпитигэр дьахтар Сүбэтин председателинэн үлэлээбит Захарова З.Н. 1000 солк Уопсай түмүккэ III миэстэни ыллылар 5-8 кылаас уолаттарга Христофоров Дьулус (Арыылаах) спонсор Кытаанахтааҕы “Уйгу” маҕаһыын (салайааччы Дьячковская М.И) анал бириис 60 кг дылы Айтал Монастырев (Кытаанах) спонсор “Кытаанах нэһилиэгэ” МТ тэриллии баһылык Потаппов Е.Н. – анал бириис 60 кг үөһэ Егор Алексеев (Сылаҥ) спонсор Кытаанахтааҕы “Уйгу” маҕаһыын ( салайааччы Дьячковская М.И.) II миэстэҕэ таҕыстылар 5-8 кылаастарга Мосенков Алекс (Сылаҥ) спонсор Далан аатынан Кытаанах орто оскуолата (директор Яковлев В.М.) 3000 суммалаах сертификат 60 кг дылы Попов Айаал (Арыылаах) спонсор нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Иванова Александра Сергеевна оҕолоро, сиэннэрэ. 3000 солк 60 кг үөһэ Новгородов Ньургун (Кытаанах) спонсор Сылаҥнааҕы дьахтар Сүбэтэ (предс Макарова Е.Г.) 3500 солк Онтон күрэхтэһии саамай Муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар 5-8 кылаас уолаттарыгар Сылаҥтан Вова Федоров таҕыста уонна нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Тирская Т.И. оҕолорун, сиэттэрин туруорбут анал бириистэрин креслону тутта. 60 кг дылы Муҥутуур кыайыылааҕынан буолла Арыылаахтан Ньургустаан Христофоров уонна биһиги нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Константинова А.Д. оҕолорун, сиэттэрин спонсорстволарын 3500 солк тутта 60 кг үөһэ Муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста Кытаанахтан Слава Сивцев, киниэхэ Кытаанахтааҕы “Үйэн” дьахтар Сүбэтэ туруорбут 5000 солк суумма уу харчынан туттарылынна. Арыылаах спортсменнарын тренерэ Радомир Барашков: Бүгүҥҥү күрэхтэһии тэрээһинэ үрдүк таһымҥа ааста. Ыччаттарга, оҕолорго маннык өбүгэ оонньууларын көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр ыытыллаллара наьаа кэрэхсэбиллээх. Уолаттарым ситиһиилэриттэн олус үөрдүм. Хас көрүҥ аайы мэтээл, анал бириистэри туруорбуккут наһаа үөрүүлээх, оҕолорум астыннылар, үөрүүлэрэ баһаам. Эһиил тэрилиннэҕинэ кэлэн кыттыахпыт. Сылаҥтан тренер Дмитрий Монастырев: Бу күрэхтэһиигэ 7 кылаас уолаттарын аҕаллым, инникилээхпит, уолаттарым ситиһии бөҕө буоллулар. Тэрийээччилэргэ махтал. Муҥутуур кыайыылаах Слава Сивцев: “Оскуола томторугар” иккис кыттыым. Бу күрэхтэһиини кэтэһэбин аҕай, манна кыттаары сылы быһа бэлэмнэнним. Тэрийээччилэргэ махтанабын, күрэхтэһээччи уолаттарга ситиһиилэри баҕарабын. Дьэ бу курдук нэһилиэкпитигэр биир кэтэһиилээх күрэхтэһии түмүктэннэ. Бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ спонсордаабыт бар дьоммутугар, биир дойдулаахтарбытыгар, кэлэн көрөн “ыалдьыбыт” нэһилиэкпит олохтоохторугар махталбытын тиэрдэбит. Хаһан да буоларын курдук күрэхтэһиини комментарийдаан, кылаабынай судьуйалаан ыытта СР атах оонньууларыгар спорт маастара Дмитрий Макаров, күрэхтэһиини иилээн – саҕалаан, сып- сап курдук ыыттылар Петр Бабиченко, Василий Потапов, Иван Оконешников, Егор Яковлев, Радомир Барашков, Валерий Яковлев, секретарынан Екатерина Скрябина, бары даҕаны элбэх күрэхтэһиилэри ыыппыт опыттаах дьоннор. Күрэхтэһии кыттааччыларыгар Арыылаахтан “Чэлгиэрийэ” дьахтар Сүбэтин председателэ Екатерина Романовна Захарова, Сылаҥтан тренер Егор Иванович Яковлев, Кытаанахтан тренер Петр Алексеевич Бабиченко, Кытаанахтан 10, 9 кылаас коллективтара, аймахтара анал бириистэрин туттардылар. Күрэхтэһии саамай кыра саастаах кыттааччыта, 6 кылаас үөрэнээччитэ Кытаанахтан Гоша Афанасьев бэйэтин баҕатынан кыттан тургутуһан көрдө. Уол оҕо эт – хаан өттүнэн сайдыылаах, туруктаах буолалларыгар олук уурсан “Оскуола томторо” күрэхтэһиини тэрийбит “Үйэн” дьахтар Сүбэтин бары чилиэттэригэр, саҥа талыллыбыт састаапка барҕа махтал буолуохтун! Войдите, чтобы ответить
Комментарии 1
Бүгүн, “Үйэн” нэһилиэкпит дьахталларын Сүбэтин тэрийиилэринэн “Оскуола томторо” диэн ааттаах Сылаҥ, Арыылаах, Кытаанах оскуолаларын үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар, өбүгэ оонньууларын көрүҥнэригэр биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһии бэрт тыҥааһыннаахтык ыытылынна.
Бу күрэхтэһии быйыл үһүс төгүлүн тэрилиннэ. Аан бастаан 2020 сыллаахха онлайн ыытыллыбыта. Барыта 6 уол кыттан мас тардыһыытыгар, үс да үс, тутум эргиир, ыйытыктар, хапсаҕай көрүҥнэригэр илин – кэлин түсүһэн күрэхтэспиттэрэ. Бастакы күрэхтэһии Муҥутуур кыайыылааҕынан Миша Аржаков буолан “Үйэн” дьахтар Сүбэтин кылаан бирииһин тутан үөрбүтүн билигин да өйдүүбүт. Онтон былырыын 2022 сыллаахха 8 уол кыттан, Миша Аржаков иннин кимиэхэ да биэрббэтэҕэ. Быйылгы күрэхтэһии статуһа үрдээн хоту сытар нэһилиэктэр уолаттарыгар ыытылынна. Барыта 15 уол кытыннылар. 5-8 кылааска Арыылаахтан 4, Сылаҥтан 5, Кытаанахтан 1, 60 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга 3, 60 үөһэ ыйааһыннаахтарга 3 уол күрэс былдьастылар.
Үгэс курдук күрэхтэһии кыттааччылар парадтарыттан саҕаланна. үөрүүлээх парадка нэһилиэкпит баһылыга Егор Николаевич Потапов уолаттарга эҕэрдэ тылын анаата, бу күрэхтэһиини тэрийбит автор Лена Александровна Пономарева, нэһилиэкпит “Үйэн” дьахтарын Сэбиэтин председателэ кэлбит уолаттарга махтанна, кылаабынай судьуйа күрэхтэһии балаһыанньатын билиһиннэрдэ. Кэлбит күрэхтэһээччилэри, көрөөччүлэри дьахтар Сүбэтэ буруонан арчылаата, арыылаах алаадьынан айах тутта.
Дьэ бу кэнниттэн күрэхтэһии саҕаланна. Хас көрүҥ аайы кыайыылаахтарга мэтээллэр, бастакы миэстэлээхтэргэ спонсордар туруорбут бириистэрэ уу харчынан, сертификатынан, бириистэринэн туттарыллан истэ.
Ол курдук үс да үс көрүҥҥэ 5-8 кылаас уолаттарыгар
I м Ньургун Собакин (Кытаанах) Леонтьева М.С бирииһэ 3000 солк
60 кг дылы I м- Айаал Попов (Арыылаах) спонсор “Чэлгиэрийэ” Арыылаах нэһилиэгин дьахтарын Сүбэтэ (предс Захарова Е.Р.) 3000 солк
60 кг үөһэ Слава Сивцев (Кытаанах) спонсор нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Андреева Е.Г. 3000 солк
Мас тардыһыытыгар
5-8 кыл I м Федоров Вова (Сылаҥ) спонсор Пономарева Л.А. 3000 солк
60 кг дылы I м Христофоров Ньургустан (Арыылаах) спонсор Потапов Е.Н. 3000 солк
60кг үөһэ I м- Новгородов Ньургун (Кытаанах) спонсор Кытаанах нэһилиэгин ветераннарын, пенсионердарын Сэбиэтэ (предс Парфенова М.П) 3000 солк
Уҥуох быраҕыы
60 кг дылы I м – Христофоров Ньургустан (Арыылаах) спонсор Захаров А.В. 1000 солк
60 кг үөһэ I м Сивцев Слава (Кытаанах) спонсор Захарова У.Г. 1400 солк.
5-8 кылаастарга бу көрүҥ суох.
Хапсаҕай
5-8 кылаастарга I м – Федоров Вова (Сылаҥ) спонсор Кытаанах орто оскуолатын физруктара Д.Н.Макаров, П.А.Бабиченко 3000 солк
60 кг дылы I м – Монастырев Айтал (Кытаанах) спонсор нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Нелунова А.Н. оҕолорро, сиэттэрэ 3000 солк
60 кг үөһэ I м – Сивцев Слава (Кытаанах) нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Пономарева А.Г. улахан кыыһа Монгуш Л.Н. 3000 солк
Ыараханы көтөҕүү
60 кг дылы Христофоров Ньургустаан (Арыылаах) спонсор Кытаанахтааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата (маастар Винокуров И.П.) 2000 солк
60 кг үөһэ Новгородов Ньургун (Кытаанах) спонсор улуустааҕы дьахтар Сүбэтэ 2000 солк
5-8 кыл уолаттарыгар бу көрүҥ суох
Тутум эргиир
60 кг дылы Попов Айаал (Арыылаах) спонсор бу күрэхтэһиигэ 2020, 2022 сылларга Муҥутуур кыайыылаах Михаил Аржаков анал бирииһэ
60 кг үөһэ Сивцев Слава (Кытаанах) спонсор улуустааҕы дьахтар Сүбэтэ 3000 солк
Ыйытыктар
60 кг дылы I м Айтал Монастырев (Кытаанах) спонсор “Кытаанах нэһилиэгэ” МТ баһылык Потапов Е.Н. – анал бирииис
60 кг үөһэ – Новгородов Ньургун (Кытаанах) спонсор нэһилиэкпитигэр дьахтар Сүбэтин председателинэн үлэлээбит Захарова З.Н. 1000 солк
Уопсай түмүккэ III миэстэни ыллылар
5-8 кылаас уолаттарга Христофоров Дьулус (Арыылаах) спонсор Кытаанахтааҕы “Уйгу” маҕаһыын (салайааччы Дьячковская М.И) анал бириис
60 кг дылы Айтал Монастырев (Кытаанах) спонсор “Кытаанах нэһилиэгэ” МТ тэриллии баһылык Потаппов Е.Н. – анал бириис
60 кг үөһэ Егор Алексеев (Сылаҥ) спонсор Кытаанахтааҕы “Уйгу” маҕаһыын ( салайааччы Дьячковская М.И.)
II миэстэҕэ таҕыстылар
5-8 кылаастарга Мосенков Алекс (Сылаҥ) спонсор Далан аатынан Кытаанах орто оскуолата (директор Яковлев В.М.) 3000 суммалаах сертификат
60 кг дылы Попов Айаал (Арыылаах) спонсор нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Иванова Александра Сергеевна оҕолоро, сиэннэрэ. 3000 солк
60 кг үөһэ Новгородов Ньургун (Кытаанах) спонсор Сылаҥнааҕы дьахтар Сүбэтэ (предс Макарова Е.Г.) 3500 солк
Онтон күрэхтэһии саамай Муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар
5-8 кылаас уолаттарыгар Сылаҥтан Вова Федоров таҕыста уонна нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Тирская Т.И. оҕолорун, сиэттэрин туруорбут анал бириистэрин креслону тутта.
60 кг дылы Муҥутуур кыайыылааҕынан буолла Арыылаахтан Ньургустаан Христофоров уонна биһиги нэһилиэкпитигэр дьахтар Сэбиэтин председателинэн үлэлээбит Константинова А.Д. оҕолорун, сиэттэрин спонсорстволарын 3500 солк тутта
60 кг үөһэ Муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста Кытаанахтан Слава Сивцев, киниэхэ Кытаанахтааҕы “Үйэн” дьахтар Сүбэтэ туруорбут 5000 солк суумма уу харчынан туттарылынна.
Арыылаах спортсменнарын тренерэ Радомир Барашков:
Бүгүҥҥү күрэхтэһии тэрээһинэ үрдүк таһымҥа ааста. Ыччаттарга, оҕолорго маннык өбүгэ оонньууларын көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр ыытыллаллара наьаа кэрэхсэбиллээх. Уолаттарым ситиһиилэриттэн олус үөрдүм. Хас көрүҥ аайы мэтээл, анал бириистэри туруорбуккут наһаа үөрүүлээх, оҕолорум астыннылар, үөрүүлэрэ баһаам. Эһиил тэрилиннэҕинэ кэлэн кыттыахпыт.
Сылаҥтан тренер Дмитрий Монастырев:
Бу күрэхтэһиигэ 7 кылаас уолаттарын аҕаллым, инникилээхпит, уолаттарым ситиһии бөҕө буоллулар. Тэрийээччилэргэ махтал.
Муҥутуур кыайыылаах Слава Сивцев:
“Оскуола томторугар” иккис кыттыым. Бу күрэхтэһиини кэтэһэбин аҕай, манна кыттаары сылы быһа бэлэмнэнним. Тэрийээччилэргэ махтанабын, күрэхтэһээччи уолаттарга ситиһиилэри баҕарабын.
Дьэ бу курдук нэһилиэкпитигэр биир кэтэһиилээх күрэхтэһии түмүктэннэ. Бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ спонсордаабыт бар дьоммутугар, биир дойдулаахтарбытыгар, кэлэн көрөн “ыалдьыбыт” нэһилиэкпит олохтоохторугар махталбытын тиэрдэбит.
Хаһан да буоларын курдук күрэхтэһиини комментарийдаан, кылаабынай судьуйалаан ыытта СР атах оонньууларыгар спорт маастара Дмитрий Макаров, күрэхтэһиини иилээн – саҕалаан, сып- сап курдук ыыттылар Петр Бабиченко, Василий Потапов, Иван Оконешников, Егор Яковлев, Радомир Барашков, Валерий Яковлев, секретарынан Екатерина Скрябина, бары даҕаны элбэх күрэхтэһиилэри ыыппыт опыттаах дьоннор.
Күрэхтэһии кыттааччыларыгар Арыылаахтан “Чэлгиэрийэ” дьахтар Сүбэтин председателэ Екатерина Романовна Захарова, Сылаҥтан тренер Егор Иванович Яковлев, Кытаанахтан тренер Петр Алексеевич Бабиченко, Кытаанахтан 10, 9 кылаас коллективтара, аймахтара анал бириистэрин туттардылар. Күрэхтэһии саамай кыра саастаах кыттааччыта, 6 кылаас үөрэнээччитэ Кытаанахтан Гоша Афанасьев бэйэтин баҕатынан кыттан тургутуһан көрдө.
Уол оҕо эт – хаан өттүнэн сайдыылаах, туруктаах буолалларыгар олук уурсан “Оскуола томторо” күрэхтэһиини тэрийбит “Үйэн” дьахтар Сүбэтин бары чилиэттэригэр, саҥа талыллыбыт састаапка барҕа махтал буолуохтун!