3 недели назад 43
Үөһээ Бүлүү Харбалааҕыттан саха бастакы саха астронома
Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах оскуолатыгар үгүс үөрэнээччи үөрэнэн ааспыта. Олор истэриттэн бүгүн эһиэхэ билиһиннэрэр үөрэнээччим сэдэх идэлээх Муксунов Иван Харлампьевич. Харбалаахха, онтон Ороһуга үөрэнэн баран, үрдүкү кылаастарга Үөһээ Бүлүү 1№-дээх оскуолатыгар М.А.Алексеев кылааһыгар үөрэммитэ. Иван бу үөрэнэрин устатыгар үгүс олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттара. Бииргэ үөрэммит оҕолорун ахтыыларыгар кинини олус сэмэй, билиилээх уол этэ диэн суруйаллар. Михаил Андреевич үөрэтэрин таһынан оҕолорго, бэл, кыргыттарга кытта, массыына ыытары үөрэппитин, телескобунан халлааны, сулустары көрдөрөрүн туһунан үөрэнээччилэрэ ахтыбыттар. Бука, бу маннык дьарык кэннэ Иван физик-астроном идэтигэр үөрэнэ Москубаҕа бардаҕа. 1970 сыллаахха Штернберг аатынан судаарыстыбаннай астрономическай институт аспирантуратын бүтэрбитэ. Кини манна бэрт уустук тиэмэнэн дьарыктаммыта. Дойдутугар кэлээт, Сир искусственнай аргыстарын үөрэтэн барбыта. Саха университетыгар 30 сыл устата астрономия тиэмэтигэр үгүс лиэксийэ аахпыта, аан дойду таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбыта, билимҥэ отуттан тахса үлэлэри суруйбута. Компьютеризация кэмэ кэлбитин үлэтигэр тута туһанан барбыта. Кини “Халлаан”, “Сулус” о.д.а. программалары оҥорбута күн бүгүн устудьуоннарга туһалыы туралларын туһунан ХИФУ физика методикатын кафедратын сүрүннүүр преподавателэ Айталина Анатольевна Прокопьева иһитиннэрэн биир дойдулаахтарын олус үөртэ. Аны туран кини биһиэхэ “Халлаан” компьютернай программаны оҕолор үөрэхтэригэр туһанныннар, эбии билии ылынныннар диэн ыытта. Иван Харлампьевич 2004 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан оҕолорго ыытыллар астрономия олмипиадатын саҕалааччылартан биирдэстэрэ буолбута. Сайыҥҥы лааҕыры тэрийсэн баран, астрономия тиэмэтигэр лиэксийэ аахпыта. Маны таһынан 2007 сыллаахха алмааһы кырыылыыр “Тимур” диэн патены биэс буолан ылбыттар.
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, сахалартан бастакы астроном Иван Харлампьевич Муксунов аатын ХИФУ 7 этээһигэр баар 750 нүөмэрдээх оптика уона астрономия лабораториятын аудиториятыгар иҥэрбиттэр. Астрономияҕа оҥорбут бырагырааматынан үгүс устудьуон лабораторнай үлэ оҥороллор. Аудитория эркинигэр кини портрета ыйанан турар. Портрет ааптара физика-математика билимин хандьытаата, доцент Радион Николаевич Бочкарев-Иннокентьев. Оттон төрөөбүт-үөскээбит Харбалааҕар, үөрэммит оскуолатыгар физика учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Николаев Виктор Кириллович этиитинэн, кини аатынан олимпиадаларга ситиһиилээх оҕолорго анаан стипендия 2009 сылтан баар.
Куйаар дьикти кистэлэҥнэрин, сулустар хаамыыларын үөрэппит саха бастакы астронома Үөһээ Бүлүү Харбалаах нэһилиэгиттэн төрүттээҕинэн биһиги киэн туттабыт.