1 год назад 158
Төрүччү ll сийиэһэ.
Наука академиятын иһинэн тэриллибит “СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай – чинчийэр института» уопсастыбаннай тэрилтэ «Төрүччү төлкөтө» II сийиэһэ буолла.
Сийиэс түөрт сүрүн бөлөххө арахсан үлэлээтэ. Кыттааччылар улуустартан, нэһилиэктэртэн бэркэ тэринэн кэлбиттэр. Төрдү – ууһу билиигэ оскуола оҕотуттан саҕалаан дьон – сэргэ интэриэстэрэ сытыырхайбыт. Бүлүү, Горнай, Хаҥалас, Таатта, Уус – Алдан уонна да атын улуустар бэркэ тэринэн кэлбиттэр.
Комсомольскай болуоссакка дириҥ ис хоһоонноох быыстапканы көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ иннигэр төрүччүлэрин туһунан таблицаны, кинигэлэри кэпсии-кэпсии көрдөрдүлэр, кэлбит дьоҥҥо сүбэ-ама биэрдилэр.
Сийиэс түмүгэр Резолюция ылылынна.
Марина Винокурова.