2 года назад 481
«ҺӨҔҮҤ-2022» бырайыак иккис чааһа
«ҺӨҔҮҤ-2022» бырайыак иккис чааһа видеоарт буолар. Аан маҥнай бу буукубалары виртуальнай эйгэҕэ киллэрээри, видео көннөрү идиэйэ быһыытынан сылдьыбыта. Онтон Александр Охлопков диэн моушн-дизайнеры кытары үлэлэһэн идиэйэбитин өссө дириҥэтэн уонна кэҥэтэн биэрдибит.
Александр Охлопков – «Бункер» диэн Новой Зеландияҕа баар студия арт-директора. Бу студия аан дойдуга биллэр Disney, Netflix, Google, Nickelodeon курдук бөдөҥ хампаанньалары кытары үлэлэһэр. Александр Нам улууһуттан төрүттээх эдэр киһи. Саха тылын уонна култууратын аныгы кэмҥэ сайыннарыы, харыстааһын боппуруоһа кини айар үлэтигэр сүрүн миэстэни ылар.
Видеоарт туһунан бу курдук санаалаах:
«Технология сабыдыала уонна виртуальнай эйгэ хара маҥнайгыттан тылга уонна култуураҕа кутталы үөскэтэр диэн өйдөбүллээҕэ. Оттон «һөҕүҥ» видеоарт, кутталы кытары ситимин алдьатан, төттөрүтүн, сайдыыны кытары тэҥҥэ баран иһиини көрдөрүөхтээх. Видеоҕа Аал Луук Мас баар буолар, ол – култуурабыт символын быһыытынан уобарастаныаҕа. «ҺӨҔҮҤ-2022» бырайыак «Тундра» диэн анимационнай студия олохтонуутугар олук буолла. Бу студия соруга диэн өрөспүүбүлүкэбит креативнай индустриятын анимация нөҥүө аан дойду ырыынагар таһаарарга тирэх буолуохтаах».
«Һөҕүҥ» видеоартка музыкант Добун Алексеев уонна виртуоз хомусчут Эркин Алексеев анал музыканы айыахтара. Композицияҕа поэтесса Елизавета Мигалкина суруйбут хоһооно киириэҕэ.
Билиһиннэрэр кылгас тизер диэн ааттанар видеолар дьон интириэһин тартылар. Социальнай ситимҥэ тахсыбыт тизердары 50 тыһыынча кэриҥэ киһи көрбүт, үгүс көрөөччү астыммытын биллэрдэ. Презентация балаҕан ыйын 27 күнүгэр буолуоҕа.