8 месяцев назад
Атаҕастабыллаах кырдьык туһунан
Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар Гаврил Иннокентьевич Адамов-Сайдам саҥа тахсыбыт “Атаҕастабыллаах кырдьык» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Дьон элбэх кэлбит. Мин кинигэни атыылаһарбар, Гаврил Иннокентьевич: “Тылла этээр”, – диэбитэ. Ол иһин кинигэни кытта билистим. Син эттээх кинигэ буолбут. Олоххо буолбут чахчыларга олоҕуран суруллубут историческай роман эбит. Урут оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, Степанов Иннокентий Васильевич диэн дириэктэрбит саха тылын үөрэтэрэ. Далее…