9 месяцев назад 763
Хатастар “ревизордара” куоракка кэлэн барда
Улуу суруйааччы Николай Гоголь икки үйэ анараа өттүгэр суруйан кэбиспит “Ревизор” кэмиэдьийэтэ күн бүгүнүгэр диэри суолтатын сүтэрбэт буолан, режиссердар бу былыргыттан быйылгыга диэри тыһыынчата сыанаҕа оонньоммут айымньыга интэриэстэрэ уҕараабат, бэйэлэрин көрүүлэринэн уратытык туруоран, сонун испэктээктэри көрөөччүгэ билиһиннэрэ тураллар.
Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр режиссера Евдокия Семенова туруорбут “Ревизора” аныгы кэм салгынынан илгийэргэ дылы. Ол курдук, Гоголь күлүү-элэк гынан кэпсээбит кэмэлдьилэрэ: сирэй көрбөх буолуу, бэрик ылсыы-бэрсии, ньымааттаһыы-ньылаҥсалыһыы, албыннааһын-түөкүннээһин – о.д.а. мөкү быһыы-майгы биһиги күннээҕи олохпутугар баар көстүүлэр буолалларын бигэргэтэрдии, тойотторбутун билиҥҥи көлүөһэлээх кириэһилэлэргэ олордон, хамначчыттара аа-дьуо анньан аҕаллылар. Онуоха, тоҕо эрэ, кыра-хара норуоту көлүйэ сылдьар курдук буолбакка, төттөрүтүн, кимиэхэ эрэ соһулла сылдьар кэлээскэлээх кэлиэкэлэр (чопчулаатахха, майгы-сигили кэлиэкэлэрэ) киирбиттэрин курдук көһүннэ.
Чахчыта да, ити түгэн сорох үрдүк сололоохтор, киэптээбиттэрин аанньа, киитэрэй киһи кинилэр өйдөрүн таах сүүйэн ылан, эрбэҕэр эргитиэн сөп кэнэннэрин, онуоха бэйэлэрэ “үөрэ-сүүрүгэ” суох тугу да сатаабаттарын сэмээр сэгэтэн сэһэргээтэ.
Онон ол офис олбохторо ис дьиҥэр ким кими салайарын-баһыйарын эрэ буолбакка, сүрүнэ, бириэмэ бу испэктээккэ ханнык да тустаах кэмҥэ чопчу сыһыарыллыбатын, бу түбэлтэ үйэлээх кыһалҕаны көрдөрөрүнэн, дьыла-сыла хааччахтамматын өйдөтөргө туһуланна. Маныаха оруоллары толорооччуларбыт, үтүөлээх артыыс Кирилл Семенов тылбаастаабыт тиэкиһинэн саҥаралларыгар, “именно”, “уже” диэбит курдук тыллары кыбыталлара, хата, төттөрүтүн аныгылыы тыыны өссө эбии күүһүрдэн биэрдэ.
Бу “Ревизорга” курдук, күлүүтэ суох көрүдьүөс түгэннэр ханна баҕарар, биһиэхэ Саха Сиригэр даҕаны, көстүтэлээн ааһалларын бэлиэтээн, испэктээк саҕаланыытыгар үлэлээн иитиллэр боростуой норуот уобараһын сахалыы таҥастаах дьонунан көрдөрдүлэр, онно дьүөрэлээн, чунуобунньуктарбыт да сорохторо сахалыы оноолоох соҥҥо жабо кэтэ сырыттылар. Итинник омугунан араастаһыыны суурайар суолталаах көстүүмнэри Сардаана Колосова мындырдык толкуйдаабыт, ону тигиигэ Олоҥхо уонна Нуучча драматическай тыйаатырдарын иистэнньэҥнэрэ көмөлөспүттэр.
Ити курдук, омугуттан уонна кэмиттэн тутулуга суох устуоруйаны Хатас норуодунай тыйаатырын артыыстара, ол эбэтэр араас идэлээх дьон, үлэлэриттэн быыс булан бэлэмнэнэн, бэркэ оонньоотулар: арыгыһыт почтмейстер Шпекини – Алексей Осипов, куорат кэнэн баһылыгын – Михаил Сивцев, куттас Лука Хлоповы – Андрей Малышев, суут курдук кытаанах сулууспатыгар “тяп-ляп” сыһыаннаах Ляпкин-Тяпкины – Руслан Жирков, барытыттан барыһы эрэ көрөр Артемий Земляниканы – Николай Попов, хобу-сиби тарҕатарга маастар Добчинскайы – Эдуард Саввинов, оттон Бобчинскайын – Николай Протасов, истигэн Иһиирбэни – Константин Щукин, эрэйгэ түбэспит эргиэмсик атыыһыттары – Семен Игнатьев, Николай Иванов, Владимир Петров.
Дьахталлар уобарастара да чаҕылхайдар: баһылык ойоҕо – Наталья Нохсорова, кыыһа – Алена Пинигина, Хлопов ойоҕо – Мария Христофорова, унтер-офицер таһыллыбыт ойоҕо – Зоя Баишева, Пошлепкина – Саргылаана Ефремова.
Бардам баайдар батталларын, былаастарын, балыырдарын кулут-чаҕар оруолларынан оһуобайдык ойуулаатылар: Евдокия Степанова (кини өссө Гибнер буолбута), Саргылаана Петрова, Дьулус Гоголев, Эрсаан Саввин, Павел Пестеров.
Дьэ, бу дьону барытын бэйэтин тула, биллэн турар, элэҥнэтэн эр бэрдэ Хлестаков түмтэ. Абылыыр айылгылаах, нууччалыы эттэххэ, харизмалаах Сандал Захаров, сүрүн дьоруойун курдук туттан-хаптан, саҥаран-иҥэрэн, кэпсээн-ипсээн, сирэйин-хараҕын араастаан хамсатан, омуна суох, Хлестаков илэ бэйэтинэн бу хаама сылдьарын курдук итэҕэтиилээхтик оонньоото, испэктээк тутуллар киинэ кини буолар уустук соругун ситиһиилээхтик толордо.
Аҥаардас кэпсэтиилэртэн турар испэктээги бал үҥкүүтэ киэргэппитэ мэлдьэх буолбатах (хореограф Дайаана Иванова).
Сыана малын-салын Андрей Малышев уонна Зоя Баишева оҥорбуттар: ортотугар N куорат чунуобунньуктара сүгүрүйэр N тойоннорун мэтириэтэ барытын кэтээн көрөн турар курдук ыйаммыт.
Арыллар-сабыллар ааммыт ис-тас эйгэлэри, уруккуну-хойуккуну ситимниир аартык тэҥэ буолла. Итинэн таһырдьа тахсан, кинилэр биһиги ортобутугар хаама сылдьар буолуохтарын сөп курдук өйдөбүлү үөскэттэ.
Дьиэлэригэр өтөрүнэн сандаара тыгыа суох күнтэн хаххаланар да наадата суоҕун иһин, сабыы диэни билбэтэх түннүктэрэ, бу өйдүүн-санаалыын хараҥарбыт дьоҥҥо туох да сырдык санаа саҕыллыбатын кэрэһилиирдии, аһаҕас килэйэн тураахтаата. Хата, сиэрэ суох быһыыларыттан күрэнэр-куотунар үүккэ-хайаҕаска кубулуйан ылла.
Хлестаков халбас харата курдук “бүгүн баар, сарсын суох” халбаҥ олоҕун кэриэтэ, остуоллара эмиэ ардыгар аһынан-арыгынан толору ууруллар, сороҕор сокууска да баҕалаах буола кураанахсыйар.
Хатас норуодунай тыйаатыра, “Тускул” култуура киинэ олус айымньылаахтык үлэлииллэрин өрөспүүбүлүкэ дьоно Наталья Руфова суруйууларыттан билэ олоробут. Ол гынан баран, сүүстэ истибити-аахпыты биирдэ баран көрөр ордугун иһин, испэктээккэ сылдьан дуоһуйдубут, чахчы, таһымнаахтар эбит диэн хайҕаатыбыт.
Анисия Иевлева.
Михаил Соргу түһэриилэрэ.