7 лет назад 199
Олох оьуора (табыллыбатах кэпсээн)
Хас биирдии киьи ураты, эриэккэс оьуордаах тус бэйэтин оло5ун олорор.
Мин Лааналыын улэбинэн билсибитим.
Сана улэлии кэлэн баран, уерэ5и ылынымтыа буолан олус тургэнник улэ уеьугэр туспутэ. Аьары баран, ер-етер буолбакка, учугэй улэьиттэр ахсааннарыгар киирбитэ.
Лаана биьи икки улэлиир отделларбыт атын-атын буолан улаханнык алтыспат этибит. Кеннеру дорообо-дыраастый уонна биирдэ эмит докумуон-кумаа5ы боппуруоьугар хардарсан ыларбыт. Оол гынан баран, сотору кэминэн Лаана баарын биллэрэн барбыта.
Маннык дьону ис кирбэх дииллэр. Тас керунунэн киьи хара5ар хатамматар да Лаана туттара-хаптара, санарара-инэрэрэ, киьини кытта кэпсэтэрэ олус алыптаах курдук этэ. Ону, бэйэтэ да билбэтинэн, улэтигэр туьанара. Холобур, хонтуора5а теьелеех да кыыьырбыт клиент кэллэр, Лаананы кытта кэпсэтэн баран туохха кыыьырбытын бэйэтэ да умнан теттеру тахсан барара.
Биирдэ маннык тугэн кэнниттэн, Муся тулуйбата.
Муся диэн кырдьа барбыт кыыс, то5о эрэ куруутун миэхэ оьохтон сана хостоммут буулочканы санатара. Сырдык хааннаах, кута-мата быьыылаах, минньигэстик аьыырын, ас да астыырын себулуурэ. Биир уратыта диэн – хаьаан да5аны туохха да иис буолбат, тырыта-хайыта бара сылдьара. Айманара диэн – тынырах, кэпсэтэрэ диэн – кыламан. Куну быьа танас-сап айдаана, кер-нар эккирэтиитэ. Ол гынан баран, со5отох олорор буолан, куукуна5а астаабыт “шедЭврдарыттан” бииргэ улэлиир дьонун биирдэ эмит кундулуурэ. Дьэ, онно дьон хай5ыы-хай5ыы кини астаабыт аьын сиэн мотуйда5ына, Мусябыт тосту уларыйан, киьи утуетэ, дьахтар мааныта буола туьэрэ! Иэдэьэ тэтэрэн, хара5а кылапачыйан, тас дььунуун тосту уларыйан тупсара.
Мин саныахпар, хонтуора улэтигэр буолбакка, туерт истиээнэ5э хаайыллыбакка, бэйэтигэр кондитерскай ду, пекарня ду арыйыныан септеех этэ. Ону, киьи кыьыйыах, улэбитигэр саамай уьуннук улэлээбиппит кини этэ. Санаатыгар, халын тириитин анныгар “маленькая фея Динь-Динь” баара эбитэ уьу.
– Бу кыыс туох эрэ магиялаах быьылаах, – диэн Муся сана таьаарда.
– Дии да! – отдел дьоно сэргэхсийэ тустулэр.
– Нет, это просто стрессоустойчивость, – хата тойоммут эппиэтэ бэлэм, – И лояльность к клиенту. Надо всем брать пример с Ланы. Чэ, за работу!
– Айуу чэ!
– Мьм, оннук буолумуна.
– Ээх, чэ…
Дьоммут, сэргэх ырытыы тахсыах тугэни куоттаран, себулэбэтэхтии туттан ботугураьа-ботугураьа теттеру улэ5э умса тустулэр. Уонна тойон баарыгар Лаананы ырытар табыгаьа суох эбитин бэлиэтээтэхтэрэ.
Биллэн туран, ити Лаана алыбар уксун эр дьон киирэн биэрэрэ. Ону дьахтар аймах ымсыыран буолла5а дуу, кунуулээн кэбилэнэн дуу, Лаананы олох себулээбэттэр этэ.
ps. салхыыта суруйуллуо… сатаан сааьылыы иликпин)
#сахалыы
#сахалыыТатыйык
#сочинениеТатьяны