“Үйэлээх ситим” - Блоги Якутии

3 года назад 251

“Үйэлээх ситим”

«Таатта улууһа» Муниципальнай оройуон, «Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ» дириэктэр Вырдылин Гаврил Гаврильевич быһа ыҥырыытынан бу күннэргэ И.С.Жараев аатынан Дьокуускайдааҕы СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин методиһа Винокурова Марина Софроновна Таатта улууһугар методическай көмөнү оҥорон кэллэ.

Винокурова М.С. – ведущий специалист отдела экспертизы и комплектования ГАУ РС(Я) НЦАНН им. И.С. Жараева

Российскай Федерация аҕа баһылыга В.В.Путин 2022 с. Культурнай нэһилиэстибэ сылынан биллэрбитэ. Таатталар биир бастыҥнар истэригэр  “Үйэлээх ситим” бырайыагы саҕалаатылар.

Бастатан туран улууска олорор кыраайы үөрэтээччилэр билиилэрин-көрүүлэрин камераҕа устан хаалларыы. Нэһилиэккэ баар сирдэр төрүт ааттарын быһааран электроннай картаҕа киллэрии (землеустроители кытта үлэлэһии). Иис-уус, төрүт ас, туттар сэп-сэбиргэл, айар идэлээхтэр, дьыл кэмин билгэтэ, олоҥхону толоруу уо.д.а.

Бырайыак быһыытынан күрэхтэһиигэ саамай элбэх хааччыстыбалаах матырыйаалы киллэрбит Норуот айымньытын дьиэтэ харчынан бирииһи ылар. Устуу бары ирдэбилгэ эппиэттиир буолуохтаах, ол курдук И.С.Жараев аатынан Дьокуускайдааҕы СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин бары ирдэбилигэр эппиэттиир докумуона толоруллуохтаах.

Мантан ситимнээн улуустарга, нэһилиэктэргэ төрүт дьон олохторун, үлэлэрин, үгэстэрин көрдөрөн киинэ-видео докумуоннары архивтаан көрөр фондалар үлэлэрэ саҕаланыа. Кэскиллээх үлэбит инникэлээх буоларын туһугар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар олорор дьонун-сэргэтин кыттыһаргытыгар ыҥырабыт!

Добавить комментарий