Дьиэ кэргэн сылыгар быыстапка - Блоги Якутии

Библиотеки Якутска

Централизованная библиотечная система города Якутска - это 18 филиалов по всему городу рядом с вашим домом. Наш сайт: cbsykt.ru

8 месяцев назад 108

Дьиэ кэргэн сылыгар быыстапка

«Мир приключений» библиотека Дьиэ кэргэн сылыгар анаан «Музей в чемодане» диэн ретро-быыстапка бырайыактаах. Бу быыстапкаҕа библиотека ааҕааччылара дьиэ кэргэҥҥэ хомуллан уурулла сылдьар, дьиэ кэргэн историятын кэрэһэлиир малларын туруораллар уонна кэпсииллэр. Бу күннэргэ номнуо үһүс быыстапка арылынна. Быыстапканы туруорда библиотека активнай ааҕааччыта, ыал ийэтэ, эбэтэ Галина Васильевна Сидорова.

Галина Васильевна быыстапкатын туһунан маннык кэпсиир:

­– «Мир приключений» библиотекаҕа Сидоровтар дьиэ кэргэн быыстапкатын туруордубут. Манна биһи дьоммут уруккаттан мунньан, хомуйа, ууруна сылдьыбыт үлэлэрин көрдөрдүбүт. Холобура, мин эбэм Дария Михайловна Слепцова туостан тикпит маллаах иһитэ, таҥас лоскуйдарыттан аттаран тикпит саппыйата, урукку кини олорон ааспыт кэмин кэпсиир. Аны мин ийэм дьүөгэтэ баайбыт курууһубата сэрии кэннинээҕи кэми, быысабайдаан оҥоһуллубут остуоруйа-хартыыналара мин оҕо сааспын санаталлар. Ону таһынан тётя Клара баайыыннан дьарыгыран үтүлүк, наскы кэмчи кэмигэр баайбыт оҥоһуктара олус да наадалаах этилэр. Мин ити саҕана крючогунан баайа үөрэнэн үс оҕобун үтүлүктээн, наскылаан улаатыннарбытым. Онтон ордон хаалбыта көстүүгэ турда.

Оҕолор кыра сылдьан значок, марка хомуйар этилэр. Быыстапкаҕа Сахабыт сирин көрдөрөр значоктары уурдубут. Ону таһынан оҕолор оҥорбут оҥоһуктара эмиэ бааллар. Уолум Женя уолун үөрэтэн сваркалаан оҥорбут сувенирдара «скорпион», «көтөр кутуйах», «пятачок», «бастакы ракета» диэн ааттанан көрдөрүүгэ турдулар. Кыыһым оҥорбут «Щелкунчик» уонна «Скандинавскай гном» диэн улахан куукулалара бэлиэ миэстэни ыллылар. Уонна кыра сылдьан эбэтигэр бэлэх ууммут быысапката эмиэ.

Үлэбинэн отчуот оҥорон пенсияҕа тахсарбар «Окко түспүт оҥоһуум» диэн санааларбын түмэн брошюра оҥорбуппут. Кэлин Автодорожнай уокурук хоһоонньуттарын сборнигар киирбиттэрэ. Ол сылдьан бүтэһик суруйбут хоһооммун Бүтэйдээх оскуолатын үөрэнээччилэрин кинигэтигэр киллэрбиттэрэ.

Дьиэ кэргэнинэн ырыаны-тойугу ордук сөбүлүүбүт. О5олор кыра эрдэхтэн араас куруоһуоктарга дьарыктаммыттара, спортка күрэхтэһиигэ, конкурстарга кыттыбыттара. Билигин сиэттэр эмиэ ол утуму тутуһан иһэллэр.

Бэйэм сөбүлүүр хоббим буолуо – бу театр. Син элбэх уобарастары арыйан, Майатааҕы Д. Ходулов аатынан народнай театрыгар сылдьан дьарыктаммытым. Кэлин Дьокуускай куоракка көһөн кэлэн Автодорожнай уокурукка П.П. Адамова тэрийэн салайбыт труппатыгар сылдьан Гоголев «Лэкиэс» драматыгар Аана оруолун толоруу буолар, аны Христофор Максимов ырыаларынан мюзиклга кыттыбытым. Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө «Вечная память народа» диэн документальнай киинэҕэ уһуллубутум.

Махтал буоллун Галина Васильевна кэпсээҥҥит иһин. Онтон мин быыстапканы көрөн хараххытын сымнатын диэн ыҥырабын. Быыстапкаҕа Галина Васильевна сүбэлээбит иистэнэргэ, баайарга көмө кинигэлэр турдулар.

Мария Кайдалова

05.04.2024

Добавить комментарий