Төрүччү ll сийиэһэ. - Блоги Якутии

1 год назад 152

Төрүччү ll сийиэһэ.

Наука академиятын иһинэн тэриллибит “СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай – чинчийэр института» уопсастыбаннай тэрилтэ «Төрүччү төлкөтө» II сийиэһэ буолла.

Сийиэс түөрт сүрүн бөлөххө арахсан үлэлээтэ. Кыттааччылар улуустартан, нэһилиэктэртэн бэркэ тэринэн кэлбиттэр.  Төрдү – ууһу билиигэ оскуола оҕотуттан саҕалаан дьон – сэргэ интэриэстэрэ сытыырхайбыт. Бүлүү, Горнай, Хаҥалас, Таатта, Уус – Алдан уонна да атын улуустар бэркэ тэринэн кэлбиттэр.

Комсомольскай болуоссакка дириҥ ис хоһоонноох быыстапканы көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ иннигэр төрүччүлэрин туһунан таблицаны, кинигэлэри  кэпсии-кэпсии көрдөрдүлэр,  кэлбит дьоҥҥо сүбэ-ама биэрдилэр.

Сийиэс түмүгэр Резолюция ылылынна.

Марина Винокурова.

Добавить комментарий