2 года назад 439
Ааҕыы – дьиэ кэргэни түмэр күүс
Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнэ уонна “Кэскил” хаһыат төрөөбүт күнэ иккиэн ыам ыйын 15-гэр сэргэ түбэһэн бэлиэтэнэллэрэ, дьэ чахчы, түмэр күүс!
Дойдуга Учуутал уонна настаабынньык, Сунтаар улууһугар Төрөөбүт тыл сылларынан быйылгы Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүгэр уонна “Кэскил” хаһыат төрөөбүт күнүгэр Күүкэй нэһилиэгэр дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга литературнай оонньуу-күрэх буолла.
Төрөөбүт тылынан уус-уран тылга, ааҕыыга сыһыарыы дьиэ кэргэни сомоҕолуурга сыалланна. Барыта 8 ыал кытынна.
Оонньуу-күрэх 6 түһүмэхтэн турда. Онно кыттааччылар ким төһө кыахтааҕынан кииристилэр.
“Кэскиллээх олоххо бэлэм буол!” диэн түһүмэххэ “Бэлэм буол” сурунаал 3 нүөмэрин билистилэр. Онно “Тугу эбиэҥ этэй?” диэн чопчу ыйытыкка хоруй араас буолла. Улуустарын туһунан киэҥник сырдатыллыаҕын баҕараллар эбит. Чуолаан төрөөбүт сирдэрин – Күүкэйдэрин – туһунан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэриэхтэрин, элбэҕи этиэхтэрин саныыллара билиннэ. Итинэн дойдуга бэриниилээх тапталларын акылаата бигэ ууруллубута үөртэ.
Салгыы “Суруйааччы учууталы ахтан-санаан” диэҥҥэ Уйбаан Нуолур сэрии сылларынааҕы тыыл ыарахан олоҕун туһунан “Суорҕан иһиттэн булуллубут” кинигэтин ааҕан, биир сөбүлээбит кэпсээннэрин ис хоһоонун ырытан суруйдулар. Ханнык да кэмҥэ сэрии ыар тыына алдьархайдааҕын бу кэпсээннэр толору туоһулаан итэҕэттилэр.
Новеллалары манна аах https://e.nlrs.ru/open/47044
“Дорҕоон кэккэтэ” диэн толкуйдатар тохтобулга ааҕыы туһунан бэркэ биллэр дириҥ ис хоһоонноох этиини таайдылар.
“Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара…” Күүкэйтэн төрүттээх дьоммут сэрии тиэмэтигэр хоһоонноруттан дорҕоонноохтук аахтылар.
Айымньылаах ааҕыылара видеоҕа уһуллан, киэҥ эйгэҕэ тарҕанна. Итинэн айар дьоҕурдаахтарбытыгар ытыктабыл, талааннарыгар сүгүрүйүү бэлиэтэннэ.
Аахпыт айымньыга анаммыт “Таба көрөн …” хаартысканан дьүһүйүү түһүмэҕэр кэрэхсэнэр сонун үлэлэр киирдилэр. Оҕолор аахпыт айымньыларын күннээҕи олохторугар сыһыары тутан ылыналлара, өйдөөн хаалаллара кэрэхсэттэ. Бу үлэлэр араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттыахтара.
“Дьиэ кэргэн – оҕо туруктаах уйулҕатын биһигэ” диэн түһүмэххэ “Кустук” пресс-киин юнкордара, “Кэскил” хаһыакка анаан бэргэн этиини толкуйдаан, уһулуччу уратытык суруйарга сорудах толоттордулар.
Хаһыаты таптыыллара, истиҥник ылынан, доҕор оҥостоллоро хайҕаллаах. Ааҕыыга уһуйар төрөппүттэргэ ураты махтал. Түгэнинэн туһанан, “Кэскил” хаһыаты, “Бэлэм Буол” сурунаалы сурутарга ыҥырдыбыт.
Бэйэтэ туспа киэҥ суолталаах бэлиэ күн ааҕыы аргыстаах, ураты түбүктээх ааспыта сырдык өйдөбүллээх аастаҕа диэн эрэнэ хаалабыт.
Кыайыылаахтарынан Федоровтар, Андреевтар, Евсеевтэр, Саввиннар буоллулар. Кыттыбыттарга барыларыгар улахан махтал.
Ксения Саввинова,
“Кустук” пресс-киин,
Күүкэй, Сунтаар