2 года назад 641
Билиибин-көрүүбүн бар дьоммор аныыбын
Муус устар 25 күнүгэр Балыктаах бөһүөлэгин култуура дьиэтигэр “Билиибин-көрүүбүн бар дьоммор аныыбын” диэн бэрт интэриэһинэй көрсүһүү буолан ааста.
Майаттан анаан-минээн билиилэрин үллэстэ кэлбиттэр:
Оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуйга уһуйааччыта Петухов Петр Александрович, уруһуйдарын көрдөрө-көрдөрө, “Тус бэйэм ис турукпар үлэлэниигэ хайдах кэлбитим туһунан” диэн тиэмэҕэ кэпсээтэ.
Итэҕэл балаҕанын салайааччыта Климентова Анна Иннокентьевна “Удьуор утума уонна өбүгэ ситимэ” диэни билиһиннэрдэ.
Арчыһыт, илбииһит Андреева Лидия Ивановна-Ил Иитэ дорҕоонунан туругу тупсарыныыны туһунан “Дорҕоонунан чөллөнүү, дорҕоон дьарыга” диэни кэпсээтэ, дьарык ыытта.
Алгысчыт Игнатьев Зиновий Иванович “Алгыс ыраастыыр, эмтиир күүһэ” диэн кэпсэтиитигэр дэйбиир, алгыс суолтатын туһунан билиһиннэрдэ.
Улууска “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Решетникова Евдокия Саввична сахалыы тылбытынан сайа саҥарарбыт оҕо сайдыытыгар туһатын туһунан, итиэннэ аныгы гаджеттар буортуларын “Ийэ тыл уонна кут чөл буолуута” диэн быһааран кэпсээтэ.
Көрсүһүү түмүгэр Анна Иннокентьевна “күрүөлэнии” алгыһын ыытта. Кэлбит ыалдьыттарбыт көрсүһүүгэ оскуола оҕолоро кыттыыны ылбыттарын биһирээтилэр. Бу көрсүһүү оҕолорбутугар саха итэҕэлин, сахабыт тылын харыстыырга, саха буоларбытынан киэн туттунууга санааны сахпыта буолуо диэн эрэли үөскэттэ.
Билиилэрин бар дьонноругар тарҕата сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар истиҥ махталбытын тиэртибит, үлэҕит өссө далааһыннанан ситиһиилээх буоллун диэн алгыы хааллыбыт.
Мария Захарова,
Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас