Сахалыы эмиэ ааҕыахха - Блоги Якутии

2 года назад 400

Сахалыы эмиэ ааҕыахха

 Билиҥҥи оҕолор кинигэни төһө ааҕаллар? Ханнык жанрдаах айымньылары?

Ону билээри, Бүлүүгэ буолбут Эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрин кыттыылаахтарыттан ыйыталастым.

Лена Никитина, Баппаҕаайы оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ:

Тугу барытын умнан туран ааҕыахпын сөп. Айымньы иһигэр киирэн хаалабын. Дьокуускайга бардахпына, булгуччу кинигэ маҕаһыыныгар сылдьабын. Бастаан туох туһунан буоларын арыйталаан көрөбүн, сэргээтим эрэ ылабын. Тыа сиригэр Интернет түргэтээн, билигин анал сыһыарыылартан онлайн ааҕыахха сөп. Холобура, “Литрес”-тэн.

Улаатан эрэр оҕолорго Рик Риордан “Герои Олимпа” диэн героическай фэнтези сиэрийэлэрин ааҕалларыгар сүбэлиибин.

Рим уонна Греция таҥараларын атааннаһыылара, мүччүргэннээх сырыылара, хорсун быһыылара ойууланар. Биһигини нуучча литературатыгар үөрэтэр учууталбыт ааҕарга көҕүлүүр. Оскуола бибилэтиэкэтиттэн кинигэ ылларар. Ханныгы ааҕарбытын бэйэбит талабыт. Бүтэрдэхпитинэ, киниэхэ ис хоһоонун кэпсиибит. Билигин манголары ааҕа сылдьабын. Уонна бу соторутааҕыта куоракка бара сылдьан, игирэлэр трон былдьаһалларын туһунан “Две короны” диэн кинигэни атыылаһан кэлбитим. Ону ааҕаары астына сылдьабын. 

Харысхан Андреев, Тааһаҕар оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ:

-Джон Огаст диэн кинорежиссер киһи Арло Финч диэн уол туһунан үс кинигэни суруйбута: “Королевство теней”, “Озеро луны”, “Долина огня”.

Арло Финч диэн 12 саастаах уол. Кини эдьиийин кытта магическай ойуурга түбэһэр. Онно оҕолору апка-хомуһуҥҥа үөрэтэр оскуола баар. Ийэтиттэн көрдөһөн, Арло Финч ол кыһаҕа уһуйулла киирэр. Саҥа табаарыстарын кытта араас мүччүргэннээх сырыылары, тургутуулары ааһаллар. Ол курдук, биирдэ Лох-Несс күөлүгэр сөтүөлүү сылдьан, аатырбыт адьарайы көрөр. Доҕотторо ону хаартыскаҕа түһэрэннэр, чахчы баарын дакаастыыллар. Арло кыра эрдэҕиттэн түүлүгэр баттаттаҕына, наар ханнык эрэ кыыс: “Быыһаа!”- диэн ыҥырар. Онтон куттанарын уонна да атын мөлтөх өрүттэрин кини айымньы түмүгэр кыайар. Быһаарыылаах, бэйэтигэр эрэллээх, күүстээх санаалаах уол буолар. Кырдьык, туох баар барыта бэйэбититтэн тутулуктаах.

Мин 500 страницалаах кинигэни 5-4 күнүнэн ааҕан бүтэрэбин. Бэйэм мистическэй ис хоһоонноох кэпсээни суруйан иһэн бырахпытым. Баҕап, салгыам. Оскуолаҕа киирэ иликпиттэн ааҕабын. Ол иһин маҥнайгы кылааска мүнүүтэҕэ 267 тылы ааҕар этим. Үс ыскаап толору кинигэлээхпин, сороҕо хоспохпор сытар. Улааттахпына полиция эбэтэр баһаарынай буолуом.

Олеся Николаева, Бүлүү 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ:

– Үһүс кылаастан ыла умсугуйан ааҕар буолбутум. Бастаан, биллэн турар,  остуоруйалары ааҕарым. Онтон Интернеккэ “Взахлеб” диэн сыһыарыыны булан, фэнтезилэри, детективтэри, мистиканы сэҥээрэр буоллум. Холобура,  “Проклятый лагерь” диэн кутталлаах кэпсээннэр сиэрийэлэрин оҕо үксэ  сөбүлүүр. Онно “Черный дуб” диэн айымньытыгар Катя диэн кыыс өлбүт оҕолор дууһаларын лааҕырдарыгар тиийэн хаалар. Онтон куотан тахсарыгар биир уол көмөлөһөр. Ол эрээри бу аҥаардас абааһылаах түбэлтэ эрэ буолбатах, манна  улаатан эрэр кыыс иккистээн ыал буолбут ийэтин, кииринньэҥ аҕатын (отчим), оҕолору кытта сыһыана ойууланар. Биир халыҥ кинигэни 2 нэдиэлэнэн ааҕан бүтэрэбин.  

Арааһа, 50 кинигэни аахтым быһыылаах. Бэйэм фантастика суруйан көрбүтүм. Аптаах тыаҕа баар оскуолаҕа үөрэнэ барбыт кыыс туһунан. Ханна да бэчээттэтэ, кимиэхэ да көрдөрө иликпин. Оҕолорго Джоанг Роулинг “Гарри Поттер”, Ренсом Риггз “Дом странных детей” романнарын ааҕарга сүбэлиибин.

Милена Максимова, Чинэкэ оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ:

-Бүлүү куоратыгар улуустааҕы бибилэтиэкэбит наһаа үчүгэй киэҥ дьиэлэммитэ. Онно сылдьан, Джоан Айкен “Джейн и Эмма” диэн кинигэтин уларсыбытым. Тулаайах кыыһы эдьиийэ иитэ ылар. Эмма диэн  кыыстыын билсибитэ, “икки сирэйдээх” буолан биэрэр. Бүтэрэ иликпин,  интэриэһиргээтим аҕай. Урут уруокка үөрэтиллэр айымньылары  эрэ ааҕарым, билигин бэйэбэр саҥа ааптардары арыйан эрэбин.

Миша Син , Бүлүү 2-с оскуолата, VII  кылаас:

-Убайбын үтүктэн, кинигэни умсугуйан ааҕар буолбутум. Тоҕус сааспыттан быһыылаах. Бүтэһигин “Сказочные призраки” аахпытым.  Оҕолорго В. Благов, Л. Маврина “Новогодние приключения игрушек” остуоруйаны ааҕыҥ диибин.

Эмиэ “История игрушек” курдук, оонньуурдар тыыннаах буолаллар.  Саҥа дьылга кыра кыысчааҥҥа дьоно атын оонньуурдары бэлэхтиэхтэрэ диэн хомойон, куобах дьиэттэн күрээн хаалар. Доҕотторо кинини көрдүүллэригэр араас быһылааҥҥа барытыгар түбэһэллэр.

***

Оҕолор хоруйдарыттан сылыктаатахха, билиҥҥи үөрэнээччилэр омук ааптардарын сэҥээрэллэр, итиэннэ фэнтези уонна мистика жанрдаахтары ордорор эбиттэр.

Бу  тик-ток, ютуб, инстаграм үйэтигэр ааҕаллара олус үчүгэй, хайҕаллаах дьыала, ол эрээри сахалыы эмиэ ааҕыахтарын наада. Ол туһуттан, ыччаты сахалыы аахтарар сыалтан, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук уонна “Ил Түмэн” издательскай дьиэ “ҺӨҔҮҤ:  сахалыы айымньы” диэн буктрейлер өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин билэрбитэ.

Түмүк ыам ыйын 26 күнүгэр тахсар. Үлэлэри ыам ыйын 13 күнүгэр диэри тутабыт. Онон кытаатыҥ, Национальнай бибилэтиэкэ nrls.ru саайтыгар киирэн, куонкурус балаһыанньатын билсиҥ.

https://old.nlrs.ru/upload/medialibrary/c5e/Күрэх_балаһыанньата.pdf 

Положение конкурса    https://old.nlrs.ru/upload/medialibrary/8ef/Положение_конкурса_буктрейлов.pdf 
Билсэр төл.: 8914-222-35-79, 8914-224-15-32 

Добавить комментарий