2 года назад 369
“Саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка сонуннара
Ааспыт нэдиэлэҕэ дьүүллүүр сүбэ мустан, күрэх-быыстапка үлэлэрин сыаналаата.
Түмүк ахсынньы 25 күнүгэр 16.00 чаастан Смарт-бибилэтиэкэ 302 аудиториятыгар биллэриллиэҕэ.
Дьүүллүүр сүбэни билиһиннэрдэххэ, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Михаил Старостин, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Наталья Николаева, лингвист, төрүт тылы тарҕатыы, сайыннарыы үлэтин көҕүлээччи Николай Павлов-Халан уонна быыстапка тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ – поэт Елизавета Мигалкина.
Оттон ааспыт өрөбүлгэ худуоһунньуктары (“Архетип” айар бөлөх) уонна поэттары кытта кэрэхсэбиллээх көрсүһүү буолан ааста.
Атах тэпсэ олорон кэпсэтии, хоһоон ааҕалларын истии, тыл тула сэһэргэһии буолла.
Көрсүһүү кыттыылаахтара хоһоон хомоҕой тылын, поэттар тиэрдэр санааларын, хайдах ону ылыммыттарын уруһуйдаан дьүһүйдүлэр.
Тэрээһин түмүктэниитэ төрөөбүт тылга анаан санаабытын сурукка тистибит.
Эдита Степанова “Сурук” диэн арт-үлэтэ “илиигинэн сурукта суруйан ыыт” диэн ыҥырыылаах. Ону тутуһан, сурукпутун почта дьааһыгар түһэрдибит. Төрөөбүт тылга туһуламмыт ол этиилэри бу бырайыакпыт салҕанар түгэнигэр туһаныахпыт эбэтэр худуоһунньук бэйэтин үлэтигэр туттуоҕа.
Быыстапка ахсынньы 30 күнүгэр дылы Смарт-библиотекаҕа (Ларионов уул 12 а) үлэлиир. Киириитэ босхо. Хаартыскалар ааптардара – Нина Слепцова, Василий Кривошапкин.
Салгыы хоһоонтон тахсыбыт уруһуйдары көрүҥ: