7 месяцев назад 709
Олоҕу мындырдык дьаһанан олоруу холобура
Мин кэргэним, норуодунай суруйааччы Егор Неймохов биир кууруска үөрэммит үөлээннээҕэ, чугас доҕоро Гаврил Гаврильевич Филиппов 80 сааһын бэлиэтээтэ.
Киһи кинини көрөн, 80 сааһы биэрбэт эдэрчи көрүҥнээх. Иһэ үлүннэҕинэ, 60-ча сааһы эрэ биэриэххэ сөп: баттаҕа маҥана да суох, уҥуоҕа да көнө, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх. Мин кинини, хайдах эрэ, нуучча улуу бэйиэтэ, суруйааччыта Борис Пастернакка майгыннатабын. Дьүһүнэ Борис Пастернак сахалыы моһуонун курдук.
Гаврил Гаврильевич, олох эдэр эрдэҕиттэн олоҕун былааннаан, мындырдык дьаһанан олорбута. Оччотооҕу кэмҥэ саха эр киһитигэр соччо барсыбаттык, бэйэтин, доруобуйатын көрүнэн, сөптөөхтүк аһаан, чөл олоҕу тутуһан. Онто туһалаан, 80 сааһын үлэ үөһүгэр көрүстэҕэ.
Тас көстүүтэ сэргэх, сахаҕа үчүгэй дьүһүннээх, бэйэтин кыанар, күүстээх, өй- санаа мааны, үөрэҕин туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ, дьаныһан туран науканан дьарыктанан, билим дуоктара, бэрэпиэссэр буолбута. Аны майгылаах бастыҥа, киэҥ-холку көҕүстээх саха саарына. Туохха барытыгар дьоҕурдаах, тарбаҕар талааннаах уус.
Егор Неймохов айар үлэтигэр анаан, “Олоххо былааннаах олорор үчүгэй” диэн ыстатыйаны эдэр сылдьан суруйбуттаах. Ити этии бэйэтин олоҕор эмиэ сыһыаннаах курдук.
Гаврил Филиппов курдук дьоҕурдаах үөрэнээччи оскуоланы бүтэрээт, 1961 с. тута үрдүк үөрэххэ киириэн сөбө. Ону оскуолаҕа, сопхуоска үлэлээн, Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалаан, алта сыл буолан баран, 1968 с. СГУ саха салаатыгар улахан куонкуруһу ааһан, үөрэххэ киирэн, туйгуннук үөрэнэр. Ити эмиэ кини сыала буолуохтаах. Олоҕу билэн, өйүн-төйүн тутан, олоххо толору бэлэмнээх киһи үрдүк үөрэххэ киирдэҕэ. Оскуола кэннэ тута киирбит оҕолор үөрэхтэрин быраҕаллара, оттон сороҕор тэмтэрийэллэрэ баар суол.
Аны Гаврил Филиппов тэрийэр, салайар дьоҕурдаах буолан, кууруһун ыстаарыстатынан үлэлиир. Кууруһа СГУ-га биир бастыҥнара буоларын ситиһэр.
Бииргэ үөрэнэр оҕолорун түмэ тардан, үчүгэйдик үөрэнэргэ көҕүлээн, сынньалаҥнарын көхтөөхтүк, сэргэхтик атаараннар, бары да олоххо ситиһиилээх буолар бастакы олуктарын түстүүр. Куурустарын өрөспүүбүлүкэ, ыстаарыстаны бэрэсидьиэн, комсору генсек диэн ааттаан, араас миниистирдэри анаан, оонньуу көрүҥүнэн наһаа үчүгэйдик тэриммиттэрэ, дьаһаммыттара, араас сэргэх тэрээһиннэри ыыппыттара – барыта сонун, интэриэһинэй буоллаҕа.
Ол курдук, куурустарыгар 2 норуодунай суруйааччы, билим 2 дуоктара, хас да хандьыдаат, бэйиэт, үтүөлээх үлэһит баар. Дьон ытыктабылын ыллылар, дойдуларын сайыннарыыга күүскэ үлэлээн кэллилэр, билигин да доҕордуу сыһыаннаахтар, тутуспутунан сылдьаллар. Ити Гаврил Филиппов ситиһиитэ дии саныыбын.
Бары да араас хараактардаах, уолуктарыгар оргуйар санаалаах Баһылай Босяк, Сэмэн Тумат курдук хаҥыл дьону салайар, көнө суолунан баралларын ситиһэр уустук дьыала буолуохтаах. Ону Гаврил Гаврильевич мындыр өйүнэн, киэҥ-холку майгытынан, үтүө санаатынан ситистэҕэ.
Бэйэтэ наһаа мааны, эдэр эрдэҕиттэн ыраастык, сэргэхтик таҥна-симэнэ сылдьар дьиҥнээх интэлигиэн киһи. Эчи, киниэхэ хайа да таҥас барара, барсара, ол курдук быһыыта-таһаата үчүгэйэ, ис-иһиттэн чэбэрэ – киһи хараҕа хатанар, чахчы, киһи киһилээхпин диэн киэн тутта көрөр.
Хайа да дьыалаҕа хоннохтоохтук ылсан, тиһэҕэр хайаан да тиэрдэр сыралаах. Ол да иһин ситиһиилэрэ баһырхайдар. Саха сиригэр, Арассыыйаҕа, аан дойдуга биллэр бөдөҥ учуонай, саха тыла туруктаах буолуутун, сайдыытын харса суох туруорсар сүдү киһи. Этэр тыла оруннаах, ыллыктаах, ылыннарыылаах буолан, үөрэтэр оҕолоругар, сахатын дьонугар ытыктабылынан туһанар биир бэлиэ саха Саарына буолар.
Оччолортон оҕолорун олох сахалыы ииппитэ, бэл, ”мама, папа” оннугар ”ийээ, аҕаа” дииргэ үөрэппитэ олуона соҕустук иһиллэрэ. Билигин санаатахха, олох сөп иитии эбит.
Мин биир дьүөгэм: «Эр киһиэхэ маҥнай илиитин көрөбүн», – диирэ. Гаврил илиитэ күүстээх киһи илиитэ. Эдэр сылдьан тустара, Егор Неймоховтыын тустуу сиэксийэтигэр тириэньэр Николай Босиковка дьарыктаммыттара. Онтон үөрэхтэригэр мэһэйдэтимээри уурайбыттарыгар, Н.Босиков сүрдээҕин хомойбут этэ. Гаврил улахан тустуук буолар хаачыстыбата, күүһэ-уоҕа толору баар диэн. Кырдьык, айылҕаттан күүстээх-уохтаах киһи ситиһиилэниэ эбитэ буолуо. Ону үөрэҕи таллаҕа, улахан учуонай буолар быата тартаҕа.
Өрдөөҕүтэ Г.Филиппов деканныы олордоҕуна, биир билим хандьыдаата туох эрэ моһол үөскээбитин быһаартараары гыммытын: ”Гаврил Гаврильевич сүрдээх кытаанах, ким да тылын истибэт, бэйэтэ саныырынан сылдьар салайааччы, арай, доҕоро Егор Неймохов тылын эрэ истэр”, – диэбиттэр этэ. Ону истэн, Егор Петрович сүрдээҕин астыммытын өйдүүбүн. Биһиги да аҕабыт мээнэ бытархай аайы, солуута суоҕу көрдөспөт, чахчы туһалаах диэбит боппуруоһун туруорсан эрдэҕэ.
Гаврил Гаврильевичка мин наһаа махталлаахпын. Кэргэммин сүтэрэн, хараҕым уутугар муна сырыттахпына, күүстээх өйөбүл буолбута. Соҕотохсуйбуппун аралдьытан, санаабын үрдэппитэ. Ити киһиэхэ эрэ бэриллибэт үтүө хаачыстыба.
Гаврил Гаврильевич 80 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков, бөдөҥ уопсастыбанньык, билим дуоктара, өрөспүбүлүкэтээҕи лиссиэй дириэктэрэ Иван Иванович Шамаев, ”Саха” НКИХ дириэктэрэ, ”Талбан” биэрии ыытааччыта Олег Егорович Колесов, биллэр бэйиэт, ”Көмүөл” кинигэ кыһатын салайааччыта Борис Иванович Павлов-Кэм, саха норуодунай суруйааччыта Наталья Владимировна Михалева-Сайа, ”Күрүлгэн” сурунаал эрэдээктэрэ, суруйааччы Афанасий Гаврильевич Гуринов-Арчылан, ХИФУ үлэһиттэрэ, устудьуоннар уо.д.а үгүс киһи мустан эҕэрдэлээтилэр.
Сүрүн дакылааты ИГИ научнай үлэһитэ, билим дуоктара Николай Николаевич Ефремов оҥордо. Гаврил Гаврильевич бииргэ үөрэммит доҕоро, эдэр эрдэхтэриттэн иннэлээх сап курдук бииргэ эҥээрдэспит үөлээннээҕэ, билим дуоктара, бэрэпиэссэр, олоҥхо улахан учуонайа Василий Васильевич Илларионов бэрт кэрэхсэбиллээхтик тыл эттэ. Дьэ, ол кэннэ тыл этээччилэр биир-биир тахсан эҕэрдэлээтилэр.
Дьоро киэһэттэн бэркэ астынан, баай-талым астаах сандалыттан аһаан тотон, көнньүөрэн, Гаврил Филиппов өссө да уһуннук чэгиэн туруктаах сылдьан, эдэр ыччаты үөрэттин, уопутуттан үллэһиннин, тус олоҕо дьоллоох буоллун диэн баҕа санаалаах тарҕастыбыт.
Мария Неймохова
12.04.2024 с.
Хаартыскалар Интэриниэт аһаҕас ситимиттэн