11 месяцев назад 559
Хатыламматы хамсыыр хартыыҥкаҕа хатаан…
Саха киинэтэ аан дойду таһымыгар тахсар саргылаах суолун тэлбит дьонтон биирдэстэрэ Николай Маркович САНТАЕВ буолар. Кини, оҕо сааһын ыра санаатын толорон, ыраах Москуба куоракка Кинематография Бүтүн Сойуустааҕы судаарыстыбаннай университетыгар үөрэнэн, 1967 сыллаахха идэтийбит оператор буолбутун туоһулуур дипломнаах Дьокуускайга төннөр.
Онтон ыла олох хатыламмат түгэннэрин хамсыыр хартыыҥкаҕа хатыыр үйэлээх үлэҕэ олоҕун аныыр. Оччотооҕу уһулар тэрил наһаа ыйааһыннаах уонна улахан буолара. Ону күүстээх киһи эрэ сүгэр, таһар кыахтааҕа.
“Сантаевтар удьуордаан бөҕө-таҕа дьон. Санаалара да модун. Номох баар. Салават Юлаев бастаанньатыттан куотан кэлбит баскыырдар Сунтаар эҥээр олохсуйбуттар. Киҥнэрэ холлубут күрүөйэхтэр кырыктарын олохтоохторго таһаарар, баайдарын-дуолларын уорар-талыыр, атаҕастыыр эбиттэр. Ол сиэрэ-кэрээнэ суох быһыыны-майгыны тохтоппут дьон Хадан Сантаайаптара буолаллар”, – диэн төрдүн-төбөтүн үһүйээҥҥэ сыһыаран, кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтилэр.
Чахчыта да, маннык үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ сырыттахха, киһи ханнык да уочаркатааҕар, биитэр интервьютааҕар суруйуохтаах дьоруойун туһунан элбэҕи билэр. Ол курдук, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын туйгуна, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах кинематографиһа, Арассыыйа суруналыыстарын, итиэннэ кинематографистарын сойуустарын чилиэнэ, Ем. Ярославскай аатынан суруналыыстар өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэрин лаураета Николай Маркович Сантаев 85 сааһынан тэриллибит дьоро киэһэҕэ кини чугас дьоно истиҥ ахтыылары оҥорбуттарын сэҥээрэн иһиттибит. Чуолаан эдэр көлүөнэ – сибээс кэллиэһин устудьуоннара – ыҥырыллыбыттара кэрэхсэбиллээх. Саха Сирин кинематографиятын тыыннаах номоҕун илэ харахтарынан көрдөхтөрө, туох өҥөлөөх киһи буоларын өйдөөтөхтөрө. “Холобур оҥостуохтара диэн эрэнэбит”, – диэтэ илдьэ кэлбит уһуйааччылара, орто анал үөрэх бочуоттаах үлэһитэ, киинэ бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ Полина Николаевна Лепчикова.
Оннук, ыччакка холобур буолар киһи эбээт – Ньукулай Мааркабыс. Кини кимин өссө сиһилии билэргэ анаан бибилэтиэкэлэр бэртээхэй быыстапканы бэлэмнээбиттэр. Олоҕун, айар үлэтин сырдатар чахчылардаах энциклопедиялары, альбомнары, каталогтары, айар айаннарыттан хаартыскалары, “Сэдэх идэлээхтэр” сиэрийэнэн кини туһунан тахсыбыт кинигэни, хаһыакка, сурунаалга бэчээттэммит ыстатыйалары, бэйэтин ааптарыскай матырайаалларын, оннооҕор сүгэ сылдьыбыт 30 киилэлээх штативын көрдөрүүгэ уурбуттар.
-Сөҕөрүм диэн, тыа сирин боростуой уола, туруоруммут соругун ситиһээри, ВГИК курдук курдук аатырбыт кыһаҕа туттарса барбытын. Үөрэнэр кэмигэр Москубаҕа тиийбит биир дойдулаахтарын олус үчүгэйдик көрсөрө үһү. Холобура, мин аҕабын арыаллаабытын, куораты көрдөрбүтүн, күүлэйдэппитин өрүү киэн тутта кэпсиирэ, астына-дуоһуйа саныыра, – диэтэ Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, СӨ үтүөлээх учуутала Руслан Алексеевич Иванов.
— Николай Маркович дойдутугар Сунтаарга кэллэҕинэ, дьонун-сэргэтин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэрэ. Билигин элбэх ыалга кини бэйэтэ бэчээттээн биэрбит хаартыската баар буолуохтаах. Миигин 4 дуу, 5 дуу сааспар түһэрбит эбит, онтуката олох чыҥха атын, олус чуолкай, — СӨ Национальнай архыыбын дириэктэринсолбуйааччы Наталья Степановна Степанова идэтигэр бэриниилээх, үйэлээҕи үксэтэр үтүө айылгылаах киһи сынньалаҥар да туһалааҕы оҥоро, айа-тута сылдьарын бэлиэтээн туран, кини килбиэннээх аатын кытта ситимнээх сибиэдэнньэлэри архыыптан хасыһан булан аҕалбытын туттарда. Онтуката хомсомуолга киирбит дьыалата, култуура министиэристибэтигэр суруйбут араспыыската, киинэ сценарийа, 2 мэтириэтэ, холкуоска үлэлээбит докумуоннара эбит.
Николай Маркович туһунан дьон ахтыыларын хомуйан, дьоһуннаах кинигэни бэлэмнээбит суруналыыс, култуура үтүөлээх үлэһитэ Иван Васильевич Борисов 10 хонук балыс “эдэр доҕорун” наҕараадаларын туох иһин ылбытын быһааран биэрдэ:
– Дьиҥэр, кини баартыйаҕа сыһыана суох киһи. Ол эрээри үлэтин үрдүктүк сыаналаан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамоталарынан бэлиэтэммитэ. Аны, ааптар Павел Николаев, ыытааччы Лира Белолюбская, оператор Николай Сантаев буолан үһүөн киин тэлэбиидэнньэҕэ биэрии бэлэмнээн, онтукалара Москубаҕа биһирэнэн, ол сыл үһүөннэрин Ем. Ярославскай аатынан бириэмэйэ лауреаттара оҥорбуттара. Итиччэ улахан ааттаах-суоллаах киһини кэлин Обком бюрота, Саха АССР киэнигэр буолбакка, тута РСФСР култууратын үтүөлээҕэр түһэрэргэ быһаарар. Онон Ньукулай Мааркабыс 1989 сыллаахха Саха Сирин оператордарыттан бастакынан РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолар.
Бу көрсүһүүгэ кэлбит дьон Николай Маркович оператор идэтин ылбатаҕа эбитэ буоллар, үчүгэй салайааччы буолуохтааҕын араас холобурдарынан бигэргэттилэр.
– Оскуола кэнниттэн дойдутугар Жданов аатынан холкуоска биригэдьиирдээбит. Оччолортон сатаан салайар дьоҕурдааҕа биллибит. Оттон урусхаллаах 90-с сылларга Саха Сирин кинематографистарын сойууһун тэрийэн, барыбытын түмпүтэ. Бэрэссэдээтэл быһыытынан уһун кэмнээх бырайыактарынан үлэлиир соруктааҕа. 1998 сыллаахха хронико-документальнай киинэлэри устар уонна харайар устуудьуйаны тэрийбитэ.
Ньукулай идиэйэ бөҕөлөөх киһи. Кини биир ыра санаата туолла – киинэ павильона тутуллар буолла. Ол эрээри кини Муусука үрдүкү оскуолатын үөһэ Чочур Мырааҥҥа баар ырааһыйаҕа дьэндэйиэн баҕарара. Кэрэ көстүүлээх, куорат тыаһа-ууһа суох, кэлии да дьоҥҥо көрдөрөргө табыгастаах диэн. Ону 66-с кыбаарталга оҥорор буолбуттар үһү. Киинэ бэтэрээннэрин санааларын истиэ хаалбыттар, – диэн санатын эттэ өр сылларга кинофикация кэмитиэтин инженеринэн үлэлээбит ытык кырдьаҕас Виссарион Андреевич Томскай.
Кини И.С. Жараевтыын туруорсан, 1996 с. астарбыт аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай кииниттэн дириэктэр Степан Иванович Москвитин тыл эттэ:
-Биһиги кииммитигэр уопсайа 46 тыһыынча докумуон харалла сытар. Ол барыта судаарыстыба сыаналаах баайа буолар. Онон итини барытын сыыппара киэбигэр көһөрөр сорук турар. Николай Маркович матырыйаалларын биһиэхэ 1998 сылтан биэрэр. Киниэхэ анаан туспа пуонда оҥоһуллубата. 9-с нүөмэрдээх, 181 диэн учуоттаах. Ааҕан көрбүттэрэ, ол архыыптан сылга 50-тан тахса киһи Н.М. Сантаев устууларын, суруйууларын туһанар эбит.
Ол аата Николай Маркович үйэлээх үлэтэ суолтата сүппэт буоллаҕа эбээт. Оттон бу дьарыгар уһуйбут ыччата билигин номнуо бэйэлэрэ ааттаах-суоллаах режиссердар, оператордар. Холобура, Эдуард Новиков. Кини Арассыыйа кинематографистарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Никита Михалков Эҕэрдэ суругун туттарарыгар: “1992 сыллаахха 7-с нүөмэрдээх ПТУ базатыгар “кинооператор мини-телестудий” диэн үөрэх аһыллыбыта. Улаханнык быһаарсыбат киһи онно киирэн, бу Николай Маркович курдук улахан операторга уһуйуллан, салгыы Санкт-Петербурга үрдэтинэн, билигин учууталбыт солообут суолунан айымньылаахтык айаннаан иһэбит”, – диэн махтанна.
“Сахафильм” хампаанньаттан СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Алексей Семенович Романов:
-Аксакалбыт Николай Марковиһы оператор идэтигэр туһаайбыт киһинэн Никандр Саввинов буолар. ВГИК-кэ барыан иннинэ киниэхэ ассистеннаабыта, кинохроника Уһук Илин-Сибиирдээҕи корпуунугар. Н.М. Сантаев, чахчы, оператор буоларга ананан төрөөбүт киһи, бөдөҥө-садаҥа, күүстээҕэ. Мин бастакы киинэбин Ашхабадка устан бүтэн кэлэрбэр, бииргэ үлэлэспит киһим онно аҕыйах күҥҥэ хаалабын диэн, соҕотоҕун 200-тэн тахса киилэлээх аппаратураны соһон, багажка туттарбыппын умнубаппын. Дьэ, оннук ыарахан, бу тыл көнө суолтатыгар туруору эттэххэ, үлэлээх дьоммут. Оттон Николай Маркович өрөспүүбүлүкэбит суола-ииһэ суох нэһилиэктэрин барытын кэриэтэ кэрийэн, оччотооҕу кэм дьонун үйэтиппитэ.
-Урукку өттүгэр Саха Сирин соҕурууҥҥу оператордар кэлэн усталлара. Олор, этэргэ дылы, иһиттэн билбэт буолан, олох-дьаһах тас көстүүтүн эрэ дьүһүйэллэрэ. Оттон бу Николай Маркович курдук бэйэбит уолаттарбыт оператор буолуохтарыттан ыла ураты култууралаах, сиэрдээх-майгылаах, толкуйдаах, кыһалҕалаах, санаалаах-оноолоох норуот буоларбытын ырылхайдык көрдөрбүттэрэ. Н.М. Сантаев уһулар доруойун ис дьиҥин толору арыйар талааннаах. “Сахамиэбэл” тэрилтэни төрүттээбит В.Г. Павлов туһунан наһаа да үчүгэй киинэни устубута. Кырдьыга да, Владимир Гаврилович муҥурун булларбатах сүдү киһи буоллаҕа дии. Ол көҥүл тыынын, модун санаатын бэркэ да тиэрдибит. Ити улахан ускуустуба. Николай Маркович бэйэтэ эмиэ көҥүл уонна дохсун киһи. Ону биир маннык түгэн да кэпсиир: устудьуоннуу сылдьан, сайын каникулугар дуогабарынан альбом оҥорбут. Бэйэтигэр бириинчик киһи туох да кыһаллыбыт аҕай. Ол эрээри баара-суоҕа 50 солкуобайы төлөөбүттэригэр өһүргэн, төттөрү биэрбит. Ол кини бэйэтин исписэлиис быһыытынан сыаналыырын, үлэтин суолталыырын туоһулуур, – диэн судьуйа киһи сиэринэн оруннаахтык сылыктаата үтүөлээх юрист, Ил Дархан сүбэһитэ Игорь Игнатьевич Николаев.
-Николай Маркович уонна Мария Егоровна Сантаевтар олус ыалдьытымсах ыал этилэрэ. Дойдуларыттан билэр-билбэт дьонноро кинилэри ааттаан кэлэ тураллара. Ким да холдьоҕуллубата, барыларын аһатан, хоннорон, оннооҕор үөрэхтэригэр, үлэ булалларыгар сүүрэн-көтөн көмөлөһөллөрө. Оннук киэҥ дууһалаах сайдам-сайаҕас дьон бэйэлэрин төрөппүт 3 оҕолоро билигин бары дьиэ кэргэн тэринэн, дьоһун олохтоохтор. Улахан кыыс Ольга Николаевна Иркутскайга сибээс эйгэтигэр үлэлиир, Лена Николаевна Швецияҕа учууталлыыр. Уола Марк Николаевич историк идэлээх, Дьокуускайга олрор. Ньукулай Мааркабыс наар айаҥҥа, командировкаҕа сылдьара, онон оҕолору, дьиэни көрүү-истии Мария Егоровнаҕа сүктэриллэрэ. Оннук өйүүр, өйдүүр кэргэннээх буолан, Николай Маркович олоҕор элбэҕи ситистэ, – диэн санаатын үллэһиннэ аймаҕа Татьяна Семеновна Сантаева.
Айар үлэтин саҕалаабыт тэлэбиидэнньэтиттэн “Саха” НКИХ дириэктэрин бастакы солбуйааччы Ирина Ефимова, 90-сылларга киинэни оҥорор сыаҕы салайбыт Олег Данилович, Бордоҥҥо бииргэ улааппыт доҕоро, биология наукатын дуоктара Клим Алексеевич Петров уонна Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрин солбуйааччы Василий Борисов эҕэрдэлээтилэр. Сунтаар дьаһалтатын аатыттан Семен Глухарев киниэхэ улуус бочуоттаах бэтэрээнин дастабырыанньатын үөрүүлээх быһыыга туттарда.
Бу санаатахха, кинодокументалист Николай Маркович Сантаев билигин бүтүн судаарыстыба дьарыктанар имидж бэлиитикэтин сүрүннэспит киһи эбит. Ол курдук, үрүҥ эһэлэр быыстарыгар табанан көтүтэ сылдьар дьон курдук биһигини саныыр кэмнэригэр Саха Сирэ сайдар кэскиллээҕин, бириэмэни кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэрин, чулуу-улуу дьоннооҕун, наука, ускуустуба, култуура биһиэхэ эмиэ баарын кэрэһилиир, кэпсиир киинэлэри (барыта 40-тан тахса) устан, киин сирдэргэ, киэҥ эйгэҕэ көдөрөн, норуоппутугар ытыктабыллаах сыһыан олохтоноругар сабыдыаллаабыт, төрүт олохтоох омуктары үтүө өттүбүтүттэн билиһиннэрбит.
Анисия Иевлева,
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ.
Н.М. Сантаев киинэлэрин сигэлэр
https://new.nlrs.ru/open/65850
https://new.nlrs.ru/open/65874
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн.