1 год назад 704
Түмэллэр түмүстүлэр
Эҥсиэли хочотугар Түмэллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи III бэстибээллэрэ буолан ааста. Икки күнү быһа бэрт сэргэх тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт.
Намҥа М.К. Аммосов аатынан Култуура дыбарыаһын биир өттүгэр үс этээскэ киэҥ-куоҥ түмэл, аттыларыгар суруйааччы Н.Рыкунов аатынан модельнай, итиэннэ оҕо библиотекалара бааллар. Онтон атына – кулууп.
Ыалдьыттары сахалыы таҥастаах уолаттар, кыргыттар алаадьынан айах тутан, дэйбииринэн ыраастаан көрүстүлэр.
Бэстибээлгэ култуура миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Иванович Ноев, Нам улууһун салайааччылара кыттыыны ыллылар, тыл эттилэр.
Мусуой дириэктэрэ Александр Иванович Копырин бэйэтинэн экспонаттары көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ.
Аллараа этээскэ Мыымахтан саҕалаан араас матырыйааллар бааллар. Нам улууһун биллэр-көстөр дьоно Максим Аммосов, Илья Винокуров уо.д.а. ыччаттар 1917-1920 сс. “Сырдык” диэн ааттаах илиинэн суруллубут, уруһуйдаммыт сурунаалы таһаара сылдьыбыттар эбит. Онно Саха Сирэ хайдах сайдыахтааҕын иҥин туһунан ыстатыйалары суруйбуттар.
Мыымах диэн саха саарына Дыгын Дарханы, Лөгөйү кытта биир кэккэҕэ турар киһи. Кини норуотун туһугар мындырын, уһуну-киэҥи, ырааҕы-кэскиллээҕи толкуйдуурун сөхтүм. Нуучча хаһаахтарын кытта эйэлээх бэлиитикэни олохтообут, хаан тохторун тохтоппут үтүөлээх.
Түмэлтэн биир сөхпүтүм диэн, хаартыскалары дьэҥкир пластикка уган, ону синньигэс троһунан үөһэттэн муостаҕа диэри иҥиннэрэн ыйаабыттарын. Хас да эрээт истиэнэ курдук.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын хаартыскаларын ыйаабыттара аныгылыы тупсаҕай көстүүлээх. Ону барытын түмэл үлэһиттэрэ бэйэлэрэ толкуйдаан оҥорбуттар.
Хайысхаларынан сэминээр буолла. Эмиэ да бырайыак оҥоро оонньоотубут, ону көмүскээтибит. Тохтобул кэмигэр көрүдүөргэ оҕуруонан киэргэл оҥорууга үөрэтии, саха былыргы оонньуурдарын көрдөрүү уонна хайдах оонньуурга үөрэтии, кэпсээһин.
Ити курдук икки күнү быһа олох киэҥ программалаах тэрээһин буолла. Киэһэ уустар тимири уһааралларын көрдүбүт. Улахан хас да күөртүнэн үрдэрэллэр. Онно өссө сувенир манньыат оҥорон бэлэхтээтилэр.
Балаҕаҥҥа түмэллэр бырайыактарын көмүскээтилэр. Биэс мүнүүтэ иһигэр, онон олох кудуххайдык барар. Ол быыһыгар мин эмиэ кытынным. Миэнэ ”Журавли над Алданом” диэн киинэ этэ. Онтубун көрдөрөргө колонкалара суох буолан, саҥата иһиллибэт эбит. Онон сирэй бардым. Тылбынан кэпсээн көрдүм. Алданнааҕы балык собуота 1942 с. фрону балыгынан хааччыйыахтаах Саха Сиригэр арыллыбыт 31 собуоттан биирдэстэрэ. Онно дойду араас муннуктарыттан үлэһиттэр кэлбиттэрэ. Норуоттар доҕордоһуулара, биир сомоҕолоһуулара Улуу Кыайыыны аҕалбыта. Киинэм иһиллэрэ мөлтөҕүн билбэккэ туран хааллым, бэйэм тылбынан син кэпсиэхпин сөп этэ. Итиччэ барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ оҥорон баран, колонканы уурбатахтар эбит. “Чэ, ничего”, – диибин. Кэлэр сырыыга учуоттаныахпыт буоллаҕа, кинилэр да, биһиги да.
Кириэс Халдьаайы Герой Охлопков аатынан түмэлин бырайыага сүрдээх үчүгэй. Олох турунан туран Охлопков скверин оҥороллор. Барытын саба туппаккын, ол иһин түһүмэҕинэн олоххо киллэрэллэр, граннарга киирсэннэр кыайаннар оҥоттороллор. Түмэл үлэһиттэрэ Саргылана Николаевна Харайданова, Надежда Анатольевна Какаисова бырайыактарын бэрт сэргэхтик сэһэргээтилэр.
Томполору култуура управлениетын начаалынньыга Ирина Михайловна Бодруг уонна Мотрена Германовна Комиссарова салайан илдьэ сырыттылар. Ити Томпо түмэллэрэ улууска аптарытыаттаахтарын туоһулуур уонна улуус салалтата бэстибээл үрдүк суолтатын өйдөөн, өйөөн транспорынан хааччыйан абыраата.
Ол кэннэ оһуохай буолла. Рок музыканнар ”Тыыннаах дорҕоон” кэнсиэртэрэ олох ньиргийэн олорор, бэстибээл кыттыылаахтара үҥкүү-битии. Эҥсиэли киэҥ хочотугар сырдык түүҥҥэ бэртээхэй бырааһынньык буолла.
Сарсыныгар эмиэ араас сэминээрдэри иһиттибит. Тиэмэлэрин үчүгэйдик толкуйдаабыттар, билиҥҥи үлэҕэ сөптөөҕү, туһалааҕы.
Түмэллэр сүрүн үлэлэрэ пуонда буолар, ону хайдах түмэри, учуоттууру, харайары кэпсээтилэр. Түмэл үлэтин стандарта, түмэл култуурунай, үөрэтэр үлэтин саҥа көрүҥнэрэ, Пушкинскай картаны киллэрии, о.д.а. үлэбитигэр олус наадалаах лекциялары иһиттибит.
Бырайыактарынан түмүгү таһаардылар, наҕараадалаатылар.
“Быыстапка бастыҥ бырайыага” номинацияҕа III степеннээх диплом – Тандатааҕы Иван Готовцев аатынан историко-архитектурнай түмэл, II степеннээх диплом – Хомус түмэлэ. Кыайыылаах Петр Сивцев аатынан Нам историко-этнографическай түмэлэ.
“Бастыҥ экспозиция” номинация III степеннээх диплома – Нам улууһун Үөдэй орто оскуолатын Ийэ албан аатын түмэлэ. Иккис степеннээх диплом – Уус Алданнааҕы Сэһэн Ардьакыап аатынан историко-краеведческай түмэл, оттон кыайыылааҕынан Ньурбаттан Ксенофонт Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһууларын түмэл таҕыста.
“Бастыҥ социальнай бырайыак” номинация III степеннээх диплома – Саха Сирин норуодунай түмэлэ, II степеннээх диплом – Муоматааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл. Кыайыылааҕынан Бүлүүттэн Петр Староватов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл буолла.
“Оскуола бастыҥ социальнай бырайыага’‘ – анал номинация кыайыылааҕынан Намтан Түбэ оскуолатын түмэлэ.
Кыайбыттар кубогынан наҕараадаланнылар.
Бэстибээл Нам түмэлин өрөгөй ырыатынан саҕаламмыта уонна ол ырыанан түмүктэннэ.
Өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын үлэһиттэрэ мустан, ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа үллэстэн, лекция истэн, сэминээрдэргэ дьарыктанан, инникитин өссө хоннохтоохтук үлэлииргэ эрэллээх тарҕастылар. Тэрийээччилэргэ ис сүрэхтэриттэн махтаннылар уонна бэлэм автобустарга олорон, ытык Эҥсиэли хочотуттан куораттыыр аартыгы тутустулар.
Мария Неймохова.
09.06.2023 с.