1 год назад 333
Музей нэдиэлэтэ түмүктэннэ
Мэҥэ Алдаҥҥа музей тэриллибитэ 45 сылын бэлиэтиир Музей нэдиэлэтэ үөрүүлээх киэһэнэн түмүктэннэ.
Хабыс-хараҥа сыанаҕа маҥан араас экспонаттар сырдыы сыдьаайаллар. Онно маҥан футболкалаах, бэрчээккилээх, кроссовкалаах эдэркээн уол киирэн, экспонаттары сөҕө көрөр, олор хамсаан кэлэллэр. Онтон элбиих-элбэх маҥан лыахтар көтөн киирэллэр, сапсыналлар, уопсай үөрүү-көтүү бырааһынньыга буолар.
Маннык кэрэ көстүүнү мин саҥа көрдүм. Бу кыра бөһүөлэк кулуубугар наһаа фантазиялаах кэлэктиип дириэктэр Елена Геннадьевна Степанова салалтатынан үлэлииллэр. Бу кэрэ көстүүнү уус-уран салайааччы Роман Егорович Тырахинов диэн эдэр режиссер Петербурга олорон туруорда. Онно кини үөрэҕин сессиятыгар сылдьар. Итини тэрийэргэ сүбэ мунньаҕы 11 ч. тэрийэн ыыппыппыт. Ромаммытын утуйа сытар киһини (Питергэ сарсыарда 5 ч буоллаҕа) туруоран, видеосибээскэ холбоон кэпсэттибит. Роман Егорович барытын быһааран, ыйан-кэрдэн биэрдэ. Мин төбөбөр соччо батан киирбэтэҕэ. Онтум наһаа үчүгэй көстүү эбит.
Онтон Александр Николаевич Тарасов музей туһунан ”Нам – 45” диэн киинэтин көрдүбүт. 10 мүнүүтэ иһигэр 45 с. үлэ барыта көһүннэ. Музейы төрүттээбит оччотооҕу оскуола дириэктэрэ, РСФСР үтүөлээх учуутала Пантелеймон Романович Дарбасов, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Давыд Афанасьевич Томтосов, музейга үлэлээбит Алексей Николаевич Ефимов, СӨ үтүөлээх учуутала, музейга өр кэмҥэ дириэктэрдээбит Зинаида Давыдовна Тарасова тустарынан истиҥник-иһирэхтик ахтылынна.
Уруккулуу дакылаат оннугар киинэ устан көрдөрүү аныгылыы сэргэх, үчүгэй эбит. Томпо улууһун салалтатын аатыттан Томпо улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Степан Александрович Кривошапкин эҕэрдэлээтэ.
Мэҥэ Алдан нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан аҕа баһылык Юрий Юрьевич Комиссаров эҕэрдэлээн тыл эттэ.
Бу дьоро киэһэҕэ З.Д. Тарасоваҕа нэһилиэк саамай үрдүк аатын иҥэрдилэр – Мэҥэ Алдан нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина.
Музей үлэһитэ Антонина Петровна Ефремоваҕа ”Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа сирин култууратын бастыҥ үлэһитэ” номинация кыайыылааҕа диэн сертификаты туттардылар.
Музей үлэһитэ А.Н. Тарасов Томпо улууһун баһылыгын уонна Мэҥэ Алдан нэһилиэгин Махтал суруктарынан наҕараадаланна. Томпо улууһун биллэр уопсастыбанньыга Николай Егорович Ефимов кэс тылын эттэ.
Ити курдук нэһилиэк тэрилтэлэрэ биир-биир эҕэрдэлээтилэр. Ол быыһыгар эҕэрдэ нүөмэрдэр, ырыа-үҥкүү.
СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай поэта Иван Васильевич Мигалкин,
саха норуодунай суруйааччыта, суруналыыс Наталья Владимировна Михалева-Сайа,
саха норуодунай артыыската Зоя Петровна Багынанова, ону тэҥэ 45 сыллааҕыта оскуоланы бүтэрбиттэр видео-эҕэрдэлэрин ыыттылар.
Ити выпускниктар музейга өҥнөөх принтер бэлэхтээтилэр. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет президенэ, педагогическай наука доктора Евгения Исаевна Михайлова эҕэрдэтин ааҕан иһитиннэрдилэр.
Диктордар Александра Пантелеймоновна Захарова, Альберт Альбертович Захаров сүрдээх үчүгэй куолаһынан тэрээһини ыыттылар.
Бүтэһигэр мин үбүлүөйдээх нэдиэлэбитин көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин нэһилиэк олохтоохторугар махтанным уонна актыбыыстарга Махтал суруктары уонна сувенирдары туттардым.
Өрөгөйдөөх күнүнэн үс этээстээх улахан торду уота күндээрбитинэн анньан киллэрдилэр. Чүмэчитин үрэн баран, барыларыгар өлүүлээн түҥэттибит. Оҕолуун, улахан дьоннуун торт сиэтибит. Фойеҕа кымыс, алаадьы бэлэмнээбиппит. Онон олохтоохтор бэркэ сэргэхсийэн, үөрэн тарҕастылар.
Мария Неймохова.
27.05.2023 с.