2 года назад 384
Сырдык сыдьаайдаах эйэҕэс хараҕа өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаах
Күн күбэй ийэбит, тапталлаах эбээбит, хос эбээбит, сэрии сылларын оҕото, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, «Бүлүүгэ үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына Александра Васильевна Афанасьева 1940 сыллаахха ыам ыйын 30 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр Арыылаах диэн бэрт кэрэ айылҕалаах үтүөкэн сиргэ Мария Егоровна уонна Василий Дмитриевич Григорьевтар 5 оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Арыылаах ыраас уутугар сөтүөлээн, киэҥ кэрэ алааһыгар күөлэһийэн улааппыта. Сэрии кэнниттэн эрдэ үлэлээн, хотоҥҥо көмөлөһөн, хонуктаах окко сылдьан, дьонугар улахан көмө киһитэ буолбута.
Үлэтин I Күүлэт нэһилиэгэр медсиэстэрэнэн саҕалаабыта. Олохтоох дьон хайҕабылын ылбыта. Ол эрэн оҕолору сырдыкка-ырааска уһуйар, дьылҕаларын төрүттүүр кэскиллээх үлэҕэ олоҕун аныыр дьылҕата тардан, Бүлүү педучилищетын 1966 сыллаахха бүтэрэн, Бүлүү куоратыгар Бэстээх оскуолатыгар пионер баһаатайынан; 1969-1970 үөрэх сылыттан төрөөбүт дойдутугар интэринээт баспытааталынан, пионер баһаатайынан, домоводство, алын кылаас учууталынан 30 тан тахса сыл үлэлээбитэ.
Домоводство уруогар күрүчүөгүнэн, испииссэнэн баайарга, массыынанан иистэнэргэ, туоһунан киэргэллэри оҥорорго, макраме кистэлэҥнэригэр үөрэппитэ. Кыргыттар инники олохторугар туһанан, дьарык оҥостон, махталлара улахан.
Ис сүрэхтэн тахсар махталы ийэлии истиҥ сыһыанын иһин интэринээккэ олорбут Лөкөчөөн оҕолоруттан тутара. Пионер баһаатайынан үлэлиир сылларыгар сэрии бэтэрээннэрин ахтыыларын хомуйан оҥотторбут альбомнара оскуола музейын күндү экспоната буолан турар.
Үөрэппит оҕолоро кылааһынан олус доҕордуу хаачыстыбаларын сүтэрбэккэ, улахан олоххо да тахсан тута сылдьалларын бэлиэтии көрөбүт. Оҕолору хаһан да мөхпөт-эппэт, тэҥнээх доҕор курдук амарахтык сыһыаннаһара, үчүгэй педагог этэ.
Ийэлээх аҕабыт 1967 сыллаахха эдэр сүрэх тапталынан ыал буолбуттара. Утуу-субуу биһиги – үс кыыс, биир уол төрөөбүппүт.
Ийэбит барахсан минньигэс мичээригэр бигэнэн, сылаас, сымнаҕас илиитинэн угуттанан, начаас улааппыппыт, кынаттанан көппүппүт. Бары олоххо миэстэбитин булан, этэҥҥэ ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн, үлэлии-хамсыы сылдьабыт/
Биһигини бэйэтин холобурунан ииппитэ, бары ийэбит курдук үлэһит, ыраас дууһалаах, үтүө-мааны майгылаах, ыраас туттунуулаах, эйэҕэс хаһаайка, ыалдьытымсах, күлэ-үөрэ сылдьар буолуохпутун баҕарабыт.
Дьоҥҥо да өйдөнон хаалбытынан, ийэбит дьүһүннээх үтүөтэ, майгылаах бастыҥа, үлэһит бэрдэ, истиҥ дьүөгэ этэ. Дьон икки ардыгар сөбүлэҥи, этэҥҥэ буолууну эрэ баҕарара. Хаһан да таах олорбот, сынньаннаҕа диэни билбэт. Ийэбит үөрэҕэ бу сиргэ олохпутун буларга, олохтон дуоһуйууну ыларга, бэйэбитин сыаналанарбытыгар бигэ тирэх, уостубат баай буолар. Аҕабытынаан Семен Иннокентьевичтыын 55 сыл бииргэ олорбут туоһуларын “За любовь и верность” мэтээлинэн наҕараадалааммыттара.
Күндү киһибит кэрэни кэрэхсиир Далбар хотун этэ: имигэс үҥкүүһүт, араас сибэккилэри сөбүлээн олордоро, бастыҥ оҕуруотчут, «Сэргэхсийии» вокальнай ансаамбыл солистката, иис араас саҥа сүүрээнин боруобалаан, баһылыы сатыыра.
Ийэбит барахсан ыарахан ыарыыттан 82 сааһыгар Орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барбыта ыам ыйын 25 күнүгэр 40 хонугун туолар. Уонтан тахса сыл ыалдьыбыта. Ол эрээри тулатыгар мэлдьи үтүө санааны, иһирэх мичээри уонна аламаҕай буолууну сүтэрбэтэҕэ, биһигини харыстыы орто дойдуттан чуумпутук барбыта…
Кини сырдык кэриэһэ, баҕа санаалара суолдьут сулус буолуохтара, сырдык сыдьаайдаах эйэҕэс хараҕа өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаах сылдьыа, таптала биһигини араҥаччылыа…
Кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ