2 года назад 647
Тохтоо, көмүс түгэн…
Муус устар 16 күнүгэр Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар фотограф Гавриил Попов кэриэһигэр ыытыллыбыт “Зимние зарисовки родного края” («Төрөөбүт дойдум кыһыҥҥытын дьүһүйүү») диэн хаартыскаҕа түһэрии оройуоннааҕы куонкуруһун түмүктүүр тэрээһин буолан ааста.
Маҥнай Гавриил Попов туһунан билиһиннэрдилэр. Култуура дьиэтин фойетыгар кини хаартыскаларынан быыстапката турда.
Гавриил Гаврильевич сүрүннээн төрөөбүт дойдутун кэрэ айылҕатын түһэрэр эбит. Ол сөп ээ, Мэҥэ Алдан курдук кэрэ айылҕалаах сир аҕыйах буолуо. Кыыс Амма Алдан өрүскэ түһэр сиригэр олороллор. Ол иһин ураты микроклимат үөскээн, туох да ото-маһа хамсыы-хамсыы үүнэр. Үксэ сэбирдэхтээхтэр: хатыҥ, черемуха, долохуна, рябина, оннооҕор тополь (тирэх мас) кытта баар. Дьэ, ону барытын Гавриил Попов хаартыскаҕа түһэрбит эбит. Сир аһын арааһа, тэллэй, сибэкки…
Сайа Мэҥэ Алдаҥҥа кэлэ сырыттаҕына, Амма өрүскэ илдьэ сылдьыбыппыт. Мотуорканан баран истэххэ, Алдан уонна Амма өрүстэр уулара араастаһыытын сөҕө көрбүппүт. Алдан эбэ будулуйбут уута уонна Кыыс Амма ып-ыраас уута. Тиихэй уонна Атлантическай акыйааннар уулара араастаһыыларыгар майгынныыр.
Амма өрүс кэрэ кытылыгар тахсан, сардаана бөҕө үүнэн турарын көрөн, Сайа: “Биһиэхэ, Сунтаарга, сардаана үүнэр да, маннык бөдөҥ уонна өлгөм буолбатах”, – диэбитэ. Ол сардааналары талааннаах оператор Семен Семенович Васильев киинэҕэ устубута – тэлэбиидэнньэ биир кэрэ хартыыната буола сылдьар.
Дьэ, ол сардааналары Гаврил Гаврильевич хаартыскаҕа түһэрбит ахан.
Гавриил Попов Мэҥэ Алдаҥҥа Гавриил Сергеевич Дарбасов уонна Евдокия Гаврильевна Попова 6 оҕолоруттан саамай кыра уоллара эбит. Ийэтэ олохтон туораабытын кэннэ, ийэтин кэриэстээн, кини араспаанньатын ылыммыт.
Фотограф Гавриил Попов оҕото Леонид Попов 2013 сыллаахха, Хаандыгаҕа Томпотооҕу элбэх хайысхалаах гимназия VII кылааһыгар үөрэнэ сылдьан, эһэтин туһунан өйтөн суруйбутун ааҕабын. Чахчы да, үлэһит дьон удьуора эбит. Аҕата Г.С. Дарбасов – ньирэйи төлөһүтээччи. 1974 сылтан 1980 сылга диэри сэттэтэ Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа. Эттэххэ дөбөҥ, 7 сыл субуруччу диэн. Тоҕус төгүл чөмпүйүөн животновод буолбут. Сэбиэскэй Сойуус норуотун хаһаайыстыбатын ситиһиитин быыстапкатыгар (ВДНХ) кыттар чиэскэ тиксибит, үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт. 1979 с. – «Мастер животновод 1 класса”. Тыыл бэтэрээнэ, “Сэбиэскэй Сойуус Маршала Жуков” уонна үбүлүөйдээх мэтээллэр хаһаайына. Үлэтигэр, чахчы, бэриниилээх киһи эбит. Сиэнэ суруйбутунан, Г.Дарбасов 10 хонуктаах ньирэйдэри ылар уонна олох чаһыынан аһатан, кытаанах режими тутуһан, кыһыл оҕо курдук бүөбэйдээн, начаас төлөһүтэр эбит. Аһылыктарын бэйэтэ астыыр, искусственнай үүтү оргутан, бурдук (комбикорм) булкуйан, тууһаан, кисель оҥорон аһатар. Ону, хайдах эрэ, наһаа минньигэстик, киһи эрэ ымсыырыан курдук суруйбут.
Мин дьүөгэм кэпсиир этэ, оскуола кэнниттэн ыанньыксыттыы сырыттаҕына, оччолорго партия райкомун I сэкирэтээрэ Михаил Ефимович Николаев командировкаҕа кэлэ сылдьан, хотоннору кэрийбит уонна: “Сүөһүгэ биэрэр хааһыны киһи эрэ сиэн баҕарыан курдук минньигэстик астыахтааххыт”, – диэбит. Ону санаан кэллим. Г.С. Дарбасов ньирэйдэрин хас биирдиилэрин көрөн, улахаттар, ортолор, кыралар, саҥа төрөөбүттэр диэн арааран, тус-туспа хаһаанан тутар эбит. Ол иһин ньирэйдэрэ бэйэ-бэйэлэрин мэһэйдэспэккэ аһаан төлөһүйэн, ыйааһыннара улаатар. 1971 с. сууккатааҕы ыйааһына 715 грамм үрдүүр. 1973 с – 620 гр., 1974 с – 841 гр. Ол да иһин чөмпүйүөн буолан эрдэҕэ.
Кыра уола Гавриил хаартысканан үлүһүйэр дьарыктанан, анал үөрэҕи бүтэрэн, оройуоннааҕы хаһыакка фотографтыыр. Үлэһит киһи оҕото сүрэхтээх буолара чуолкай. Ийэтэ Таатта Дэбдиргэтиттэн төрүттээх, эмиэ сүрдээх үлэһит ыанньыксыт эбит.
Гавриил наһаа үчүгэй эйэҕэс майгылааҕа үһү. Тугу барытын сатыыр, уруһуйдьут, уус, сатаабатаҕа диэн суох, оннооҕор наһаа үчүгэйдик баайара үһү. Бииргэ төрөөбүт убайын оҕото Дженифер Дарбасова быйыл ох саанан ытыыга Арассыыйа икки кыһыл көмүс мэтээлин ылбыта. Ол туһунан суруйан турабын. Бары да үтүө дьон эбит.
Айар куттаах фотограф үлэтэ тыыннааҕар үрдүктүк сыаналаммыт:
2014 с. СӨ туризм сайдыытыгар уонна предпринимательство дьыалатыгар министиэристибэтин Бочуоттаах грамотата.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Махтал суруга.
2016 с. ”Томпо улууһун искусствотын, култууратын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” бэлиэ.
2017 с. ”СӨ кинигэ таһаарыы сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” бэлиэ.
2019 с. СӨ Ил Дарханын Бочуоттаах грамотата.
Ити барыта биһиги Гавриилбыт наҕараадалара. Итини таһынан төһөлөөх элбэх дьон, тэрилтэлэр махталларын ылбыта буолуой?! Өссө да айыах-тутуох киһи былырыын бэс ыйын 1 күнүгэр эмискэ бараахтаабыт эбит.
Гавриил Попов кэриэһигэр фотоконкурс 7 номинациянан кэтэхтэн онлайн ыытылынна. Томпо бары нэһилиэктэриттэн кытыннылар.
Кыайыылаахтары билиһиннэрэбит:
Аммосова Елена Пантелеймоновна (Мэҥэ Алдан) “Под бой курантов как в Париже” хаартыската.
Баишев Григорий Вениаминович (Тополинай), “Снегоход хорошо, а олени лучше”.
Винокурова Елена Кимовна (Хаандыга), “Высоко стою – далеко гляжу”.
Жегусова Надежда Васильевна (Кириэс Халдьаайы), “Кэрэ Куо”.
Колодезникова Ирина Романовна (Хаандыга), “Букет от мороза”.
Охлопкова Айталина Макаровна (Кириэс Халдьаайы), “Эффект Мпембы”.
Тарасова Варвара Петровна (Мэҥэ Алдан), ‘”Звездное небо”.
II миэстэ буоллулар:
Диодоров Саша (Хаандыга), Захарова Надежда Васильевна (Мэҥэ Алдан), Русецкая Анна Викторовна (Хаандыга), Филиппова Марина Романовна (Хаандыга).
III миэстэ – Никифоров Степан Андреевич (Хаандыга).
Г.Попов бииргэ төрөөбүттэрин анал бирииһин (“Көмүлүөк” фирма 5000 солк. суумалаах
сэртипикээтин) Тарасова Варвара Петровна ылла.
Саамай саастаах кыттааччы – 68 саастаах Никифоров Степан Андреевич, саамай кыра кыттааччы – 9 саастаах Диодоров Саша. Кинилэргэ Г.Попов дьиэ кэргэнин аатыттан сэртипикээттэри туттардылар.
Бу тэрээһиҥҥэ маҥнай маҕан таҥастаах кыысчаан, нарыннык туттан үҥкүүлүүр, ону фотограф эккирэтэ сылдьан хаартыскаҕа түһэрэр. Онтон Надежда Захарова кэрэ куолаһынан М. Тимофеев тылларыгар, Г. Комраков мелодиятыгар “Туруйалар” ырыаны ыллаан киэргэттэ. Чахчы, киһи дууһатын таарыйар, уйадытар гына ыллаата.
Кыттааччылары Мэҥэ Алдан баһылыга Юрий Юрьевич Комиссаров эҕэрдэлээтэ. Улуус баһылыгын аатыттан Томпо улууһун култуураҕа управлениетын начаалынньыга Ирина Михайловна Бодруг кыайыылаах Аммосова Елена Пантелеймоновнаҕа, Г.Г. Попов үлэлээбит хаһыатын аатыттан Винокурова Елена Кимовнаҕа эҕэрдэ суруктары, бириэмийэлэрин туттардылар.
Талааннаах фотограф Гавриил Гаврильевич Попов, чахчы да, көмүс түгэни таба тутан, үйэтитэн, хаартыскаҕа түһэрэн, дьонугар-сэргэтигэр үйэлэргэ хааллардаҕа, бэлэхтээтэҕэ, туман буолан симэлийэриттэн быыһаатаҕа.
Семен Данилов ырыатыгар эппитинии:
“Тохтоо!
Тохтоо, көмүс түгэн!
Туман буолума,
Туман буолума!”
Мария Неймохова.
17.04.2023 с