2 года назад 1053
Кэрэ кэпсээн кэһиилээх
Бу дьыл муус устар 8 күнүгэр Томпо оройуонун Мэҥэ Алдан Е.П. Неймохов аатынан агротехнологическай орто оскуолатыгар “Кэпсээн – литература кэрэхсэбиллээх жанра” диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол ыытылынна.
Филологическай наука дуоктара, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора Василий Васильевич Илларионов кэргэнинээн, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Мария Семеновна Илларионовалыын кыттыыны ыллылар.
Олохтоох музей үлэһиттэрэ, кулун тутар 30 күнүгэр Егор Неймохов төрөөбүтэ 73 сыла туоларынан сибээстээн, тэттик кэпсээн суруйуутугар оскуола оҕолоругар кэтэхтэн онлайн күрэх ыыппыттара. Ол айар куонкурус түмүгүн таһаардылар.
Оскуола дириэктэрэ Т.Е. Ордахова ыалдьыттарга оскуолатын көрдөрдө, оҕолор норуодунай суруйааччы Е.П. Неймохов, экэнэмиис учуонай В.Р. Дарбасов айар үлэлэрин билиһиннэрдилэр, Мэҥэ Алдан туһунан кэпсээтилэр, оҥоһуктарын көрдөрдүлэр.
Айымньы туһунан аһаҕастык
Кэпсээн туһунан ыалдьыттар сүбэ биэрдилэр, В.В. Илларионов доҕоро Егор Неймохов туһунан аҕынна. Педагог Мария Семеновна Е.Неймохов “Таптал түөрт кэмэ” кинигэтигэр киирбит кэпсээннэри ырытта.
Филологическай наука дуоктара, профессор В.Б. Окорокова: “Егор Неймохов – кэпсээн маастара”, – диэн сыана быспыта оруннаах. Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Руфов этэр буолара: “Дьөгүөр, эн кэпсээннэргин сыттыгым анныгар укта сылдьан минньигэһиргэтэ- минньигэһиргэтэ ааҕабын, Иван Бунин кэпсээннэрин курдук”. Кырдьаҕас суруйааччы мээнэҕэ эппэт, билэн этэр.
Саха киһитэ урут «дорообо» диэбэт, «кэпсиэ» диир этэ. Онуоха көрсүбүт киһитэ хайаан да: «Суох, эн кэпсиэ», – диэн хардарара. Дьэ, ол эрэ кэннэ төһө баҕарар уһуннук кэпсэтэллэрэ. Оччолорго сахалар алаастарынан тарҕанан олорор буолан көрсөр түгэннэрэ бэрт сэдэҕэ, онон кэпсээн да мунньуллан эрдэҕэ.
Ити «суох, эн кэпсиэ» диэн этии саха ис култууратын көрдөрөр. Бэйэтэ кэпсиирэ элбэх буолуо эрээри, ону кэпсэтэр киһитигэр туһаайар, бастакынан кэпсииригэр кыах биэрэр.
Ити курдук кэпсээн саха хааныгар баар быһыылаах. Ону кэлин саха дьоно үөрэхтэнэн, сурукка тиһэн, суруйааччылар үөскээтэхтэрэ.
Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына Иннокентий Васильевич Степанов диэн бэртээхэй учуутал саха тылыгар үөрэтэрэ. Биирдэ уруокка Аркадий диэн уолтан: «Роман диэн тугуй?” – диэн ыйытта, онуоха уол: «Кэпсээн буолан баран, элбэх лиистээҕэ роман диэн буолар», – диэн хардарбыта. Күлүстүбүт аҕай. Онуоха учууталбыт: «Сыана буолан баран аҕыйаҕын “иккини” биэрэбин», – диэбитэ.
Кэпсээн наһаа уустук жанр. Кылгас кээмэйгэ сүрүн санааҕын ситэрэн- хоторон, киириитин (завязкатын), тыҥааһыннаах түгэнин (кульминациятын), түмүгүн барытын биэрэн, өссө ааҕарга кэрэхсэбиллээх гыныахтааххын. Ол уустук сорук.
Кэпсээни, атын да айымньыны суруйарга төрүөт, сюжет наада. Ону олоҕугар буолбут түбэлтэни ылыахтарын сөп, биитэр үчүгэй кэпсээни иһиттэхтэринэ, айымньыны аахтахтарына, санаа киириэн сөп.
Үчүгэй сюжеты суруйааччылар бэлэхтэһэллэрэ баар суол. Холобура, Н.В. Гогольга “Ревизор” кэмиэдьийэтин сюжетын А.С.Пушкин биэрбитэ диэн кэпсээн баар. Ол курдук, саха норуодунай суруйааччыта Далан тэлэбиисэр туһунан сюжетын Егор Неймоховтан ылбыта.
Биһиги эргэ мас дьиэҕэ олордохпутуна, тэлэбиисэрбит алдьанна. Онуоха аҕабыт: “Ээ, Баасканы ыҥырыахха, кини начаас оҥоруо”, – диир. Ол физматы бүтэрбит тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах табаарыһын этэр. Киһибит кэлэн тэлэбиисэрбитин талкыйар, араастаан эрийэн таһырҕатар. Олох улуу ойуун курдук туттар. Киһибитин үчүгэйдик аһаттыбыт. Бааскабыт кыайан оҥорбото. Сарсыныгар телемаастары ыҥыран, үс солкуобайга оҥоттордубут. Хайа эрэ лаампата умайбыт эбит. “Маастарбытыгар” бэҕэһээ оннооҕор элбэх харчыга ас тартахпыт дии. Инньэ диэн үлэтигэр “Хотугу сулус” эрэдээксийэтигэр кэпсээбитигэр, Далан наһаа күлбүт уонна: “Мин туһанарбын көҥүллүүгүн дуо?” – диэн көрдөспүт. Далан ол кэпсээнэ “Кэриэн ымыйа” диэн 1988 с тахсыбыт кинигэтигэр 194 стр. киллэрбит этэ.
Тэттик кэпсээҥҥэ күрэх түмүгэ
Тэттик кэпсээн күрэҕэр Кириэс Халдьаайы, Саһыл, Мэҥэ Алдан оскуолаларын оҕолоро көхтөөхтүк кытыннылар.
Күрэх түмүгүн жюри бэрэссэдээтэлэ, история уонна обществознание учуутала, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Светлана Алексеевна Винокурова таһаарда уонна киирбит үлэлэри ырытта.
I м – Фролкин Тимур, VIII кылаас, Саһыл орто оскуолата;
II м – Кривошапкин Юра, VI кылаас, Мэҥэ Алдан орто оскуолата;
III м – Неустроева Виолетта, VI кылаас, Кириэс Халдьаайы орто оскуолата.
БИҺИРЭБИЛ бириис:
1. Булдаков Эрхан, VII кылаас, Саһыл орто оскуолата.
2. Охлопкова Лана, VI кылаас, Мэҥэ Алдан орто оскуолата.
Учууталлар:
1. Харайданова Ирина Ивановна (Кириэс Халдьаайы).
2. Сидорова Сардаана Константиновна (Саһыл).
3. Григорьева Екатерина Егоровна (Мэҥэ Алдан).
Кыайбыт оҕолор мэтээллэринэн, дипломнарынан наҕараадаланнылар, бары туоһу сурук туттулар. Кэргэннии Илларионовтар кэс тыллара оҕолор инники айар олохторугар суолдьут сулус буолара саарбаҕа суох.
Дириэктэр Т.Е. Ордахова ыалдьыттарга олохтоох дьаһалта уонна оскуола аатыттан Махтал суругу туттарда, Мэҥэ Алдан туһунан кинигэ бэлэхтээтэ.
Биллэр-көстөр дьоммут – киэн туттуубут
Эбиэттэн киэһэ ыалдьыттар Е.П. Неймохов аатынан литератураны уонна кыраайы үөрэтэр музейга сырыттылар, астына көрдүлэр. Ыалдьыттар Мэҥэ Алдаҥҥа сыһыаннаах, төрүттээх биллэр-көстөр дьоммутун сырдатар стендэни сэҥээрдилэр.
В.А. Штыров Мэҥэ Алдан Рыб диэн сиригэр төрөөбүтэ. Ийэтэ, геолог дьахтар, тайҕаттан тахсан, 1953 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр Рыбка баар медпууҥҥа оҕоломмут. Ити кэмҥэ хаайтарыы, өрүһүнэн суол, сырыы суох. Хаандыгаҕа ГУЛАГ “Дальстрой” эрэ тэрилтэтэ баар эбит. Хаандыга бөһүөлэк тутулун 1957 с. ылар, 1958 с. биирдэ Поссовет саҥа тэриллэр. Эппиккэ дылы, саҥа төрөөбүт оҕону суруйар да Сэбиэт суох.
Оттон ол Мэҥэ Алдан Рыбыгар Алданнааҕы рыбзавод 1942 с. фрону балыгынан хааччыйыыга анаан тэриллэр. Араас дойдуттан киһи бөҕө кэлэн, обороннай собуокка үлэлиир. Үлэһиттэри эмтииргэ медпуун аһыллар. 4 кылаастаах нууччалыы оскуола, маҕаһыын үлэлиир.
1942 с. 10 күн иһигэр Е.П. Колодезников-Бөскөөнчө биригээдэтэ 847,8 киилэ балыгы туттарар. 1943 с. сыччах биир күҥҥэ, балаҕан ыйын 5 күнүгэр, П.Колодезников биригээдэтэ 637 киилэ балыгы хаптарар.
Рыб олох күөстүү оргуйар киин буолар. Оннук наһаа бултааннар, өрүс балыга биллэ аччыыр. Сэбиэскэй Сойуус Геройа кэлин буолбут биллиилээх снайпер Ф.М. Охлопков 1946-1950 сс. ССРС Верховнай Сэбиэтин депутата буола сылдьан, балык собуотун саптарар туһунан туруорсан көрөр да – аккаастыыллар. Сталин өлбүтүн кэннэ эрэ 1956 с. балык собуота сабыллар. Ол дьиэлэри салгыы туһанаары өрөмүөннээн баран, 1957 с. оройуоннааҕы тубдиспансеры арыйан үлэлэтэллэр. Онно сэрии иннинэ Омскайга мединституту бүтэрбит киэҥ билиилээх кэргэннии быраастар Вера, Петр Чечеллэр кэлэн, 8 сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлииллэр. Олохтоохтор ытыктабылларын ылан, Вера Чечель райсовет депутатынан, Петр Чечель Мэҥэ Алдан нэһилиэгин сэбиэтин депутатынан быыбарданан үлэлииллэр. Кинилэр дойдуларыгар барбыттарын кэннэ, 1965 с. Егор Петрович эдьиийэ Тамара уонна күтүөтэ Василий Константиновтар медфагы бүтэрэн кэлэн, 1972 с. тубдиспансер Хаандыгаҕа көһүөр диэри үлэлииллэр.
Дьоҕус бөһүөлэккэ чаҕылхай дьон олорон үлэлээн ааспыттара, ону киһи барыта билбэт. Ол курдук, Президент В.А. Штыров 50 сааһын Рыбка бэлиэтээбитэ, төрөөбүт түөлбэм диэбит буолуон сөп. Онно сыал ытыыга күрэхтэһии тэрийбитигэр, Мэҥэ Алдан киһитэ бастаабытыгар, үчүгэй сааны бириис быһыытынан бэлэхтээбит этэ.
Аны М.К. Аммосов аатынан ХИФУ президенэ Евгения Исаевна Михайлова 7 сыл Мэҥэ Алдан орто оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээн, барыларын билсэн, истиҥник саныырын куруук ахтан ааһааччы, кыах баар буоллаҕына, куруук көмөлөһөөччү. “Якутскэнерго” АК ген. дириэктэрэ А.А. Стручков, “Сахатранснефтегаз” ген. дириэктэрэ А.З. Колодезников, баартыйа Обкомун сэкирэтээрэ, Обкомол I сэкирэтээрэ А.А. Томтосов, Ленинграды көмүскээбит морской флот хапытаана, сэрии бэтэрээнэ П.П. Березин Мэҥэ Алдантан тымыр-сыдьаай тардаллар.
РФ үтүөлээх бырааһа, травматолог А.Н. Комиссаров, саха тэлэбиидэнньэтин, араадьыйатын көмүс куолаһа, диктор Эдуард Рудых, Опера тыйаатырын солиһа, бас куоластаах СӨ үтүөлээх артыыһа Егор Колодезников, Саха тыйаатырын биир кэрэ, эдэр, талааннаах артыыската Айта Лавернова, кик-боксаҕа аан дойду 3 төгүллээх чемпиона Иннокентий Макаров, көҥүл тустууга аан дойду кылаастаах спорт маастара Михаил Протопопов, “Хара мааска” киинэҕэ Күүстээх Дэһээккини, “Тыгын Дархаҥҥа” Лөгөйү оонньообут Петр Саввин, “Мисс Якутия-1998”, “Мисс Якутия-2003” Мария, Наталья Колодезниковалар уо.д.а. – бары Мэҥэ Алдан ыччаттара. Ону туоһулаан, музейга үтүө дьоммут мэтириэттэрэ стендэҕэ турарын дьон кэрэхсээн көрөллөр.
Илларионовтар музейы налыччы, бэркэ астына көрөн бардылар. Ити курдук субуотаҕа Мэҥэ Алдаҥҥа күммүт бэрт кэрэхсэбиллээхтик, ис хоһоонноохтук ааста.
Мария Неймохова.
09.04.2023 с.